Дьэ, доҕоттоор, буолар да эбит… олорбутум сыччах. Түөһээҥки, соһуччу оройго охсуллубут, кэтэххэ бэриллибит курдук дөйүөрэн, соһуйан, уҥабын-хаҥаспын бутуйан ыксаан, түҥ-таҥ бара сырыттым ээ.
Бассаапка төлөпүөн массыанньыктарыттан сэрэниҥ, билбэт нүөмэргитигэр эппиэттээмэҥ, уурунуулаах буоллаххытына, счеккут нүөмэрин кимиэхэ да этимэҥ, устан ылыахтара, мэлитиэхтэрэ диэн суруйууну, сэрэтиини мэлдьи көрөр, ааҕар этим да, “ол мин ый устата кэмчилээн нэһиилэ тириэрдинэн айахпын ииттэн олорор биэнсийэм сыыһыгар харахтарын хатаатахтарай, ымсыырдахтарай” диэн соччо долоҕойбор хатаабакка сылдьыбытым баара…
Дьэ, түбэһиннэрдилэр. Сарсыардааҥҥы аһылыкпын аһаан, эмээхсиним ытыс саҕа кумааҕыга суруйан биэрбит ыспаргаалкатын сиэппэр уктан, маҕаһыынтан бородуукталаһа бараары хомунан эрдэхпинэ, төлөпүөнүм уһуктан көбүөхтүү түстэ. Кулгаахпар даҕайбытым, эдэркээн кыыс оҕо ып-ыраас куолаһынан: “Үтүө сарсыарданан! Биэтэс Уйбаанабыс, бу Социальнай пуондаттан эрийэбит. Эйиэхэ биэнсийэҕэр эбии ааҕыы оҥоһуллубут, ону счеккар көһөрүө этибит. Хайа бааҥҥа счеттааххыный, нүөмэргин этэн кулу”, – диэни истэммин, үтүө сонунтан үөрэн хаалан, сордооҕуҥ баара, Сбербааҥҥа “Мир” каартам нүөмэрин этэн биэрдим.
“Махтал. Сотору төлөпүөҥҥэр СМС кэлиэҕэ, көрөөр”, – Социальнай пуондаттан эрийбит кыыска, аатын-суолун ааттаабыта да, ити икки ардыгар умнан кэбиһээхтээбиппин, махтаныахпын баҕарбытым да, төлөпүөнүн ууран кэбистэ.
Биэс мүнүүтэ курдугунан, кырдьык, СМС тиийэн кэллэ. Ол эрээри, СМС Сбербаантан буолан биэрдэ. Хата, кинилэр тута миэрэ ылаллар эбит. “Эн счеккар массыанньыктар киирэ сатаатылар. Онон счетуҥ каартатын саптыбыт. Каартаҕын уларытабыт, кэлэн көрүс, билис” диэни ааҕан баран, сүрэҕим тохтуу сыста. Албынныыллара, албыннатар эчи кэбэҕэһин, иэдээн да буолар эбит!
Массыанньыктар хантан ала чуо миигин булан, биэнсийэбэр эбии ааҕыы оҥоһуллубутун билэн эрийэллэрий. Араас санаа барыта киирэн, эрэй бөҕөҕө түстүм. Ааранан Социальнай пуондаҕа, биэнсийэ управлениетыгар массыанньыктар куомуннаахтара, ыйан биэрээччилэр бааллара буолуо дуо, диэн санаталаан ылабын да, итэҕэйиэхпин баҕарбаппын, сүрэ бэрт.
Биэнсийэҕэ тахсыбытым 20-чэ сыл буолла, ол тухары эрэллээх, эрэнэр Сбербааммын кытта тутуһан кэллим. Бу түбэлтэ кэнниттэн Сбербааммар итэҕэлим, эрэлим өссө улаатта. Кырдьаҕас биэнсийэлээх барҕа махтал тылларбын тириэрдэбин.
“Этим ыарыыламмыт” кырдьаҕас хаһыат ааҕааччыларыгар, атын эрэгийиэнтэн, билбэт нүөмэргититтэн эрийдэхтэринэ, дуостал ылымаҥ, эппиэттээмэҥ, мин курдук киирэн биэримэҥ, диэн сүбэлиибин. Миэхэ +79895264752 нүөмэртэн эрийэн, ыт атаҕын туттара сыстылар. Бу нүөмэртэн сэрэниҥ!