Киһи барахсан, айылҕа оҕото, иҥсэтэ-обото, өрүскэлэһэр кыртахтаах кыдьыга киирдэҕинэ, тугу-тугу оҥорбото, сиэри таһынан дьаһаммата баарай… Кэм да, батсаап ситимигэр суруйалларын ааҕа-ааҕа, устубут биидийэлэрин көрө-көрө кэлэйии бөҕөнү кэлэйэн, төлөпүөммүн саба тутан, талыр гына быраҕан кэбиһэбин.
Айгыр-силик ийэ айылҕабыт ситэн-силигилээн, хаарыаннаах сир аһын арааһын «хомуйуҥ, эмсэхтэнэ хаһааныҥ, эмтээх битэмииннэринэн доруобуйаҕытын көннөрүнүҥ» диэн икки атахтаахтарыгар утары уунарыгар тиийбэккэ, моонньоҕону, хаптаҕаһы, сугун барахсаны сиикэйдии, күөхтүү үргүүр, имири итигэстиир адьынаттаннылар. Ыаҕайалары ыы-быччары толорон, астынан күлэ-үөрэ, алларастаһа туралларын, ырааһыйаҕа көҕөрүмтүйэ-саһарар отонунан толоруллубут хопполору, биэдэрэлэри, бэрэмэдэйдэри чохчолоон, тула олорон-сытан хаартыскаҕа түһэ-түһэ батсаапка быраҕаллар. Дьиҥинэн, кыбыстыах да баар эбит.
Хайыахпытый, көлүөнэ-көлүөнэ арааһынай, өйө-санаата да атын буоллаҕа. Биһиги оҕо эрдэхпитинэ, ийэлэрбит, эбэлэрбит барахсаттар, отон угун устун чөм-чөм үктэнэн, угун имэрийэ былаастаан сэгэтэн, тарбахтарын сүрэҕинэн бигээн, сыа-сым курдук тутан үргүүллэрэ-хомуйаллара. Оннук да биһигини үөрэтэллэрэ. «Отону мээнэ илдьи тэпсимэҥ, угун алдьатымаҥ. Эһиил эмиэ кэлэн үргүөхпүт дии», — диир буолаллара.
Аныгы отонньуттар уһуктаах тоһоҕо тиистэрдээх хамбаайын диэн тэриллэринэн отон угун сибэккилэри-сэбирдэхтэри, силистэри турута-тырыта сыыйтараннар, аны ас куппат гына тараах иэннииллэр. «Кэннэ кэтинчэ да буоллун» диэн өйдөбүллээхтэр, кыһамматтар. Сайдыылаах үйэ отонньуттара, былыргылыы илиилэринэн үргээн эрэйдэммэттэр. Тарбахтара быстан түһүө буоллаҕа… «Үргээһин» буолбакка, «отону хомуйуу» диэн өйдөбүллээх саҥа ньымалары, аныгылыы мадьырынысаассыйалааһыны толкуйдууллар-тобулаллар, ол уопуттарын батсаабынан тарҕаталлар.
Биир сатабыллаах эрэт, хотуурга майгынныыр тэрилинэн сугун угун устун хоннохтоох охсооччу курдук куһуйар. Көрүөх бэтэрээ, биэдэрэ аҥаара бэлэм! Киһи сөҕүөх, сирэйин көрдөрүмээри былаатынан тууна бааммыт кыыс дуу, дьахтар дуу, туос бэрэмэдэй курдук обургу иһитинэн маҕайа-маҕайа, далайа-далайа сугун хойуу угун сырбаталаан куһурҕатар. Бачча сааспар тиийиэхпэр, итинник сугуннуулларын аан бастаан харахтаатым! Дьэ, итинник тырыта-хайыта тыытыы, тоҕута сынньыы кэнниттэн эһиил туох сугуна үүнүөй? Хаптаҕаһы уктары тоһута тутан, бурдук түүтэҕин курдук көтөҕөн мадьылыһа сылдьааччылар эмиэ бааллар.
Былыр өбүгэлэрбит сир аһа буһан, амтана киирдэҕинэ эрэ үргүүр буолаллара. Ситэ буһа илик, бүтэйдии кытаран эрэр ханнык баҕарар отон иһигэр үөннээх буолар. Ол иһин өбүгэлэрбит «сир аһын сиикэйдии үргээмэҥ, искит үөн буолуо» диэн сэрэтэллэрэ…
Биэтэс Билээхэп