Биэнсийэлээх дьон буоларбыт быһыытынан эмээхсимминиин өрүү оптуобуһунан атах тардыстабыт. Биирдэ эбит ити таксыыларыгар олорсобут, ону да төлөбүрүн оҕолор уйунар эрэ буоллахтарына.
Дьэ ол курдук биир күн эмээхсимминиин Бааһынай ырыынагар ас-үөл көрө диэн бардыбыт. Бу сырыыбыт үтүө үгэскэ да кубулуйда.
Оптуобустар сырыыларын хайысхата уларыйан атын сиргэ барарга эҥин олорсон, мунан-тэнэн айаннааһын буолла. Ол сылдьан, туох уларыйыы буолбутун биир кыыстан ыйыппыппытыгар, «сахалыы билбэппин, нууччалыы этиҥ” диэн нууччалыы тылынан суоһурҕанааччы буолла, бэйэтэ буоллаҕына сап-саха ээ. Тоҕо сүрэй дии санаатыбыт.
Онтон оптуобуска киирии буолла, анньыһыы кытаанаҕа. Ол киирэн, аны суоппартан мөҕүлүннүбүт, тоҕо сырыыта уларыйбытын билбэккэ мээнэ киирэҕит диэн. Олох да атын оптуобуска киирбит эбиппит. Онон дьонтон, суоппартан кынчарылла-кынчарылла төттөрү таҕыстыбыт. Эмээхсиним барахсан бэлиэр сылайан, тоҕо эрдэттэн ыйыталаспакка, миигин бу сордоотуҥ, барытын билбит-көрбүт аҕай буолааччыгын диэн кыйаханна. Эмиэ даҕаны сөпкө этэр дии санаатым испэр. Били, улахан сиэн кэлэ сылдьан, оптуобус сырыытын хайысхата уларыйбыт диэн эппитигэр, үчүгэйдик ыйыталаһан хаалбакка диэн испэр кыһыйа санаатым. Туох баарын билэр-көрөр аныгы суотабайыгар киирэн, ону көрөн, маннык-оннук диэн быһааран биэриэх этэ буоллаҕа.
Ол да буоллар, саха ньоҕой, оҕото өссө ньоҕой дииллэринии, наадалаах оптуобуспут ханныгын сураһан билэн олорсон, син аадырыстаах сирбитигэр түстүбүт. Били, акаары хаста даҕаны кырынар дииллэринии буоллубут. Дьэ биһиги курдук саастаах дьон бу күннэргэ төһө эрэ эрэйдэннилэр оптуобустарын бутуйан… Чэ олох барытын бэйэтэ үөрэтэн-такайан иһэр. Этэҥҥэ чэгиэн эрэ сылдьыбыт киһи, чаас курдук уулуссаҕа баран-кэлэн син дьаарбайдахпыт дии…