Бүгүн тэрэпиэп бырааспар көрдөрүнэр буолан, сарсыардаттан аҥнан-бохтон даачабыттан балтараа биэрэстэ кэриҥэ сири иҥнэл-таҥнал түһэн, аҕылаан-мэҥилээн оптуобуспун кыл-мүччү баттаһа кэлэн, ыы-быччары дьон быыһыгар кыбыллан киирэн тыын быһаҕаһынан тыына турдум. Үлэ чааһа саҕаланыыта оптуобус наар толору буолар, даачаһыттар, дьон-сэргэ үлэлэригэр, дьиэлэригэр-уоттарыгар тиэтэйэллэр. Онон олорон эрэ айанныам диэн санааҕа да суох.
Үөһээҥи турбаттан ыйааста кэриэтэ тардыһан турдахпына, тарбахтарынан санныбар тобугураппыттарыгар “тахсаары гыннаҕа” диэн кырыыбынан буола сатаан эргиллибитим, эдэркээн кыысчаан, устудьуоҥка быһыылаах: “Олоруҥ”, – дии-дии, кураанах олоххо өрүсүһэн “лах” кынаары кыммыттары үтэйэ-үтэйэ, тоҥолохпуттан ылан олордон кэбистэ. Соһуйан, үөрэн хаалан, бу муҥнааҕыҥ сиэним кэриэтэ кыысчааҥҥа махтанар, баһыыбалыыр туһунан толкуй да суох буоллаҕа. Кэлин санаан бэйэбиттэн бэйэм кэлэйдим.
Уруккунан “Туймаада” маҕаһыын остонуопкатыгар түһэн, кыстык дьиэбэр айаннаары субу күлтэрис кына түспүт 7-с оптуобуска киирэн, ходьох кынан хоҥноругар тутуһаары устуойканы сиирэ-халты харбаан умса туруйалаан эрдэхпинэ, оройунан оптуобус үрдүгэр анньыллар ыччат ойо эккирээт, харыларыгар түһэрэн ылла: “Старик, садись”, – диэт ойон турбут миэстэтин ыйда.
Киһиэхэ кыра да наада ээ. Икки оптуобус тухары ыччат дьон миэстэлэрин туран биэрэн, оҕонньор дьиэлээх олорон эрэн бэрт сынньалаҥнык, астына, санаам көтөҕүллэ айаннаатаҕым үһү! Оптуобустан бэрт чэпчэкитик түстүм. Кэннибэр: “Убаастабыллаах гражданнар, тутаахтартан тутуһуҥ. Оҕолоох пассажирдарга, саастаах, кырдьаҕас дьоҥҥо миэстэҕитин туран биэриҥ. Дьоллоохтук айаннааҥ!“ диэн дьахтар эйэҕэс саҥатын илдьэ оптуобус салгыы айанныы турда.
Биэс этээһи бэрт чэпчэкитик дабайан, дьиэбэр киирэн: “Бээрэ, бүгүн туох ааттаах табылынным, туох-ханнык ураты күнүй?” —диэн чыыһылынньыгым хас да лииһин хастаабытым: алтынньы 1 күнэ – Кырдьаҕастар күннэрэ эбит! Ол иһин да… оҕолорбут, ыччат дьоммут барахсаттар, биһигинньиктэргэ Кырдьаҕастар күннэригэр эрэ буолбакка, мэлдьи болҕомтолорун уураллара буоллар…