Биэтэс Билээхэп: Пазиктар табыгаһа суохтар…

05.03.2021
Бөлөххө киир:

Дьэ, өтөрүнэн буолбатах амырыын тымныылаах, унньуктаах уһун кыһыны кээрэттибит ээ. Куһаҕан үчүгэйэ суох буолбат, хара дьайдаах хамсык дьаҥар дьиэбитигэр хаайтаран олорон, үлүйбэккэ-өлбөккө, син, сыл тахсан эрдэхпит. Тымныы оҕуспут дьаабал, икки муоһа тостон, хомуолай баһын буккуйан күрдьүөтээтэр, уоҕа-кылына уҕараан, тыына-быара кылгаан дьыбарданар эрэ буолла.

Сааскытыйыы, сэргэхсийии тыына биллэн эрэр. Кубулҕаттаах кулун тутар чыпчаххайынан кымньыылыырдыы тыалырдар-кууһурдар, кэлэн иһэр кэлэн иһэр курдук, күнүһүн ылааҥырар буолан эрэрэ биллэр. Уһуктуу, тиллии, сэргэхсийии, өрө тыыныы бырассыаһа барар. Бэл, (бээ, улаханнык саҥарымыахха), дьаҥмыт дьайыыта намыраабытын, хамсыкка хаптарааччы ахсаана аҕыйаан иһэрин астына ааҕабыт, көрөбүт-истэбит. Ил Дархаммыт барахсан хааччахтыыр дьайыыларын төлөрүтэн, арыый сымнатан эрэрэ санааны көтөҕөр, олоххо интэриэстиир.

Айыкка, ус кыһыны быһа орон, дьыбаан иччитэ буолан, мин да хал буолуохпар диэри сытан-олорон биэрдим. Этим-сииним эмэхсийэн бүттэ. Инньэ гынан, эмээхсиммиттэн мөҕүлүннэрбин да, күн ахсын дьыбар тахсыыта таһырдьаны былдьаһар буоллум. Чугас буолан, аныгы дьон ааттыылларынан Оржанка болуоссакка сыкырыйан кэлэн, улууканнаах Учууталбыт, Былатыан Убайбыт мэҥэ бэлиэтин кэккэлэһэ ыскаамыйаҕа олорон сөрүүн салгыны сүөгэй курдук ыймахтыыбын, түөһүм муҥунан тыынабын. Бүдүгүрбүт, бүөлэммит кулгааҕым-хараҕым сырдыыр, аһыллар, саппаҕырбыт санаам дьайҕарар курдук. Улуу Убайбыттан саҥа үүммүт күҥҥэ саллайбыт баспар саҥа өй-санаа угарыгар көрдөһөбүн.

Бу өйдөөтөхпүнэ, мин эрэ буолбатах, таһырдьаны былдьаһааччы элбээбит эбит! Оҕо аймах, киһи-сүөһү аалыҥнас буолбут, болуоссат иһэ толору. Дьахталлар барахсаттар хаамсан ходьоҥолоһуу, итиччэлээх ханна, туохха ыксыыллара буолла. Тоҥоллоругар кыһаллыбат кырачааннар хаптаһынынан дьардьамалаан, уу кутан мууһурдуллубут оҥоруу сыыртан хатыыскалаан айманыы-чаҕаарыйыы бөҕө. Бу сиргэ кинилэртэн ордук дьоллоох ким да суох курдук. Олох салҕанар, инники хардыылыыр долгуна дьоллоох Дьокуускай куораппыт дөйө тоҥмут килэгир таас уораҕайыгар охсуллан, эргиччи ньирилиир-курулуур, ураты тыыннаах муусука буолан киҥкиниир киэҥ куйаарга кутуллар.

“Айуу-айа!” — дэспитинэн сааһыра барбыт кэрэ куолар сааскы көҕөттөр курдук аттыбынааҕы ыскаамыйаҕа олоро түстүлэр. Тыһылара өтөн, кырааскаламмыт хаастарын, тиистэрин-уостарын көрүннүлэр-оҥоһуннулар. Мин диэки кураанах ыскаамыйа курдук харахтарын быраҕаллар.

— Тымныыбыт уҕараан, пандыамыйабыт намыраан, хааччахтааһыммыт сымнаан дьон уулуссаҕа тахсыбыта биллэр буолбут. Бэл, кырдьаҕас оҕонньор-эмээхсин (миигин дьэ таба көрдүлэр), сыылаҥхайдаһан оптуобустан нэһиилэ түһээхтииллэр, сүөдэҥнэһээхтииллэр, мэһэй-таһай буолаллар, — арыый эдэрчитэ умайыктанар.

— Ээ, ити ПАЗиктар онто суох аһара үрдүктэр. Киирэргэ-тахсарга эрэйэ. Биһиги, сахалар курук, кылгас атахтаах дьоҥҥо сөп түбэспэттэр. Саҥа былырыыҥҥаттан-иллэрээ сылтан сүүрэн эрэр сарай курдук сүүнэ кэриэйдэр оптуобустара намыһахтар. Киирэргэ-тахсарга олус табыгастаахтар, — сис да самыы дьахтар, кырдьык да, уот харахха этэн таһаарда ээ…

— Бээ, мээр буолаары тииһэр хандьыдааттарга санааны тириэртэххэ, боппуруоһу көтөхтөххө сатаныыһы! — олоро түһэн тыын ылбыт түөтэлэр уостарын-тистэрин оҥостон, салгыы хаамса турдулар.

Олох салҕанар. Инникитин пассажирдары табыгастаахтык, хаачыстыбалаахтык таһыыга саҥа олох саҥа ирдэбиллэри туруорара диэн ити буоллаҕа.

Биэтэс Билээхэп

+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0