БИЭТЭС БИЛЭЭХЭП: Кыһыҥҥы киһи кыыһырар

Ааптар:  Биэтэс Билээхэп
26.10.2024
Бөлөххө киир:

Күһүҥҥү киһи күлбүтүнэн дииллэрин курдук, хата, мин кыһыҥҥы киһи кыыһырар диэм этэ. Тоҕо диэтэххэ, томороон тымныылаах Сахабыт сиригэр ичигэс таҥаһа суох киһи кыайан кыстаабат. Оннооҕор миэхэ, оҕонньорго, халыҥ, хачыгыраабат ыстаан, үчүгэй улларыылаах этэрбэс, бэргэһэ наада.

Тугу гыныахпыный, ааспыт өрөбүлгэ таах олорор киһи, дьаарбайа таарыйа Кытай ырыынагар бара сырыттым. Кыстык буолбута биллэр, ол дойдубутугар киһи толору. Ордук дьахталлар соппуоска атыылыыр лааппыга үмүөрүһэллэр. Биир дьахтар: “Пиинискэй саппыкы 32 тыһыынча солкуобай буолбут, онон кытайдарбыт да соппуоскалара баҕалаах буолууһу”, — дии-дии айманар. Ол аайы атыттар омуннаныы бөҕөлөр.

“Дүөсэбэ да дүөсэбэ” буола тураахтыыллар атыыһыттарбыт. Хантан дүөсэбэ буолуой? Мин көрдөхпүнэ, соччо халыҥа суох, барбатах балык миинин курдук өҥнөөх сону биир дьахтар кэтэн сиэркилэ иннигэр эргичиҥниир. Бэрт бөрүкү таҥаскын дии санаабатым. Дьахтар халлаан тымныйан ыксаабыт бадахтаах, сыанатын түһэрсэр. Ону атыыһыта: “12 тыһыынча солкуобай”, — диэн баран, этэн баран тохтообот кэҕэ курдук, эппитин саараама уларыппат. Сүрдээх сыана диэтэҕиҥ.

Итинник сөҕө-сөҕө хааман сылдьан, соннор сыаналарын ыйыталастым. Дьонум бары үтүктүспүт курдук биир кэриэтэ сыананы этэллэр. Дьэ, буолар да эбит. Өссө эбиитин каартанан төлөбүрү ылбаттар, бу нүөмэргэ ыытыҥ диэн нүөмэрдэрэ суруллубут кумааҕыларын үҥүлүтэллэр. Дьэ, бу тоҕо төлөтөр тэрили ким да ирдээбэтий, талбыттарынан атыылыы туралларый диэн испэр олус абардым.

Бу хаама сылдьан былыргы чылыгырыайкабын ахтан-санаан, бэл, манньыйан ыллым. Барахсан сылааһа, чэпчэкитэ, киһи тириппэтэ бэртээхэй да таҥас буолара. Төһөлөөх киһини абыраабыта буолуой? Хата, билигин баабырыкалар чылыгырыайканы тигэллэрэ буоллар, бэрт да буолуо эбит. Иһэ баата, таһа аныгы моһуоннаах буоллун ээ.

+1
2
+1
0
+1
0
+1
1
+1
0
+1
1
+1
0