Биэтэс Билээхэп: «СҮРЭҔИМ ЫТЫРБАХТЫЫР…»

01.06.2021
Бөлөххө киир:

Куорат оҕонньоро буоллаҕым. 75 сааспынан оҕолорум айпуон диэн аатырар аныгы төлөпүөнү «тугу гынарыҥ баара, сэргэхсий, аан дойду сонунун-нуобаһын билэ сырыт, үөлээннээхтэргин, эдэр эрдэҕинээҕи «дьүөгэлэргин» кытта батсааптаһан ыаһахтас» диэн бэлэхтээбиттэрэ. Сиэннэрим барахсаттар, таарыччы бэйэлэрэ талкыйа, оонньуу таарыйа, эһээлэрин үөрэтэн, добуоччу батсааптаһар, интэриниэти да хасыһар кырдьаҕас буоллум.

Хор, бэйэбиттэн сөхтүм, кэлэйдим даҕаны. Бу кырдьаҕаһыҥ амтаһыйан, ылларан, аны батсааба суох сатаммат курдук буолан бардым. Харахпын хайа тардаат, дьиэлээхтэр өссө да утуйа сыттахтарына, «бээһээҥҥи кэннэ туох интэриэһинэйи суруйдулар, ханна туох буолла, ким уорда-халаата, ким кими өлөрдө-кырбаата, ханна баһаар, абаарыйа буолла, хайа дьокутаат, чунуобунньук ананна, уһулунна» диэн сыттыгым анныттан төлөпүөммүн хостообутунан барабын.

Иллэрээ күн хайа эрэ түөрт оҕолоох ийэ муҥнаах, улууһун ыйбатах, оҕолоро төлөпүөннэригэр, былансыаттарыгар хам хатанан, аһыылларын да умна быһыытыйбыттарын, ийэлээх аҕаларын кытта айах атан кэпсэппэт да буолбуттарын муҥатыйан суруйаахтаабыт. Тулалыыр эйгэлэриттэн, дьиэтээҕи олохторуттан таһыччы тэйэн, «утуйа» сылдьар оҕолорун аҕалара кэтэххэ биэрэн «уһугуннартыыр» эбит. Бу алдьархайы, иэдээни… «бэл мин иирэн эрэбин быһыылаах» диэн дьааххана санаан, сүрэҕим ытырбахтаан ылла.

Сайдыы үтүө да, мөкү да өрүттээх дииллэрэ ити ээ. Батсаап, былансыат, көмпүүтэр оонньуурдаах оҕобут-ыччаппыт хаһыаты, кинигэни, сурунаалы аахпат буолла, уопсайынан ааҕыы муодаттан таҕыста диэн үөрэх тэрилтэлэрин үлэһиттэрэ кэриэлийэллэр. Оттон үрдүкү салайааччылар сибээс аныгы түргэн, сыыппаралаах технологиятынан, интэриниэт ситиминэн өрөспүүбүлүкэ бары улуустарын хааччыйарга соруктаналлар. Аһара баран, саамай ааҕыллымтыа кумааҕы хаһыат — бэҕэһээҥҥи бэчээт көрүҥэ, сотору суох буолуо диэн кэнсиэпсийэлээхтэр үһү.

Онон ааспыт XX үйэҕэ дьон-норуот арыгылааһын ыарыытынан сутуллубут буоллаҕына, сайдыылаах XXI үйэ олохтоохторо сыыппаралаах технология, интэриниэт сиэртибэлэринэн, дууһалара-духуобунастара кураанахсыйбыт дьон иччилэригэр кубулуйар кутталлаахтар. Сиэннэрбин саныы-саныы сүрэҕим ытырбахтыыр…

Биэтэс Билээхэп

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0