Былыр, эдэр эрэхпинэ, кый ыраах, хайалар халлаанныын ыпсыылаһар сирдэригэр, Түҥкэтэхтээх диэн хотугу айылҕа абылаҥнаах хонноҕор саһан сытар, булт-алт ийэтэ-аҕата
сиргэ сылдьан турабын. Хоно сытар ыалым аҕата сүлбүт кырсатын тириитин киэп хаптаһыҥҥа тиирэ тардан, субатын ыраастыы, кыһыйа, кэһиэхтии олорон, иккис кылааска үөрэнэр
уолугар дьиэтээҕи сорудаҕын толорторон, уруогун аахтаран мучумааннаммыт «норуодунай педагогиката» өйбөр умнуллубаттык хатаммыт.
Иккигэ иккини эптэххэ хас буоларын араастаан ыйытан, тарбахтарынан көрдөрө сатаан сөптөөх эппиэти ылбакка, устунан кыйаханан көлөһүн-балаһын аллан, уолун эрэйдээҕи кэтэххэ биэрэн, оройун алларан, чанчыктаан да ылан өсөһүннэрэн уу-хаар бастаран, ыгылытан эппэт кэлэҕэй оҥордо.
Ыстаанын сиэбиттэн икки 5 солкуобайдаах манньыаты таһааран:
— Ноо, көр, бу биир 5 солкуобайдаах манньыат, бу иккис 5 cолкуобайдаах манньыат. Холбоон хас буоларый? — дии-дии ыкта-түүрдэ.
— Икки…
— Поосуол, баллаас! Итинник буоллаххына, атыннык өйдөтүөм!— уоҕа-кылына таһынан бычаалыҥнаабыт аҕата ыстаанын курун
субуйбутунан барда.
— Оттон, икки 5 солкуобайдаах манньыат буоттаа, ааттыыбыан, аҕаа… — оҕо эрэйдээх таһылларга бэлэмнэнэн эрдэттэн ытаабытынан барда. Мин «народнай педагогиканы» тулуйумуна, атахха биллэрдим.
Харантыынынан сибээстээн, аны оҕолорбут тэйиччиттэн, дьиэлэригэр олорон интэриниэтинэн үөрэнэр, дьарыктанар буоллулар. Эрэйдээхтэргэ
мунаардахтарына, ыарырҕаттахтарына аттыларыгар ыйытар киһилэрэ, быһаарааччылара эмиэ хайа эрэ дьиэ иһинээҕи «учуутал» буоллаҕа.
— Өрдөөҕүтэ ыалларбар тахсан, саллан киирдим ээ. Оҕолор тэйиччиттэн үөрэнэллэр эбит. Киирбитим, ыһыы-хаһыы бөҕө, биримээнэ
остуол сирэйэ лүһүгүрээн олорор. «Хайа, бу, туох ааттаах буоллугут?»— соһуйан туоһуласпыппар: «Ээ, ити ийэбит үһүс кылааска үөрэнэр уолун үөрэтэр. Сүүһүнэн остуолга
лигийэр быһыылаах», — аҕалара киһи төрүкү дьыалайдаабакка, оһоҕун айаҕар табахтаан унаарытар. Итинник буоллаҕына, нэдиэлэ бүтүүтэ
оҕону иэдэтииһилэр быһыылаах. Ааранан, бэйэм хаһан эрэ оскуолаҕа үөрэммиппин санаан, үөрүйэхпинэн муннукка тура сыстым ээ. Үөрэх бара турар сириттэн атахпынан куоттум, — эдэр эрдэхпититтэн биэнсийэҕэ тахсыахпытыгар диэри «эн-мин» дэһэн алтыһан кэлбит, кэм да 50-чалаах дьахтардыы тырыбынаабыт, кырдьары билиммэт
Арайыыса Иннэкиэнтийэбинэм өҥөйөн, кэпсээнипсээн сэргэхситэн ааста.
Дьэ буоллаҕа. Оҕо учууталын, кылааһынньыктарын кытта алтыспакка, тыыннаах сибээһэ суох дьиэтигэр бүгэн, күлүк курдук көмпүүтэргэ хам хатанан олорон төһө эрэ
билиини иҥэринэр… Баҕар, интэриниэтинэн тохтоло суох суккуллар үөрэҕи долоҕойугар хатаан, онтукатын дьиэтээҕи «норуодунай педагогика» ньымалара оройго алларан, кэтэххэ биэрэн, чанчыгыттан тардан, кур аһыытынньулуунун амтаһытан чиҥэтэн, «көмпүүтэр мэйии» гумоноид иитиллэн тахсар дуу…
Чэ, ити таах сытыахтааҕар, аныгы үөрэх дьыла саҕаламмытынан, Билии күнүнэн эҕэрдэлээн онуманы, уруккуну-хойуккуну түөстэҕим буоллун…
Биэтэс Билээхэп