Дьэ, доҕоттоор, бөөлүүн сүрдээх да түүлү түһээтим. Бэйэм да итэҕэйбэккэ, түүл дуу, илэ дуу диэн буккуллан бараары гынным.
Сытайбыт курдук, турардыын-турбаттыын бука бары быыбар айдаана. Былаас баартыйатын суулларан, кэм да сатамматах
сахалар буоллубут. Абааһы батсаабынан араас тойоттор, дьокутааттар, бэлиитиктэр, куолуһуттар ону-маны туойалларын ааҕан, биидьийэнэн көрөн-истэн харааччы буккуллан, түүлбэр кытта бэлиитикэнэн иирэн, этэр курдук, гэрээчикэлээри гынным быһыылаах. Арай, даачабар буорга буккуллар, хаптаһыны, былаахыны сосуһар таҥаспынан-саппынан сирилийэн-бурулуйан биирдэ өйдөммүтүм, Москуба куоракка Госдуумаҕа баар буолан хаалбыппын. Соһуйан хаалан, мээнэнэн мэлээриҥнии, эргичиҥнии түстүм. Килэйэн-халайан, үрүттэри-аннылары, эргиччи күлүмүрдэс таас, килэрийбит сиэркилэ дойду эбит. Киэҥ баҕайы көрүдүөрдэринэн улуу Толустуой «Сэрии уонна эйэ» арамааныгар ойууланар баалга курдук мааны бэйэлээх даамалар, кавалердар хаамсан унаарыҥнаһаллар, чөмөхтөһөн туран сэлэһэллэр, тоҥхоҥноһоллор. Туох да
уларыйыы-тэлэрийии, сүпсүлгэн харахха быраҕыллыбат.
Биллэр-көстөр, этэр-тыынар дьокутааттар, “единэйдэр”, “кпрф”-тар, “сиэрдээхтэр”, “лдпр”-дар бэйэлэринэн сылдьаллар. Арай быыстарыгар “саҥа дьоннор” элэс
көстөн ааһаллар. Хайаа, оол курдук фойеҕа биһиги урукку мэрбитин Сардаана Авксентьеваны күөйэн туран, Жириновскай илиилэрэ босхо барбыта сүрдээх, далбаатаныы, тарбахтара чочоҥнооһун бөҕө.
— Биэтэс, хайа бу, ханнык рудниктан, «Интертэн» дуу, «Айхалтан» дуу оронон тахсан кэллиҥ, дорообо! — диэбитинэн Зюганов мунна кытаран уун-утары тиийэн
кэллэ.
— Оо, Геннадий Андреевич, дорообо! — икки илиибин утары уунан атыллаан иһэн, сиэркилэҕэ кэтиллэ түстүм.
Зюганов мүчүҥнүү-мүчүҥнүү санныбыттан эргилиннэри тарта:
— Кырдьаҕас быыбардааччы, көрө-истэ, итэҕэйэ сылдьар инигин, Арассыыйа хомуньуустарын баартыйата рейтинэ үрдээбитин. Норуот, кэмниэ кэнэҕэс, дойду былааһыгар ыттыбыт экспроприатордары
экспроприациялаатахха эрэ олох уларыйыан, былаас норуокка эргиллиэн өйдөөтө.
— Оннугун оннук да.., — КПРФ тойоно эйэ дэмнээхтик кэпсэтэн саҕалаабытыттан эр ылан, мин да тугу саныырбын куолулуох курдук буолан эрдэхпинэ:
— Бу хайа туора урдуһуй, эмиэ саха-якут даа.
Сибилигин Авксентьевалыын мөккүстүбүт. 18-таахпыттан наар эйигин көрөммүн-истэммин хал буоллум. Госдуумаҕа эһигинньиктэри солбуйа кэллим диэннээх!
Бу эн, Путины Кириэмилтэн үүрүөх буолар, суоһурҕанар ойуун аймаҕаҕын дуо? Умнаһыт, мэ! — диэт аатырар Жириновскай сиргэммиттии мырдьыччы туттан, кыһыл кумааҕыны түөһүм сиэбигэр батары биэрээт,
тарбахтарын лачыгыраппытыгар, кэнниттэн күлүк курдук батыһа сылдьар “уола” салпыакка дуу, сыыҥ соттор былатыак дуу биэрэ охсубутунан тарбахтарын сотто-сотто үүт-үкчү Гиитилэр куомуннааҕа дуче Муссолини курдук хантаарыҥнаан-чынаҥнаан бинсээгэ кытаран кынтаарыҥныы турда. Соһуйан хаалан, уоска бэрдэрэн аппаллан турдахпына, хайыы, бэйэлээх бэйэбит дьокутааппыт “Биир ньыгыл” Даанчыкаба, мин көрдөхпүнэ, били Бүлүү хаайыылааҕа Чернышевскай “Тугу гыныахха?” диэн улуу толкуйга түһэн иһэрин курдук, “ньим хатанан” ааһан истэҕинэ, аҕатын аатын билбэт буолан “Галина” диэхпин кыбыстан, “ээй” диэхпин толлон, сатаан ыҥыран тохтоппокко тэпсэҥнии турдахпына, бэрт минньигэс духуу сытынан дыргыйан ааһан хаалла.
Бэйэбиттэн бэйэм кэлэйэн, бэккиһээн мыраамар муостаҕа чуут силлии сыһан, хата туттунан, ыксаан дэлби
тиритэн абааһы дойдутуттан хайа диэкинэн тахсар ааны көрдөөн мэлээриҥнии туран эмискэ ойоҕоско кибилиннэриллэн, сүрэҕим айахпынан ыстанан тахса сыста. Эргиллэ биэртим, “Сиэрдээх Арассыыйа-кырдьык
туһугар!” баартыйа лиидэрдэриттэн биирдэстэрэ, Госдуума бэтэрээнэ, билэр, ытыктыыр киһим Тумууһап бэйэтинэн турар эбит!
—Оо, Сөдүөт Сэмэнэбис! — диэбитинэн тулам дьэҥкэрэн, сэргэхсийэн уһуктан кэллим.
Биэтэс Билээхэп