Биэтэс Билээхэп: Оо,  хаһан  кыһыммыт  кэлээхтиир…

Бөлөххө киир:

Буруо  да  буруо, ыыс-быдаан,  бүдүө-бадыа быыһынан,  тыыммын  хаайар  хабархай  аһыыны  эҕирийэн  силбэр-хаахпар  бөтөн-харан,  чачайан  сууллуохча  иэҕэҥнии,  тутуһуу,  тирэх  көрдөөн  салгыны  харбыалаһа  тураахтыыбын.

Халлаан  көстүбэт  үлүгэрэ  буруо  быыһынан  күммүт-ыйбыт  бүдүгүрэн,  дьэс  алтан  курдук  өлбөөдүйэ  кытарар.  Эргиччи  түлэй-балай  баран, түһээтэхтээҕи  дойду  курдук…

Ый  ааһан  эрэр,  эмээхсиним  дэлби  хаайан-кыһайан,  мөҕөн-этэн  абааһы  хамсык  дьаҥын,  СOVID-19,  утары  баксыына  быһыы  ылбыппыт. Миэнэ  миэнин  курдук,  атыннык  дьайан, боруоҥхам  иҥэн-олорон  хаалбыт  ыарыытын  көбүтэн, сөтөл дэлби  киирэн,  тыыным  хаайтаран,  киэһэлэрин   кыраадыһым  тахсан  өлөрө  сыспат  дуо?  Олох  да  буорайыах  киһи,  үс  киэһээ эмээхсиммин  хаһыытаппытынан  биирдии  устуопка  буоккачааны  дэлби  биэрэстээн  баран “ньис”  гыннаран,  куолайбынан,  боруоҥхабынан  ол-бу  ковиды-үөдэни,  бахтыарыйаны  дэсинпиэксийэлиир-өлөрөр,  ыраастыыр  итиинэн  илгийэр,  сылааһынан  салыыр  кыраадыстаах  сүүрээн  тоҕо  солоон  ньиргитэн  киирэрин  астына  аһарынан  баран,  үллүнэн-саптан,  муора  сылаас  долгунугар  күөгэлдьийэ  бигэнэн  эрэрдии  чэпчээн  утуйан  хаалабын. Көр, төрдүс  күммэр  тыыным  аһыллан, кэҥээн  атахпар  турдаҕым  үһү.  Инньэ  гынан,  хаарыаннаах,  экологическай  ыраас   эмпин  чугас  тута-ууруна  сылдьабын.

Эмээхсиним  барахсан,  тумуу  да  киирбэтэ,  кымаардаан да  көрбөтө. Икки  нэдиэлэнэн  баран  иккис  буорсуйа  баксыынатын  ылбыта. Мантан  антах  ол-бу  СOVID-тарыгар  ылларбаппын  диэн астына  сылдьаахтыыр.  Оттон  миигин  тэрэпиэп  бырааһым,  туох  баарынан  кэпсээбиппин  истэн  баран,  иккис  буорсуйа  баксыына  ыларбын  муос-таас  курдук  бобон  кэбиспитэ.  Инньэ  гынан,  оҕонньору  абааһы  СOVID-19  эпидиэмийэ  буолбакка, били  баксыына  алларыппыт  боруоҥхабынан  киирэн  тунуйбут  аһыы  буруо  буоратаары,  өлөрөөрү  гынна.

Иллэрээ  күн,  от  ыйын  20 күнүгэр,   Дьокуускай  куорат  үрдүнэн  16  боруобаны  ылбыттарыгар  буортулаах,  дьааттаах  буруо  састаабыгар  куруунньук  уонна  формальдегид  нуорманы  15  төгүл  куоһарара  билиннэ.  Дьэ,  итинник  буруонан  оҕолуун-уруулуун,  эдэрдиин-эмэнниин  тыына,  сүһүрэ  сылдьаахтаатахпыт.

Оо,  хаһан  бу  уоту-буруону  саба  баттаан,  киэр  кыйдаан   курустаал  ыраас салгыннаах,  кылбаа  маҥан  хаардаах  кырыа  кыһыммыт  кэлээхтиир.  Түөһү  муҥунан  өрө  тыыныаҕы…

Биэтэс Билээхэп

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0