Дьэ, күн өрүү-өрүү, биэнсийэлээх оҕонньорго сэрээккэ да сэрээккэ! Тэлэбиисэргэ, киинэҕэ көрдөрөллөрүнүү, тэскэйбит үрүксээк сүгэһэрдээх туруору хайаҕа ыттар курдук.
– Таралыйан сытыаҥ дуо, чээй иһэргэр бэккин, уугар бар! — диэн эмээхсиним кураанах боллуону үҥүлүтэ-үҥүлүтэ тэбиэлээн туруоран үүрэр буоллаҕа. Хата, лииптээх буоламмыт, атах тардыстан абыранабын. Хор, хаһан эмит алдьанан тохтоон хааллаҕына, хас этээс аайы сынньанан, тыын ылан, күн аҥаара дабайаахтыыбын. Кырдьыы диэн кырыыс, кыайбат, кыаммат буолуу эрэйэ диэн бу буолаҕа…
Дьэ, сүрдээх олохтоох дьоммут. Били «уу да уу, эргиччи уу» диэбиккэ дылы, Сахабыт сиригэр 700 тыһыынчаттан тахса өрүстэрдээхпит, күөллэрдээхпит. Өрөспүүбүлүкэбит хас биир олохтооҕор сыалай биирдии күөл, өрүс тиксэр дии-дии түөспүтүн тоҥсунаахтыыбыт! Ханнаный, онтубут — хокуоска баар! Уубутун атыылаһан иһээхтиибит.
Оҕо сылдьан дьоппуон омук остуоруйатын аахпыппын, бэккиһээбиппин хара кырдьыахпар диэри умнубаппын. Биир дьадаҥы бааһынай сордоох күн аайы баай киһи дьиэтин таһыгар кэлэн олорон, буһарыллар ас минньигэс сытын эҕирийэ-эҕирийэ, хаппыт ириис лэппиэскэтин сиэхтээбит. Ону баай киһи: «Мин аһым сытын босхо эҕирийбит, сытырҕаабыт буола-буола!» — диэн бамбук ураҕаһынан үнтү таһыйан үүрэн ыыппыт.
Бу өйдөөтөххө, бүгүҥҥү олохпут дьоппуоннар түҥ былыргы остуоруйаларыттан туох да атына суох. Дойду муҥур сокуонньуттара боростуой норуоту өссө хайдах гынан, ханан киирэн, ханнык албаһынан нолуоктаан ыыры толкуйдуу сатаан төбөлөрүн сынньаллар. Бара сатаан, айылҕа биэрэр быйаҥын хомуйарга кытта түһээн түһэрэллэр. Билигин, онуоха-маныаха диэри, бастакы оҕоттон Ийэ хапытаала ананар буолла диэн һуу-һаа дэһээхтиибит да, инникитин кытайдар курдук, үһүс оҕоҕуттан саҕалаан нолуок төлөттөрдөхтөрүнэ боруок суох.
Ууга, уокка, сиргэ, малга-салга, туох баарга барытыгар нолуок… Барыта харчы. Хапытаал олоҕун, ырыынак эйгэтин сокуона буоллаҕа. Инникитин тыыннаах сылдьар, тыынар салгыммытыгар кытта ботуччу нолуок төлөтөллөрө буолуо. Олорбуппут сыччах…