Номоххо киирбит норуот тапталлаах дьоруойа, комдив Василий Иванович Чапаев Оробуочай-Бааһынай Кыһыл Аармыйа үрдүкү үөрэҕин кыһатыгар – академияҕа үөрэххэ киирии эксээмэннэрин туттара сылдьан, бэрт саппаҕырбыт көрүҥнээх ыстаабыгар киирэн кэлэр.
— Хайа, Василий Иванович, академияҕа киирдиҥ дуо?—ординареһа Петька, бүлүмүөччүк Анка ыйыта тоһуйаллар.
— Кылаабынайа, убаҕаһым, хойуум анаалыстарын туттаран баран, II-III интернационаллар боппуруостарыгар доҕолоҥноон хааллым, — курун төлөрүтүнэн, бэстилиэтин, саабылатын киэр илгэр, ырбаахытын уолугун хайа тардынан, тимэхтэрэ ыһыллаллар…
Чаппаай Бааска бүгүн табыллыбатах күнэ буолла. Булдун саатын илдьэ сылдьар, харайар көҥүлүн болдьоҕо бүтэн, онтукайын уһаттараары хара сарсыардаттан тилэхтэрэ элэйиэр диэри ханна утаарбыт сирдэринэн сүүр да сүүр. Иирээки, “бырахтарбыт”, наркамаан, буор арыгыһыт буолбатаҕын бигэргэттэрээри психиатр, нарколог исписэлиистэри тылын былас түһэрэн куораты биир гына ирдээн булан, ол-бу үтэн-анньан көрөр доппуруостааһыннарыттан кыньахана, ньиэрбинэйдии сыстар да, эппиэттэһэн, ботуччу сыаналаах наадалаах ыспыраапкаларын син ылла. Аанньалларга майгыннаабат үрүҥ халааттаахтар олорон эрэн балтараа тыһыынча курдугун туура тутан ыллылар.
Аны бастакы бэликилииньикэҕэ медхамыыһыйаҕа харах, кулгаах быраастарыгар анньыһан киирэн, сыыппаралары көрөн, сибигинэйэллэрин истэн, икки тыһыынча курдугун ууран биэрэн, “Доруобуйатын туругар сааны илдьэ сылдьарга бобор кэһии суох” диэн үс сиргэ бэчээттээх ыспыраапканы тутан өрө тыынна.
Биэс сыл анараа өттүнээҕи курдук буолбатах. Көҥүлүҥ болдьоҕун уһаттарыы быраабылата уларыйан, эриэхэбэйэ элбээбит. Аны Сбербааҥҥа бэйэҥ барбакка, госпошлинаҕын биэс мөһөөк курдугу иһийэн турар Пушкин бибилэтиэкэтин иккис этээһигэр дугуйдаммыт “Судаарыстыбаннай өҥөлөр” дэнэр тэрилтэ биэс-алта көмпүүтэргэ хам хатанан олорор эдэркээн уолаттара-кыргыттара бааҥҥа аһарар буолбуттар. Болдьоххун уһаттарар сайабылыанньаҕын аны бэйэҥ суруйбаккын, бу дьон оҥорон ыыталлар эбит. Бу “көмпүүтэр харахтар” туохтара эрэ табыллыбатаҕына, иккитэ-үстэ төхтүрүйэн уһаарбалыахтарын, болдьоҕуҥ кэһиллиитин өссө уһатыахтарын сөп. Көҥүлү уһатыы бырассыаһын кыттыылаахтара, киһи бэккиһиэн, уу харчыны көрбөт буолбуттар. Аныгы онлайн-каассаларын үҥүлүтэ сылдьаллар. Оннук каартата суох буоллаххына, эмиэ биир кыһалҕа…
Билигин саа көҥүлүн урукку курдук милииссийэ, полиция иниспиэктэрдэрэ буолбакка, Росгвардия эрэттэрэ оҥорор, биэрэр буолбуттар. “Кэпсэтии кэҥкириэтинэ” диэбит курдук, биһиги киһибит хомуйбут докумуоннарын туппутунан, саатын сүкпүтүнэн тиийбитин, сокуону кэспиккин, болдьоххун уһаппыккын. Ботуччу ыстараап төлөтөбүт. “Судаарыстыбаннай өҥөлөр” тэрилтэ биллэриэҕэ. Бүттүҥ, бар, диэн үүрэн ыыппыттар.
Чаппаай Бааска дьиэтигэр тилир-талыр үктэнитэлээн киирэн, саатын муннукка элитэн, “молния” сомуога харан хаалбыт ырбаахытын уолугун маатырылаабытынан хайа тардынан кэбистэ. Сааланан бүттэхпит…
Биэтэс Билээхэп