Сылын аайы ыытыллар бырабыыталыстыба ааспыт сыллааҕы үлэтин туһунан отчуота, били, тугу эрэ тоҕо таппыт курдук күйгүөрэн саҕаланна ээ.
Улуустарбыт наҕылыйан олорбуттара сыччах быһыылаах. Ааспыкка улуус дьаһалтатыгар үлэлиир ырааҕынан аймахпар эрийбиппэр, чаастан ордук олорон сэлэһэр бэйэтэ: “Кэлин эрийээр. Адьас солом суох. Бырабыыталыстыбалар кэлэллэр, үлэ хара баһаам”, – диэн баран, төлөпүөнүн саба тутан кэбистэҕэ үһү. Үгүс улуус дьаһалталарыгар бырабыыталыстыбалар иһэллэр үһү, кэлэллэр үһү диэн, дьэ, үөһэ-аллара туруу быһыылаахтар. Тибии тибэр ыраах сытар нэһилиэктэрин суолларын оҥорууга тыраахтардар түүннэри үлэлииллэрэ кытары иһиллэр. Тыый, мунньахтааччылар аара-суолга тимир көлөлөрө иҥнибэккэ айанныахтаах буоллаҕа. Чэ ити хааллын. Сылын аайы оннук.
Дьэ бу бырабыыталыстыба отчуота наадата суоҕун туһунан ити бассаапка суруйалларын көрө-көрө абаккатыйабын ээ. Туохха да наадата суох тэрээһин, мунньах диэн суруй да суруй. Бу олох сыыһа санаа, өйдөбүл. Бырабыыталыстыбабыт салайааччылара, исписэлиистэрэ нэһилиэктэринэн сылдьан, олохтоохтору кытта атах-тэпсэн олорон кэпсэтэллэрэ бары өттүнэн наадалаах, көдьүүстээх суол буолар. Төһө даҕаны уот ылар курдук түргэнник сылдьыбыттарын иһин, тыа сирин нэһилиэктэрэ хайдах-туох дьаһанан-дьапсынан олороллорун барытын көрөллөр-истэллэр буоллаҕа. Олохтоохтор, ордук саастаах өттүлэрэ, били, тыыннарын таһааран, дьэ туох кыһалҕа, туох ситиһии баарын барытын хааһахтан таһаарар курдук уустаан-ураннаан дьэ ыпсаран кэпсииллэр ээ.
Арыый сэнэх эрдэхпинэ, төрөөбүт нэһилиэгим итинник мунньаҕар сылдьан турардаахпын. Онно дьэ уустаан-ураннаан, кыратык дьээбэлээх соҕустук саҥарар-иҥэрэр Маппый оҕонньор дьэ бэркэ да ыпсаран кэпсээбитин билиҥээҥҥэ диэри саныыбын. Онно оскуола эргэрбитин туһунан туустаан-тумалаан, кыратык дарбатан, акылаата эмэҕирэн килиэпкэ арыы биһэр быһах курдары сылдьарын, сохсо курдук сууллаары турарын туһунан кэпсээбитэ. Ол кэнниттэн өр буолбатаҕа, икки-үс сыл иһинэн сабыс-саҥа оскуоланы тутан дьэндэтэн кэбиспиттэрэ.
Онон сылын аайы ыытыллар бырабыыталыстыба отчуота олох наадалаах устуука буолар. Ону олох өйдөөҥ, ол-бу диэн саҥарымаҥ. Сылын аайы тохтотуллубакка ыытылла турдун диэн алгыспын аныыбын!