Биэтэс Билээхэп: Салаҥ тымныыга саахсаламмыппыт

Ааптар: 
26.12.2022
Бөлөххө киир:

Дьэ, доҕоттоор, эмэнсийэн да олорон эдэр сааһы эргитиэххэ сөп эбит. Манныгы этэн эрдэхтэрэ, дьол диэн. Оҕолорбут, сиэннэрбит барахсаттар тэрийэннэр, оҕонньордоох эмээхсин бииргэ олорбуппут 50 сылынан Дьокуускай куорат саахсатыгар иккистээн саахсаланнахпыт үһү. Олус диэн долгуйа, үөрэ туоһулуур докумуон, өйдөбүнньүк бэлиэ туттубут. Дэлби “горько!” бөҕөнү түһэрэннэр, умнан кэбиһэн баран, уоллаах-кыыс курдук кыбыста-кыбыста уоспутунан даҕайсан уураһан ыллыбыт ээ…

Үйэ аҥаарын анараа өттүгэр, эмиэ баччаларга, 50-тан тахса кыраадыс, бурҕаҥнатан тымныы да этэ. Хааман иһэн тыыммыт хоп-хойуу, тыбыс-тымныы салгыныҥ кулгаахтарыҥ таһынан сырдьыгыныы хаалара, ииктээбитиҥ быа курдук хороччу тоҥон тахсыбытын туора тэбэн кэбиһэриҥ. Биһиги кыра дэриэбинэбит, миллионер сопхуос кыахтаах үлэлээх отделениета икки көһү чугаһатар тэйиччи Дэхси сиэлсэбиэтин иһигэр киирэрэ. Онон олохпут-дьаһахпыт боппуруостара онтон быһаччы салаллара, быһаарыллара.

Сыбаайбалаан баран, ол сиэлсэбиэппитигэр саахсалана барар буоллубут. Эрэллээх доҕотторбут Өлөксөй, олохтоох оҕо саадын баспытаатала Сибиэтэ туоһулар буолан барыстылар. Оччолорго массыына диэн кэлиэ дуо, убайбыт Федоров Николай Петрович – чахчы норуот суоппара Ньукулах Аллараа Бэстээхтэн килиэп таһар массыынатын буудкатыгар эрэһиэҥкэ, лотуоктар быыстарыгар кыбыллан, симиллэн айаннаатыбыт. Кэргэним барахсан, долгуйуу бөҕө. Киинэҕэ көрдөрөллөрүн курдук, үөрүүлээх быһыы-майгы, эписсийээлинэй тэрээһин буолуо дии санаахтыыр быһыылаах.

Тиийбиппит, мунньах буола турар, кэтэһиҥ диэн буолла. Сэбиэт хонтуората олохтоох Култуура дьиэтигэр баар буолан, сүпсүлгэн үлүгэрэ. Киирии-тахсыы, сүүрүү-көтүү бөҕө, харытын ортотунан аҥаар илиитэ суох кыыс эр дьону кытта тэҥҥэ остуол тенниһигэр оонньуурун сөрү диэн сөҕөн турабын. Мунньах бүтэн, дьон бэргэһэлэрин-үтүлүктэрин кэтэ-кэтэ таһырдьаны былдьастылар. Ыыс-быдаан хос иһигэр киирбиппит, хас да оҕонньор хамсаларын туора уобан олороллор, түгэххэ буҕаалтыр быһыылаах, суот тардан лаһырҕатар.

– Хайа, кэллигит дуу, манна илиигитин баттааҥ, – диэн Сэбиэт бэрэссэдээтэлэ, кырдьаҕас таайым Уйбаан Ньукулаайабыс Уйбаныап халыҥ сурунаалы арыйан иннибитигэр үҥүлүттэ. Сибидиэтэллэрбитинээн төрдүөн илии баттаатыбыт. Бэрэссэдээтэл: “Чэ, эҕэрдэлиибин, дьоллоохтук, уһуннук олоруҥ”, – диэн саахсаламмыппытын туоһулуур сибидиэтэлистибэни туттарда. “Манан бүттүбүт” диэбиттии сурунаалын сиэйпэтигэр уган кэбистэ.

Кэргэним наһаа да хомойбута, бэккиһээбитэ, саҥатыттан матан хаалбыта. Билиҥҥээҥҥэ диэри онтукайын санаатыгар тута сылдьар. Килиэп массыынатынан кэлбит дьон, дэриэбинэбитигэр сатыы төннөн чоочугураспыппыт. Тымныыбыт өссө сытайбыт курдуга, Өлөксөйбүнээн кыргыттарбыт эрэ үлүйбэтэллэр ханнык диэн сэрэхэдийэбит. Хата, Сибиэтэбит саха ынаҕын курдук, тулуура сүрдээх. Кыламаннара, иэдэстэрэ кырыаран баран, дьүөгэтигэр кыһаллар, көрөр-истэр. Кэргэним Сибиир кыыһа да буоллар, Саха сирин томороон тымныытын тулуйаахтаабат, тобуктара тоҥон ыксатан, эр дьон буоллахпыт, саал былааттарбытынан суулуу баайан, дөйүөрэ тоҥмут киһини өйөөн-убаан дьиэбитигэр аҕалбыппыт.

Ити курдук, үйэ аҥаара бииргэ олорон кэлэн да баран, биһигини сиэлсэбиэт буолбатах, төрөөбүт дойдум салаҥ тымныыта саахсалаабыта диэн этэбин.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0