Бандераларынан сылтанан Эмиэрикэлиин хоруупсуйаласпыт Дьобуруопа 50-тан тахса дойдулара сэрии уотун төлө тардан балаһыанньаны тыҥаппатахтара буоллар, сайдыылаах уу нуурал олохпутугар судаарыстыба таһымынан олох да атын тыын суолталаах боппуруостары быһаарыы соруктара туруоруллуо этилэр.
Тоҕо этилэр буолуой, бэл билигин, сэриилэһэ да олорон, оннук “тыын суолталаах” сокуоннар ылыллаллар. Адьас субу соторутааҕыта, муус устар 4 күнүгэр, Судаарыстыбаннай Дуумабыт дьокутааттара айылҕа биэрэр быйаҥын, сир аһын отону, тэллэйи уруккуҥ курдук дьаалаҕынан хомуйдаххына, 6-тан 9 сылга диэри хаайыыга угар туһунан федеральнай сокуону бүтэһик ааҕыыга биир санаанан ылыннылар!
Дьэ, олорбуппут сыччах, норуот талбыт дьокутааттара норуоттарын ити курдук күөмчүлүүллэрэ тугун сүрэй, окко сытар ыт курдук: бэйэм да сиэбэппин, кими да чугаһаппаппын диэбит курдук. Аны санаатыбыт да, оҕолуун-уруулуун, кыралыын-улаханныын билэр, үөрүйэх сирдэрбитинэн үөрэ-көтө, астына тэллэйдиирбит, отоннуурбут сэрэхтэннэ. Мас кэннигэр, талах быыһыгар саспыт-кирийбит кэтээччилэр, били Арҕаа Украинаҕа 50-с сыллардааҕы “ойуурдааҕы бырааттары” курдук, тараччы тутан ылыахтара.
Мантан инньэ тэллэйдиэххин, отоннуоххун баҕардаххына, ол сиргин дуогабарынан түүлэһэн харчы төлөөн көҥүл ылыаххын наада. Онуоха докумуон толорторуутугар төһөлөөх бириэмэ барыай, ньиэрбэ бараныай? Билигин киһи барыта отонньут, тэллэйдьит. Айыкыы, дьэ амырыын уочарат, анньыһыы-талкайдаһыы, кыыһырсыы-этиһии буолсу! Устунан уопсастыбаннай бэрээдэк алларыйбатын хонтуруоллааһыҥҥа полиция, Росгвардия нэрээттэрэ туруоруллуохтарын наада буолсу. Олорбуппут сыччах…
Аны ханнык отон, ханнык тэллэй хаһан Кыһыл кинигэҕэ киллэриллибиттэрэ буолла. Оннук буоллаҕына, былыр былыргыттан баччааҥҥа диэри хомуйан кэлбит уулаах отоммут, хаптаҕаспыт, сугуммут, моонньоҕоммут, дьэдьэммит, үрүҥ тэллэйбит, масленокпыт, хатыҥ, тэтиҥ анныларынааҕы, чагдаҕа үүнэр тэллэйдэрбит, тууһанар груздь, рыжик курдуктар Кыһыл кинигэлэммит буолуохтаахтар. Оччотугар тугуй, тураах отонун, мухомор, сытыган курдук киһи сиэбэт отонун-тэллэйин хомуйабыт дуо?
Ол аата Ийэ айылҕабытыттан тэйэбит, атыыга тахсар отонунан, тэллэйинэн, куораттар даачабыт, тыалар тэлгэһэбит быйаҥынан олорор буоллахпыт.