Күөрэгэйдэр күнү көрсө
Күөмэйдэрин сытыылыыллар,
Сэбирдэххэ чаҕылыйар
Сиик таммахтан уулууллар
Күөх халлааҥҥа көтө-дайа
Көҕүтүһэ туойаллар:
Сандал сааһы, кэрэ кэми,
Сарсыардааҥы саһарҕаны
Тырыбыныы, дьирибинии,
Тырылата, дьырылата,
Көй салгыҥҥа уйдаран
Көөчүктэнэ дайаллар
Күлүмүрдэс, күндэлэс
Күн утаҕын сыыйаллар,
Тыҥкыната, лыҥкыната
Тыллар күөҕү симииллэр.
Оҕо сааһым, эдэр сааһым чыычаахтара. Итиннэ-манна хайдах курдук дьирибинии дайалларай, дьигиһитэ туойалларай, күөрэгэйдэр барахсаттар. Хомуньуус баартыйа бастакы сэкирэтээрэ Никита Хрущев химиялааһын бэлиитикэтин өрө тутуоҕуттан, 60-70 сыллартан хаарыаннаах чыычаахтарбытын ыллаабат оҥорбуппут. Хонууну, ходуһаны биир гына уоҕурдабыт диэн ааттаан, аммиачнай селитра тууһу “бөлөрүүс” тыраахтарынан ыстарыахтан, эрэйдээхтэрбитин куоластарын быспыппыт.
Хонууну, ходуһаны биир гына туус бөҕөнү ыстаран, ыт баһын саҕа хомуок туустар оту быһа сиэн итиннэ-манна лөһүгүрэһэ сытар буолаллара. Сүрэҕэлдьээбэтэххэ, туора тэбэн ааһыллара. Онтон ылата күөрэгэй барахсан ыллаабат буолбута
Лууктуу диэн дойдубар тахса сырыттым. Оҕо сааспар, эдэр эрдэхпинэ ойо тэппит ходуһабынан, сыһыыбынан аргыый хаамтым, көрдүм-иһиттим. Уу-чуумпу, им-дьим. Арай чөкчөҥөлөр “кур итириик, кур итириик” дэһэн иннибэр-кэннибэр олох даҕаны күн өйдөөх киһини күлүү гынар курдуктар. Оттон оҕо сааһым чыычааҕа күөрэгэйим барахсан олох да көстүбэт. Дэлби харааһынным…