Кэннибит уһаан, иннибит кылгаан, кырдьан кыаммат буолан истэх аайы, күн сырдыга күндүтүйэр буолар эбит. Эмээхсиним барахсан үлтү түүрэйдээн, “сытар-турар ыараата. Баҕар ковидтаан баран сылдьарбыт буолуо, бэрэбиэркэлэниэххэ” диэн анаан-минээн анаалыс туттардыбыт.
Буолаары буолан, 1 №-дээх испиэс балыкылыынньыкаҕа тыһыынчаттан тахсалыы солкуобайы төлөөн туран. Хайыахпытый, бэйэбит сыһыарыллыбыт 5-c балыкылыынньыкабытыгар босхо буолан, үс күнүнэн түмүккүн биэрэллэр. Оттон харчы төлөөммүт, испиэс балыкылыынньыкалар эмээхсиним анаалыһын түмүгүн “отрицательнай” диэн сол күн киэһээ, барбах батсаабынан бырахпыттара. Миэнин ыыппатахтарыттан “хайдах баҕайыный” диэн дьааххана-куттана санаабытым. Хата, нөҥүө күнүгэр эмээхсиним анаалыстарбыт түмүк-ыспыраапкаларын аҕалбытыгар көрөн-ааҕан үчүгэй эбиппин диэн өрө тыыммытым.
Инньэ гынан, сөрү диэн сөҕөн, бэри диэн бэккиһээн, хайдах саныахпын, сыаналыахпын билбэккэ бутуллан олоробун. Батсаапка “COVID диэн ким эрэ интэриэһигэр аналлаах кэмиэрчэскэй бырайыак буолар. Харчы өлөрүү!” диэн дойҕохтуулларын бастаан сөпсөспөт этим да, кэлин ылыныах курдук буолан эрэбин. Дьиҥинэн, COVID, ПЦР анаалыстарын түмүгэ харчы төлөөтөххө биир күнүнэн оҥоһуллан бэлэм буолаллар эбит! Оччотугар төлөбүрэ суоҕу, босхону соруйан үс күн сыһаллар-соһоллор дуо? Төлөбүрдээх, төлөбүрэ суох анаалыстааһын түмүктэрэ таһаарыллыыта, болдьохторо туохха, ханнык инструкцияҕа, сокуоҥҥа олоҕуран уратылаһалларый. Ону ким олохтообутай диэн ыйытыы үөскүүр. Мэдиссиинэ салаата, эмчиттэр пандыамыйа дьайыытын, дьон-норуот кыһалҕатын, ама, харчы өлөрөр биисинэскэ кубулуттулар дуо?!
Барытын Роспотребнадзор диэн хонтуруоллуур муҥур тэрилтэ быһаара, дьаһайа олорор эбит. Бу биллэххэ, баччаҕа диэри чинчийии болдьоҕо 48 чаас буоллаҕына, муҥур федеральнай тэрилтэ COVID-19 анаалыһын түмүгүн 24 чааһынан быһаарарга булгуччулаахтык сорудахтаата. “Лабаратыарыйаҕа биоматырыйаал киириэҕиттэн, лабаратыарынай чинчийии болдьоҕо 24 чаастан уһуо суохтаах. Анаалыс туттарбыт киһи анаалыһын түмүгүн илиитигэр ылыахтаах!” диэн дьаһалга тоһоҕолоон этиллэр.
Пандыамыйа ырыынагар эмчиттэр биисинэстэрэ өссө суһалсыйарыгар, харбааһыннанарыгар кыах биэрэр, туһалыыр дьаһал курдук көрөбүн. “Суукканы кэтэспэт, оннук үлүгэр ыксыыр буоллаххына, 3 тыһыынчаны төлөө, түмүккүн биир чааһынан, 5 тыһыынчаны төлөө, 20 мүнүүтэнэн оҥорон биэриэхпит!” – дэһиэхтэрэ үрүҥ халааттаахтар үтүөнү оҥорор дьон сиэринэн итиэннэ хайа да балаһыанньаҕа кус курдук ууттан кураанах тахсыахтара. Кылаабынайа, ким да, кими да күүһүлээбэт, көҥүл өттүнэн. Кыһалҕалаах, ыктара сылдьар муҥнаах хайыа баарай, сиэбин хастарыгар тиийэр. Пандыамыйа ырыынагын сокуона буоллаҕа…