БИЭТЭС БИЛЭЭХЭП: Кус миинин иһэн баран…

Ааптар:  Биэтэс Билээхэп
25.05.2024
Бөлөххө киир:

Хата улуустан кэһиилэрин кус аҕалан биэрдилэр. Эмээхсиннээх оҕонньор Ньукуолун күн быры-быргыччы буһаран баран, охсон кэбистибит. Үчүгэй ас хаалыаҕынааҕар, баҕар, куһаҕан ис бардын даҕаны. Онон ахтылҕаннаах аспын тото аһаабыт киһи быһыытынан, идэбинэн уруккуну-хойуккуну саныы сыттым. Урут, оҕолорбут кыра эрдэхтэринэ, биһиги, төрөппүттэр, улаханнык долгуйбакка саа туттаран баран, дурдаҕа хонон кэлэллэрин көҥүллүүр буоларбыт.

Биллэн турар, чугас эргин учуутал олорор буоллаҕына, кутталлаах. Сааны хол-буут араартаран, хонноххо, суумкаҕа уктаран, кыбыыны быыһынан, кытыаны аннынан аттаан-сыыллан, чугастааҕы ойуурга элэс гыналларын көрөн эрэ хааларбыт. Дьэ, уонна Байанай дук гыммыт буоллаҕына, кинилэр саҕа дьоллоох дьон суох сарсыарданан тиийэн кэлээччилэр. Бэрсибэтэх да буоллаҕына, сааскы айылҕалыын алтыһар, күн тахсыытын көрсөр туох куһаҕаннаах буолуой. Оччотооҕу учууталлар да улахан кылаас уолаттарыгар тэҥнээхтэрин курдук сыһыаннаһар этилэр. Онно холоотоххо, билигин 10-13 саастаах оҕолорго саа туттаран ыытыаҥ эбитэ дуу. Баҕар, мин аһара уһуннук куоракка олорон хаалан, муодаргыы саныыр буолбутум буолуо. Бука тыа сиригэр билигин да кистии-саба кустаан эрдэхтэрэ. Ол иһин тыа сирин оҕолоро эппиэтинэһи кыра эрдэхтэриттэн сүгэ, сиргэ-булка сылдьа үөрэммит буолан, быдан атыттар.

Санааттан санаа… Туох сах быраабыла уларыйбыта буолла, үнүрүүн сиэн быраатым мончуук буолар кус наада диэн ону көрдүүр түбүгэр түһэ сылдьара. Аныгы үйэҕэ онтуката суох кустаабат буолбуттар үһү, быраабыла уларыйбыт. Ол көтөрдөрүн кыһыны быһа кыстатыа, сымыыттатан сиэ үһү. Кыс ортото кус миинин иһиэххин баҕардаххына, ырааппакка моонньун булгу эрийэн кэбиһэргэ эмиэ да бэрт эбит. Арба да, мас көтөрүн эмиэ кус курдук дурда оҥостон олорон бултуур буолбуппут диэн эттэ дуу, алҕас өйдөөтүм дуу. Ол хара тыа элгээн күөл буолбатах ээ, мас көтөрө ханан кэлэрин-барарын хантан билэн ойуур быыһыгар дурда туттан олоробун. Онон, арааһа, сыыһа өйдөөтүм быһыылаах. Дьэ туох да диэбит иһин, бэтиэхэ дьыала эбит, хата мин эрдэ төрөөн, киһилии бултаан-алтаан хааллаҕым.

+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0