Биэтэс Билээхэп: «Манчаарыны» ытыска ууран олорон көрдүбүт

10.07.2017
Бөлөххө киир:

Бу күннэргэ өрөспүүбүлүкэ “Манчаары оонньууларынан” тыынан олордо диэтэхпинэ, бука, сыыспаппын. Онуоха саха тэлэбиидэнньэтэ быһа көрдөрөн, абыраата. Дьэ, хаһан да буолбатах түбэлтэ!..


Биһигинньик кырдьаҕас, кыаммат дьон итиччэ ыраах тиийбэппит биллэр. Ону баара, оонньуулар аһыллыыларын-сабыллыыларын, күрэхтэһиилэрин, субу буола турарын ытыска ууран олорон көрдүбүт. Дьэ, үчүгээй!

Мин бу күннэргэ дьиэбэр хорҕойон олорон, эмээхсиним сөрүүн быырпаҕын ыймахтыы-ыймахтыы, анаан-минээн көрдүм. Бэл, сылгы этин буламмын, ыргыччы буһаран баран, күннээтим-күөнэхтээтим ээ! Харчылаах киһи, куоракка тугу баҕарар булар куолута. Оннооҕор эмээхсиммиттэн кистээн, кыратык хаһааспыттан “тэп” гыннаран кэбистим. Миэхэ да ыһыах күнэ үүннэ, һэ-һэ… Сөп ээ, хас үйэҕэ бараары, төһө кыалларынан олоххун киэргэтэ сатыырыҥ баа буолуо дуо?

Оонньуулар аһыллыылара дириҥ ис хоһоонноох, кэрэ көстүүлээх буолла. Эмээхсиним ону ордук сөбүлээтэ. Оттон мин эр киһи кутун-сүрүн, уол оҕо оруолун өрө көтөхпүттэрин сөбүлээтим. Билиҥҥи былдьаһыктаах үйэҕэ эр киһини намтатан, хобулук анныгар тэпсэн туһаммаккын. Бээ, наһаа куолулаабаппын, аны эмээхсиним истиэ… Күрэхтэһиилэр  тустарынан туспа кэпсээн. Быһый кыыс Сардаана Трофимова саҥа рекорда, оҕобут Артур Бурцев күлүмэх сүүрүүтэ, хапсаҕайга саха боотура Увар Тимофеев муҥутуур кыайыыта, 14 саастаах Евгения Титова бэргэн ытыыта, олохтоох мадьыны Эрчим Баппаҕай тоҕута тардыыта, кылыыһыттар кыырайа “көтүүлэрэ”, многоборецтар рекордара —  киһи барытын ааҕан да сиппэт, бииртэн биир чулуулар, бастыҥнар тахсан иһэллэрэ үөрдэр. Бу оонньуулар түмүктэрэ диэн ити буоллаҕа — оҕолор күүстээх-уохтаах, быһый, кыахтаах буоларга, чөл олоххо тардыһыылара…

Үөһээ бүлүүлэр, чахчы да, түөрт сылы быһа бэлэмнэммиттэрэ, тэриммиттэрэ көһүннэ. Көлөһүннэрин, дьэ, сотуннахтара. Баһылыктарын тула түмсэн, биир киһи курдук үлэлээһин түмүгэ, дьэ, итинник. Туохха барытыгар итэҕэһи-быһаҕаһы эрэ булан көрө сатаабакка, “оттон мин тугу гынабын?” диэн санаанан салайтардахха, күттүөннээҕи ситиһэр буоллаҕыҥ эбээт.

Үөлээннээхпэр Бүөтүргэ  батсааптыыбын: “Дабаай, уксуохха!”. Бу да сытан, оҕонньоруҥ харчы өлөрө сытар, һэ-һэ. Кулубалар уулаах биэнэн бырахсар кэмнэригэр, биһиги биирдии мөһөөҕүнэн кииристибит. Хайыай, кыайыы да баар, кыайтарыы да суох буолбатах. Ол да буоллар, үс мөһөөҕүнэн кыайан таҕыстым ээ! Дьэ, биһиги дьыбааҥҥа таралыйа сытан, кырдьык-хордьук, уксубут киһибитигэр ыалдьан, ыһыы да хаһыы! Санаабар, Үөһээ Бүлүү сабыс-саҥа стадионугар сылдьыбыт саҕа сананным. Дьэ, онон, бэртээхэй оонньуулар аастылар диэтим…

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0