Эрчимнээх, дьоллоох, элбэҕи эрэннэрэр эдэр сааһым туоһута, эрэллээх доҕоро хомсомуолум билиэтэ. Элэгэлдьийэн-элэстэнэн, ыллаан-туойан, күлэн-үөрэн ханна да тиийдэрбин, тэлэһийэ сырыттарбын, тугу да гыннарбын араарбакка, сүрэхпэр сыһыаран илдьэ сылдьыбыт кыһыл киниискэчээним…
Сылга биирдэ хайаан да, Хомсомуол күнүгэр, араас докумуоннарым быыһыттан ороон таһааран ытыспар уурабын. Сэрэнэн арыйан, утары чоҕулуччу көрөн олорор уолчааны «ама, бу мин дуо» дии сонньуйан, такырыйбыт эрбэҕим иминэн имэрийэн ылабын. Кэппиэйкэнэн, солкуобайынан усунуос төлөммүтүн туоһулуур бэчээт кэчигирээбит лиистэри одуулаһабын. Түөһүм иһэ, сүрэҕим сылаанньыйа эдэр сааспар эргиллэбин.
25‑пэр бадахтаах, Сибииргэ сүүнэ байыаннай собуокка туокарынан үлэлиирим, тыһыынчанан үлэһиттээх сыах биир тарбахха баттанар эдэр оробуочайа, хомсомуол тэрилтэтин бюротун чилиэнэ, истиэнэ хаһыатын эрэдээктэрэ этим. Дойду үрдүнэн хомсомуол докумуоннарын уларытыы хампаанньата бара турара. «Биэтэс, сааһыҥ кэллэ, ситтиҥ-хоттуҥ. Хомуньуус баартыйа кэккэтигэр үүннэриэхпит. Ис сүрэххиттэн бэриниилээх, көхтөөх, дьүккүөрдээх үлэҕин сыаналаан, бу саҥа билиэккин бэйэҕэр өйдүү-саныы илдьэ-ууруна сылдьаргар бэлэхтиибит», — диэн туран, собуот хомсомуолун тэрилтэтин сэкирэтээрэ илиибэр туттарбыта.
Соһуйан, үөрэн, долгуйан, хайдах эрэ ис-испиттэн аһыллан кэлбитим. Оскуолаҕа үөрэнэ сылдьан Владимир Маяковскай «Сэбиэскэй пааспар» хоһоонун сөбүлээн ааҕарым. Туох имнэммитэ буолла, ону үтүгүннэрэн:
Эһээбит Ленин мөссүөннээх,
Алта уордьаннаах
Кыракый кыһыл киниискэни
Халҕайбыт ыстааным
Сиэбиттэн оруубун:
Көрүҥ, ааҕыҥ, ордугурҕааҥ,
Мин — Ленин хомсомуолун чилиэнэбин! — диэн мустан олорор ыччаттарга тута хоһуйан хоһоон ааҕан сэргэхситэн турабын. Хомсомуол аргыстаах эдэр саас барахсан, кырдьык да, күүрээннээх, айымньылаах, олоххо тохтоппоттук инники дьулуруйар кэм буоллаҕа.
Билиэппин тутан олорон бу санаатахпына, оскуолаҕа, сопхуоска, аармыйаҕа хомсомуол алын сүһүөх тэрилтэтин сэкирэтээрэ, комском, оройкомуол чилиэнэ буолан, хомуньуус баартыйа, ленинскэй хомсомуол үрдүкү уорганнара туруорар соруктарын толорор, олоххо киллэрэр мөккүөрүгэр ыччаттарбын, хомсомуолустарбын түмэн, биһиги көлүөнэ ыччат олох оргуйар үөһүгэр, социалистическай куоталаһыы былааҕын өрө тутан инники күөҥҥэ сылдьыбыт, айбыт-туппут, олохпутун оҥостубут эбиппит. Кэлин, түспэтийэн, бартыыйынай тэрилтэ сэкирэтээрэ, горком чилиэнэ буола сылдьыбыт кэмнэрдээҕим.
Мин хомсомуол билиэтим мэлдьи миигинниин буолара, сэниэ, эрчим, күүс-уох, өй-санаа сэрээтин иҥэрэрэ, күүрээннээх олох оргуйар үөһүнэн инники дьулурутара.