Өрөбүл күн быраат Даньыыллыын Тутуу ырыынагын диэки айаннаан сырылатан иһэбит. Тымныы, чысхаан тыаллаах сарсыарда дьиэлэр ойоҕосторугар, иннилэригэр уулуссаны кыйа кэчигирээбит бүрүөһүннээх массыыналары аһыммыттыы көрө-көрө киһим:
– Натааһам абырыыр, барахсаным хонноҕо-быттыга сылааһа-хаара. Сэбим олох түүннэри тип-тигинэс хонор.
“Ээ, бу киһи тугу-тугу туойан барда”, – диэн өйдөөбөккөбүн:
– Уол оҕото, ол хаһааҥҥыттан түүннэри тип-тигинэс хоннорор Натааһаланныҥ. Баар-суох кэргэҥҥин, Моруусаҕын, кырытыннардаҕыҥ дии, ол аата? – хаадьылыы былаастаан токкоолоһобун.
Даньыылым эрийэ тутан, суол модьоҕотугар кыһарыйан хаары өрүкүтэн хорус гыннарда. Уруулун кибиргэтэ-кибиргэтэ, ыгыста-ыгыста, “Натааһаланныҥ…” диэн санаан кэлэ-кэлэ, харахтарыттан уу бычыгырыар диэри балайда күлэн алларастыы олордо. Мин саҥарбаппын. Киһим сылайыар диэри күлэн, адреналин бөҕөнү иҥэринэн баран, син уоскуйбучча буолан “Һуу”-лаан, ытыстарын көхсүнэн харахтарын соттунан, бардачогуттан бытыылкалаах ууну ороон ыймахтаата:
– Убаайкам, Биэтэс кырдьаҕас, булан толкуйдаан, эргитэн таһаартыҥ сүрдээх. Дьахтар дьыалатыгар билигин да буораҕыҥ кураанах, үчүгэйгин быһыылаах. Оҕонньор, чөҥөчөктөргүн хаардыыр бадахтааххын,.. – Даньыылым эмиэ күлэн алларастыы-алларастыы санныбын таптайталаата.
– Бээ-эрэ, ити үлүгэрдээх туох ааттаах бэһиэлэйдээтиҥ, ытыаххар диэри ыгыстан биэрдиҥ, – сүөргүлүү быһыытыйбыппын биллэрэбин.
– Оттон, халы-мааргытык токкоолоһоҥҥун киһини күллэрдиҥ, бэйэҥ да күлүүгэ бардыҥ. Тымныыга уһуннук туруорарга итиэннэ түүнүн массыынаны бүрүйэргэ аналлаах матырыйаалтан тигиллибит сабыыны (чехолу) Натааһа диэн ааттыыбыт. Эн буоллаҕына, дьахтар туһунан саныыгын. Дьэ, кырдьаҕас убайым, Натааһа боппуруоһугар бэйэ бэйэбитин өйдөспөтүбүт.
– Ээ, сах…– бэйэбиттэн бэйэм кэлэйэммин, кыбыстаммын сапсыйан кэбистим.
– Хата, Саҥа дьыллааҕы көр-күлүү диэххэ! – Даньыыл быраат кэм да күлэ-күлэ ускуораһын холбоото.