БИЭТЭС БИЛЭЭХЭП: «Ойоҕум атаҕын саа оҥостубуттаахпын…»

Ааптар:  Биэтэс Билээхэп
20.04.2024
Бөлөххө киир:

Айылҕа барахсан айыллыбыт сокуонун уларытар-тэлэритэр кыахтаах ханнык да утары күүс суох. Күн-дьыл Өлүөнэ эбэбит дохсун сүүрүгүнүү суккуллар, кэм-кэрдии кэриитэ суох уларыйар. Аам-даам тымныылаах, аан туманнаах кырыа кыһыммыт кыйданан, сандаарыйар сааскы кэмҥэ этэҥҥэ үктэннибит. Сыбыдахтанан, нэлэккэйдэнэн, күлэ-үөрэ көҥүл дайдыбыт.

Туйаарыма кыргыттарбыт туллуктана тэлээрдилэр, сааһы көрсө сандаарыһа мичээрдилэр. Субан туруйа уолаттарбыт, элэгэлдьиспит эрэттэрбит ус кыһыны иитиэхтээбит тыһы манчыык көҕөннөрүн имэрийэллэрэ-томоруйаллара, сааларын-сэптэрин сотоллоро-үрэллэрэ, кыҥаталаан көрөллөрө элбээтэ. Ыйы-күнү маныыллар, халлаан туругун ырыталлар, тылбыйар кынаттаах биллэрин-кэлэрин кыраҕытык кэтииллэр. Сахалар буоллахтара, булчут хааннарыгар өбүгэ дьонноро, улуу Дьоруой снайпердар Бусхаа, Түмпээ байанайдаах хааннара оонньуур буоллаҕа. Барахсаттар, ахтылҕаннаах сааскы булт көҥүлүн тэһийбэккэ-тулуйбакка кэтэһээхтээн эрдэхтэрэ.

Ок-сиэ, кинилэр саастарыгар, инньэ 50-ча сыл анараа өттүгэр, мин да оту-маһы тардыалыы сылдьар, булт диэн баран “муннукка ытаабыт” уол оҕо этим буоллаҕа. Оччолорго таҥас-сап, тэрил-сээбэс, өйүө-тараа диэн билиҥҥи курдук буолуо дуо. Ону ол диэбэккэ, тоҥору-хатары, куттах курулуурун да аахсыллыбат буолара. Сарсыарда, күөҕүнэн бытыгыраабыт тэлгэһэбэр үрүсээк муҥунан кус арааһын тэлгэтэлээн баран, сааскы ыһыыга бааһынаҕа тэбинэрим.

Кэпсээнтэн кэпсээн, баччаларга, бэл, утуйа сытаммын түһээн бултааммын, хобордооҕунан оройго сырбатыллан турардаахпын. Арай дурдабытыгар кыттыгастарым ыккардыларыгар кыбыллан, бэрт сылаастык утуйан оҥторо сытан, сирилиир тыаһы, “кырык-кырык” саҥаны истэ охсон, олоро биэрээт, саабын хаба тардан ылан түһэн барыгылдьыһан эрэр кунньалгылары күөрэтэлээн кууһуннаран эрэрим баара…

Онтум баара, бабат-татат, ойохпун кытта хоонньоһон сытар эбиппин. Түһээммин кунньалгылары күөрэтээри ойоҕум буутун хонноҕум анныгар кыбытан, бүтэҕэтиттэн цевье курдук тутан, тобугунан сототунан кыҥаан ытыалыы олорор эбиппин. Инньэ гынан, түһээн ойоҕум атаҕын саа оҥостобун диэн, хайа икки ардыгар хаба тардан ылбыта буолла, хобордооҕунан оройго сырбатыллан, оронтон түҥнэри тэбиллэн хааллаҕым үһү…

Бээ, булт диэн баран “муннукка ытаатахха”, түһээтэхтээҕи араас барыта буолааччы.

+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
+1
1
+1
0
+1
0