– Улуу Туймаада быта, убаайка Биэтэс, туманнаах Туйма үрэх толоонуттан Көстөкүүн бырааккыттан уруй буоллун! Ыччуу, суохтаабыт тымныыбыт баарын дьэ биллэрэн эрэр. Хайа муҥун, сылыйбытын, куйаарбытын ситиһиннэриэхтээх, боруостатыахтаах буоллаҕа, – төлөпүөммүн кулгаахпар даҕайааппын, уонча сыл балыс, аҕамсыйа барбыт үөлээннээҕим, Күппээл Көстөкүүн кэм да үөс-батааска биэрбэккэ кутан-симэн, күппээллээн барда. Таҥара саҥаран баран бүтүмэ диэн айбыт туора харахтааҕа диэтэҕиҥ.
– Хайдах эбитэ буолла, Сир үрдүнэн сылыйыы буолан, Арктика мууһа ууллан эрэр дииллэр дии. Били онно уйаланар Тымныы оҕуспут эрэйдээх муоһа-туйаҕа мүлүрүйэн, уоҕа-кылаана уҕараан, нэһиилэ 40-50 кыраадыска тиийтэлээн ыллаҕына, тоҥон-хатан буорайаахтыыбыт. Мүлүккэй кыһыҥҥа үөрэнэн эрдэхпит ээ, – диэн киһибин бууса күөттээн биэрдим.
– Убаайка, «былыргы киһи», олохтон хаалаахтаабыккын, – Көстөкүүнүм силэ төлөпүөн нөҥүө бырдаҥалыырга дылы. – Сүүрбэ биирис үйэҕэ олорорбутун хайдах өйдөөбөккүн, аныгы сайдыылаах сахалар буоллахпыт. Аны икки Муҥутуур тымныы оройо сирдээхпитин билбэккин дуо? Онон икки Тымныы оҕустаахпыт. Биирэ, Дьааҥы улаҕатыттан айаатыыр. Иккис Оҕус Өймөкөөн түгэҕиттэн мөҥүрүүр. Онон түөрт муос тостор, икки моонньоох бас быстар бэрээдэгэ олохтонон турар. Эн этэргинии, тымныыбыт намыраата, халлааммыт сылыйда. Былыргы оҕонньоттор этэллэринии, урукку курдук тыынар салгыныҥ кулгааххар тыһырҕаабат, ииктээтэххинэ сиргэ тиийиэр диэри көрдөрбүтүнэн кыаһаанныра хороччу тоҥмот буолла дэһэбит. Хайыай, оҕустарбыт көрсүстэхтэрин аайы кыйаханан буугунаһан, күрдьүөттэһэн уохтарын-кылыннарын массыына көлүөһэтин тэстибит хаамыратын курдук мээнэнэн таһаара сылдьаллар. Инньэ гынан, былыргы Оҕуспутугар быданынан тиийбэттэр. Бытарҕан тымныынан тыымматтар, сытыы дьыбарынан дьааһыйбаттар, силлиэнэн-буурҕанан силбиэтэммэттэр. Ааттара эрэ – Тымныы оҕуһа, – үөлээннээҕим эмиэ да сөбүлэһиэх курдук.
Көстөкүүн күппээллиирэ таах да оруннаах курдук. Аныгы үйэҕэ араас барыта буолуон, уларыйыан сөп. Бу өйдөөтөххө, сахалар икки Тымныы Оҕонньордоох эбиппит ээ: эмиэ да Эһээ Дьыллаахпыт, эмиэ да Чысхааннаахпыт. Барахсаттар, кырачаан оҕолор да толлубат, саллыбат үтүө санаалаах, сырдыгынан сыдьаайа, сылааһынан илгийэ сылдьар кырдьаҕастар буоллаҕа. Аһыныгастара, айыы дьонун тоҥоруохтарын-хатарыахтарын баҕарбаттар. Аныгы сыыппарабай салаллыы, интэриниэт үйэтин, кибер-сайдыы кэмин Оҕонньотторо ол мөҥүрээбит-айаатаабыт оҕустары сөбүн көрөн өрөгүлүөпкэлээн биэрэ сырыттахтара.
Билигин атын кэм, аны тохсунньу томороон, олунньу орулуур тымныыларыттан ким да куттаммат. Араас аныгы оҥоһуулаах ичигэс таҥас-сап дэлэй кэмэ. Урукку, 90-с сылларга курдук бытарҕан тымныыга истэрин түгэҕэ кытара сылдьар, мыылалыы-мыылалыы тиирэ тардыммыт ыстааннаах, түүппүлэнэн, кроссовканан чыппарыҥнаһар, чоочугураһар ырдьаччы тоҥмут истилээгэлэр аны суохтар. Сып-сылаас түү, синтепон ыстааннаах, кууркалаах, дору-догдоччу таҥныбыт эдэрдэр-эмэннэр туман-чысхаан быыһынан бэрт холкутук хаамсан доодоҥноһоллор, дьүкээбилбит суһумнаа, кырыа кыһыммыт, былааһы ыл дэһэллэр!