БИЭТЭС БИЛЭЭХЭП: “Кыһыл атахтаах” кыһалҕа кыһарыйан…

Ааптар:  Биэтэс Билээхэп
28.11.2023
Бөлөххө киир:

Бэҕэһээ бассаабынан ыыппыт биидийэлэрин көрөн иһэн, ыксаан, чэчэгэйдэрим кэйиэлээннэр саба тутан кэбистим. Эбэбит килэгир муус-хаар киэлитин устун иннигэр хараҥаны тэһэ тыктаран, ыраахха диэри сырдатан эйэҥэлэтэн иирбит сыаналаах, иирбит сырыылаах Ирбис иһиирэн, илгистэн айаннаан иһэр. Кэнниттэн иһээччилэр устубуттар быһыылаах.

Туох ааттаах хойутай, им балайга сэрэхэдийэн субуруһан айаннаан истэхтэрэ дии саныы олордохпуна, эмискэ туормастаан, тохтоон хорус гыннардылар. Арай доҕоор, иннилэригэр уот сырдыгар көрдөххө, утары испит үрүҥ дьүһүннээх массыына тумсунан мууһу тоҕо баттаан барчалаан хойуостан тимирэн киирэн барда! Ирбистэн ыстаныталаан түһэн, атахтар сырсыаккалаһаллара көһүннэ. Бытаардыллыбыт киинэҕэ көрдөрөллөрүн курдук, эмэһэтэ хоройон сыыйа уу анныгар баран эрэр массыына ааннара аһыллан, будулуйа, буруолуу сытар ыйыста хараҕа сырдык сарадаҕар дьоннор илиилэрэ адаарыҥныыра, булумахтаналлара, төбөлөрө хараарыҥныыра, хаарыаннаах массыына тимирэн эрэрэ иэдээннээх хартыына буолан көһүннэ. Ити үлүгэрдээҕи устубуттара да баар ээ…

Сордоохтор дьоллоругар, Ирбистэр уот-маас утары кэлэннэр, били тилигирэспит атахтар өлөр өлүү айаҕыттан кыл-мүччү сулбурута тардыталаан таһаартаабыттар. Биидийэ аннынан “Ирбистээх табаарыспыныын кэпсэтэ сырыттым. Бүгүн (кыһыҥҥы Мэхээлэйэп күнүгэр) 5 массыына уу анныгар барбыт…” диэн суруктаах.

Элиэнэ эбэбит барахсан, күһүн-саас “утуйар-уһуктар” бырассыаһа сырыыны-айаны, олох-дьаһах хаамыытын харгыстааһына, айылҕа бэйэтэ айбыт моһоло буоллаҕа, хайыыр да кыах суох. Ыарахан, тыын харбас социальнай кыһалҕа, ыарык-баттык буолан дьон-сэргэ эрэйгэ-муҥҥа тэбилиннэҕэ. Дэлэҕэ, 30-с сылларга хаҥыл Хаҥалас улууһа Илин-Арҕаа Хаҥаластарга хайдыһыа, арахсыа дуо. Сүүлүргээн буолбакка, кыһалҕаттан дьаһаннахтара.

Төһө эмэ сэрэтии, бобуу-хаайыы баарын үрдүнэн, иэгэйэр икки атахтаах эрэйдээх көрүлээн-нарылаан, “шумахердаан” буолбакка, “кыһыл атахтаах” кыһалҕа кыһарыйан, кыйдаан, бүтүн олоҕун, дьылҕатын Таҥара илиитигэр туттаран кутталлаах суолга турунар буоллаҕа. Ханнык да сэрэтии, бобуу-хаайыы тохтоппот…

Кырдьаҕас түөһээҥки, ити биидийэттэн сылтаан санаам алдьанан куолулаабычча эттэхпинэ, кэтэһэн-кэтэһэн кэлтэй буолан эрэр Элиэнэ эбэбитин туоруур, илин-арҕаа кытылларын силимниир муостабыт булгу тутуллуон наада. Дьон-сэргэ дьыл хайа да кэмиттэн тутулуга суох наадатын, сыалын-соругун ситиһэ холкутук айанныырын курдук. Оччотугар эрэ моһоллору-мэһэйдэри үөскэтэн кэлбит социальнай кыһалҕа букатыннаахтык туоратыллыаҕа, быһаарыллыаҕа. Дом!

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
1