Биэтэс Билээхэп: «Кырдьар диэн кырыыс буоллаҕа»

Ааптар: 
18.11.2021
Бөлөххө киир:

Бу күннэргэ Аллараа Бэстээххэ баар үөлээннээхтэрим көрсүһүөххэ, уруккуну-хойуккуну ыаһыйалыахха диэн ыҥырдылар. Бастаан утаа, «Бэйэҕит олоруҥ, бачча дьаҥ, оннук-маннык бүүрүстэр бүрүүкээн турар кэмнэригэр тахсыбаппын”, — диэн аккаастаабытым үрдүнэн, “Ол-бу буолума, кэл да сабаас”, — диэтэхтэрэ үһү. Сөбүлэспиппин, кулгааҕым эрэ истэн хаалла. Онуоха эмээхсиним “Ол уҥуоргуну хайдах буларыҥ буолла?” — диэбитигэр, биирдэ өйдөөтүм ээ, билигин ол диэки барыы кытааппытын.

Дьэ сарсыныгар, били, сөтүөлүүр сирдэригэр улахан уолум арыаллаах киирээччи буоллум. Арыаллаан да диэн, үлэтигэр ыксыыр аатыран, даамба аттыттан төнүннэ. Били, сымнаҕас олбохтоох тэриллэр эмиэ да ыйылыыр курдук, эмиэ да бирилиир курдук тыастанан илим хотоҕоһун курдук субуллан олороллор. Кэннилэригэр пэрэбиэллэрдээхтэр эбит, ситэри көтүөх этилэр буоллаҕа диэн санаа охсуллан ааста.

Быһа барыллаан, 30-ча киһи баар. Дьэ тэрилбит ыйылаан, бэрилээн, хаарынан ыһыахтанан, холоруктанан, ыы иннибитигэр, бу хорос гынан тохтоото. Түҥнэри көппөтөҕөр, махтал. Уолаттарга кэһиибин, киэһэ аһыырдаах үрүсээкпин сүкпүтүнэн, тэрил диэки хаамааччы буоллум. Саастаах киһини бастакынан киллэриэхтэрэ диэн санаалаахпын. Дьэ доҕор, оннук буолбата. Эдэр дьон бары ол тэрил аанын былдьаспатылар дуо? Ыһыы-хаһыы буолла. Миигин тас диэки үтүрүйэн кэбистилэр. Үтүрүйбүттэригэр, махтал. Тэпсиэх да курдуктара. Ол мучумааннана сырыттахпытына, биир киһи букатын өлөр хаһыытын тылласта. Тэрил кып-кыра ааныгар кыбыппыттар быһыылаах. Оо, иэдээн! Култуура диэн ханан да суох! Ким кыахтаах, ол тэрил иһигэр киирэр диэн эбит. Оо, эдэр эбитим буоллар… Кырдьар – кырыыс диэн маны этэн эрдэхтэрэ. Сах салаатын, дьиэбэр төннүүһүбүн. Өтөр халлаан хам ыллаҕына, массыыналар сылдьыахтара турдаҕа.

Аны туран, аҥаардас биир өттүгэр барыы сыаната 3 000 солк. эбит. Дьэ сыана дии. Аҕыйах мүнүүтэ айаннаары, итиччэ харчыны биэрэр диэн сүрэ бэрт дии? Министиэристибэлэр эҥин хонтуруолга ылбат муҥнара буоллаҕа….

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0