Ааспыт үйэ 50-с сылларын бүтүүтэ буолбут түбэлтэ. Оччолорго көтөр-сүүрэр, кыыл-сүөл да элбэҕэ. Тэлгэһэҕин кыйа үүнэр үөттэр, талахтар быыстарыгар элэмэс куобахчааннар бу хап-харанан кылахачыһан сытар буолаллара.
Балаҕан ыйа бадахтаах. Күһүҥҥү күн саҕахха саһан, тула боруҥуйуута ыаллыылар, Эмэлдьээн икки Самыкаанньа Бааскалар хойутаан, саа сүгэһэрдээх хаамсан саллырҕаһан дэриэбинэ кытыытыгар тиийэн кэллилэр. Эппэт кэлэҕэй Самыкаанньа Бааска киһитин тоҥолоҕуттан тарда-тарда:
– Ма-ма-нна куо-ку-ку-уобах ба-ба-аар. Ү-ү-үүр, – диэн бөлкөй талахтар диэки ыйа-ыйа кэтэҕэ титирэстээтэ. – М-мин то-то-тоһуй-уом, – саатын бүлгүрүтэн ботуруон угунна.
– Ээ, эн киһи баайан туруорар, самыкаанньалаабыт куобаҕыҥ баара буолуо… – Эмэлдьээн Бааска хаадьылаһан мэлээриҥнии-мэлээриҥнии, эрэһииҥкэ саппыкытын осторо хообурҕаһан, хааман саллаҥныы турда. Бээ, Баһылайга ити Самыкаанньа диэн нууччалыыттан киирбит аныгылыы хос аат иҥэриллибитэ, бэйэтэ бэһиэлэй устуоруйалаах.
Уот биэрээччи, ыстаансыйаһыт Бааска “бытыга умайан” эбинээри “хантан, кимтэн булабын” диэн санааҕа хам ылларан, “көхсө харааран” сүгүн олорбот да, турбат да буолла. “Үлэ чааһа бүппүт, халлаан хараҥарбыт, маҕаһыын сабыллыбыт. Арай маҕаһыыҥҥа самыкаанньа… уот бардын… Ээ, сөп, соннук”,– диэн баллыгырыы-баллыгырыы Баһылай ыстаансыйа уоту холбуур рубильнигын арааран кэбистэ. Дэриэбинэ иһэ биирдэ “ньим” гынна.
Биэрэстэ аҥарын кыайбат сири өр гыныа дуо, маҕаһыыны сэргэ турар бэрэдэбиэс Дьуона дьиэтин аанын бэрт сорунуулаахтык тэлэйэ аһан көтөн түстэ. Киэһээҥҥи аһылыктарыгар олорон эрэр ыалы аймаан:
– Дьуо- н-аа, ма-ма-ҕаһыыҥ-ҥа са-самык-аан-ньа бу-буол-ла. А-аһа оҕус! – дии-дии төттөрү ыстанна.
– Тыый, бу иэдээни… – бэрэдэбиэс Дьуона ыксаан салыбырас тарбахтарынан нэһиилэ күлүүһү аһан иһирдьэ киирэн чүмэчи умаппытыгар, Бааска кирилиэһинэн салҕанан бэрэдэхирэниитэл буруобкатын өһүлэн эргим-ургум көрүтэлээн, үрэн кэбиһэн баран, оннугар төттөрү эрийэн кэбистэ.
– Хайа, хайдаҕый, туох буолбутуй? – Дьуона ыксаатаҕына буоларыныы, чыпчырына, туоһулаһа турда.
– Ха-ха-йыай, буруоп-ка хантаа-таа-ҕын эм-э-һэтэ на-на-гаардам-мыт. Ол аата хор-уорбут. Ы-ы-раастаа-тым, үч-чүгэй бу-уо-луоҕа, – дэриэбинэҕэ суос-соҕотох исписэлиис, ыстаансыйаһыт Бааска амалыйбыта Таҥара эппитигэр тэҥнээх буоллаҕа. Дьуона үөрүүтүттэн сэксэс гыммытын көрөн, Бааска кэтэҕин тарбана-тарбана:
– Ыл эрэ, Дь-дьуона, бачча киир-биччэ, та-таарыч-чы би-биир и-иһит-тэ а-аҕал эрэ, – диэн көрдөөн ылан хоонньугар уктан кэбистэ.
Оҕуруктаах өйдөөх Бааска, нууччалаттахха, кырдьык да, классическай дьаһаныыта күн сарсыныгар дэриэбинэҕэ иһиллэ-биллэ охсон, онтон ыла Самыкаанньа Бааскаттан атыннык ааттаммат.
Куобахчыттарбытыгар эргиллиэҕиҥ. Эмэлдьээн Бааска “һуулуура”, маһы маска охсон тоһурҕатара иһиллэр буолбут. Самыкаанньа Бааска саатын бэлэм тутан, кулгаах-харах иччитэ буолан турдаҕына, арай, иннигэр охто сытар амынньыары, лабааны үрдүнэн ойуоккалаан боруҥуйга мап-маҕан куобах уун-утары кылбаҥнаан иһэр. Самыкаанньа “а-һаа” диэт, балачча кыҥаан турда. Сүүрбэччэ миэтэрэ чугаһаатын, элбэрээгин тардан кэбистэ. Доруоп саа дымнай буораҕынан төлө сөтөллүбүт хабархай буруота дьайҕарыыта, Бааска бултуйбут киһи сиэринэн дьоһумсуйан тиийэн булдун хойуу, уһун кутуругуттан өрө ыйаан таһааран, иэмэ-дьаама биллибэтинэн бабыгырыы, тэпсэҥнии турдаҕына, үүрээччитэ Эмэлдьээн Бааска талахтар быыстарыттан тиритэн-хорутан, мэлээрийэн тахсан кэллэ. Киһитин булдун көрөн, соһуйан:
– Хайа, бу тугуой!?– чугуруҥнаан тэйэ хаамта.
– Дь-дьэ, та-та-был-лыба-тыбыт. Ку-куо-бах ди-диэбит-им ку-куос-ка бу-буолан ха-аал-ла. Ыа-лы-м Ки-кис-иэн-ньэ ку-куос-ката, иэдээн,– Самыкаанньа Бааска бултуйбут буруйун ыала дьахтарга – Кисиэнньэҕэ хайдах билиниэн билбэккэ, куобах саҕа үрүҥ куосканы тэйгэччи тутан, бабыгырыы, тэпсэҥнии, кэҕиҥнии тураахтаата…