Ааспыт кыһын ырдьаччы тоҥо-тоҥо: “Ычча-аа, аны сайын курааннаан, кууран-хатан буһан өлөр, уокка умайар дьон буоллубут”,— дэһэн көҕүйсэ-көҕүйсэ куолулаабыппыт сэттээх-сэмэлээх буолла. Мөлүйүөнүнэн гаалаах тыабыт-ойуурбут, сирбит уоппут, Сахабыт сирин бүтүннүү кэриэтэ, Анаабыр, Эдьигээн, Өлөөн уһук хотугу улуустарга тиийэ умайан күүдэпчилэннэ, буруо-тараа, ыыс-быдаан саба халыйда. Күн өлөр, күһэҥэ быстар күннэрэ-дьыллара бүрүүкээтилэр.
“…Оччо сыллаахха, улуу мотуок буолбут дьылыгар” диэн өбүгэлэрбит, кырдьаҕастар ахталларыныы, быйылгы сайын “үлүгэрдээх өрт уота өрө турбут сайына” диэн эмиэ көлүөнэттэн көлүөнэҕэ бэриллэн, үйэлэргэ кэпсэлгэ сылдьыаҕа буолуо. Күн бүгүн, исписэлиистэр сыаналыылларынан, үрдүк 4-5-с кылаастаах кутталлаах быһыы-майгы Уус Алдан, Эдьигээн, Ньурба, Өлөөн, Хаҥалас, Өлүөхүмэ, Горнай улуустарыгар суоһуур.
Өрөспүүбүлүкэбит сиригэр-уотугар 171 баһаар бара турар. Айылҕа иэдээннээх кимээһинин, уодаһыннаах дьайыытын саба баттыырга уоттаах сэрии толоонугар 2 тыһыынчаттан тахса киһи, 300-тэн тахса тиэхиньикэ арааһа хорсуннук туруулаһар. Сууккаҕа 11 баһаар бохсуллар, 8 умуруоруллар да, “кытарар” сэриитэ бэриниэн баҕарбат, кураан, тыал сойууһунньуктанан атын сирдэринэн эбии уонча сиринэн күөдьүйэн тахсар.
Ил Дархаммыт Айсен Николаев “итии туочукаларынан” бэйэтинэн сылдьан быһаччы дьаһайан, дойду үрдүкү салалтатыгар дьайымтыалаахтык үлэлэһэн, этэр тыла дьоҥҥо-норуокка тиийэн, уоту утары охсуһуу судаарыстыба, бүтүн норуот хамсааһынынан буолбута балаыанньа илиигэ ылылларыгар, туруктанарыгар эрэли үөскэтэр. Норуот күүһэ – көмүөл күүһэ диэн мээнэҕэ этиллибэт. Баһаар уота ыган
кэлбит сирдэригэр нэһилиэнньэ эдэрдиин эмэнниин бүтүннүү турунна. Сураҕын иһиттэххэ, бэл, Үөһээ Бүлүү Кырыкыйыгар, Уус Алдан Кылаайытыгар дьахталлар барахсаттар уоту умуруора сылдьар дьонноругар баардарынан-суохтарынан ас астаан илдьэллэр, үссэннэрэллэр-аһаталлар эбит. Баҕа өтүлэринэн баһаары умуруорууга кыттааччылар ыстааптара анал этэрээттэри сүүмэрдээн Кэбээйинэн, Горнайынан ыыталаатылар, салгыы дьаһаналлар.
Кыахтаах предпринимателлэр, ырыынак-биисинэс эйгэтин аптарытыаттара үбүнэн-харчынан, наадалаах матырыйаалларынан, тэрилинэн, тиэхиньикэнэн көмөлөһөллөрө төрөөбүт дойдуга, норуокка таптал, бэриниилээх буолуу, патриоттуу санаа тыыннаах холобурунан буолар. IT-технологиянан аан дойду ырыынагын баһылаабыт maitonalar хас да мөлүйүөн солкуобай суумалаах ботуччу көмөнү оҥорбуттарын сөҕө-махтайа истибитим.
Ол гынан, кырдьаҕас киһи бэккиһээн, кэлэйэн аҕай олоробун. Мөлүйүөнүнэн, миллиардынан үбү-харчыны дохуотура, хамната олорор арыгы атыылааччыларбыт маннык ыксаллаах балаһыанньаҕа сиэптэрин, кумааһынньыктарын, сиэйпэлэрин ыбылы хатаан, “биһиги туохпут дьыалатай” диэн түҥнэри хайыһан олороллоро өйдөммөт. Төһө эмэ өрөспүүбүлүкэ салалтатын өртүттэн кинилэргэ дьыалабыай этии киирбитин үрдүнэн, сыыҥтыахтарын даҕаны баҕарбаттар. Соҕотох Дьокуускай куоракка арыгы атыытын ырыынагын 154 кыттыылааҕа 433 кыраадыстаах утаҕы атыылыыр маҕаһыыннаах, туочукалаах, аныгылыы Алкомаркет диэннээх. Итинтэн аатырар “Ремикс” 1,5 миллиард, “Больше-меньше” дискаунтер 1,3 миллиард солкуобай дохуоттаахтар! Мөлүйүөнүнэн мөскөҥнөһөөччүлэр тустарынан этэ да барыллыбат. Дьэ, бу хайдаҕый…
Биэтэс Билээхэп