Биэтэс Билээхэп: Силиэстийэлэниэн, дьыала тэриллиэн наада

Ааптар: 
23.04.2023
Бөлөххө киир:
Дьокуускайбыт биир саамай сырыылаах, түүннэри-күнүстэри оргуйа, өрө бирилии олорор Чернышевскай уулуссатын сыттана сытар дьиэҕэ үөһээ этээскэ олорор буоламмын, кэҥэс өстүөкүлэ-пакыат түннүкпүнэн сотору-сотору “иэхэй, иэхэй!” бөҕөнү түһэрэн, үөрбүттүү мичилиҥнээн-чыпчылыҥнаан, күлүмүрдээн-сандааран элэстэнэр уруккунан ГАИ массыыналарын мэлдьи көрөбүн. Үөрэнэн хаалбычча, “эмиэ харсыстахтара, киһини түҥнэри көттөхтөрө...” диэн өрө тыына хаалабын.

Онто суох абааһы батсаап ситимэ толору: онно абаарыйа буолбут, киһи тыына быстыбыт, манна харсыспыттар, итиннэ киһини, оҕону түҥнэри көппүттэр…  Куораппытыгар сырыы-айан, тырааныспар инфраструктурата сайдан, аспаал иэннээх уулуссаларбытыгар киһитээҕэр элбэх тигинэс тиэхиньикэ, дьоппуон омук массыыналара былааһы ыллылар. Урууллаан иһээччилэрэ биримээнэ дьоппуон камикадзе-лүөччүктэрин курдуктар. Боруоба, сааскы халаан халҕаһа мууһун курдук кимирийэ-хабырыйа устар уулуссаҕа киирэн биэр эрэ, бүттэҕиҥ…

Соторутааҕыта батсаапка “Саха сирэ” хаһыат кэрэспэдьиэнэ Ульяна Захарова Дьокуускайга Билибин уулуссатыгар 23 саастаах “камикадзе” -бадьыытал 9 саастаах оҕону түҥнэри көппүтүн туһунан иһитиннэриитин аахпытым санаабыттан арахпат. Оҕо эрэйдээх, кэм да, уулуссаны аналлаах сиринэн буолбакка, үлүбээй туораары киирэн биэрээхтээбит. Мэнигийээн оҕолор тустарынан этэ да барыллыбат, бэл, улахан дьон көрөн туран киирэн биэрэн быстараллар.

Сөхпүтүм диэн, бу 23 саастаах, баара эрэ биир сыл ыстаахтаах “камикадзе”-бадьыытал ааспыт сылга массыынаны ыытыы быраабылатын кэһэн 22 төгүл административнай эппиэтинэскэ тардыллыбыт! Бу туох алдьархайай, тоҕо элбэҕэй. Ити тухары ГИБДД-лар, анал хамыыһыйа тоҕо төрүкү бэрээдэгэ, эппиэтинэһэ суох саҥа саҕалаан эрэр бадьыыталы төбөтүттэн имэрийэ-имэрийэ сүүрбэттэн тахса төгүл көннөрү миэрэлээбитэ буолуунан муҥурданнылар, быраабын былдьаабатылар, уруулга олорорун кэмигэр тохтоппотулар?

Маннык ыар түбэлтэ тахсыбыт биричиинэлэринэн дьыала тэриллэн, силиэстийэлиир уорганнар, борокуратуура дьарыктаныахтарын наада дии саныыбын. Наада диэтэхтэринэ, уорганнарбыт “кыраҕылара” киирэр: от соһор стоговоһун түөрт тииһин саҥардыммыт тырахтарыыһы билиэтэ суох мас кэртиҥ, айылҕаҕа хоромньуну таһаардыҥ диэн хас эмэ тыһыынчанан ыстарааптыыллар…

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0