Мин ийэбин түһээтим… Түлэй-балай баран, туох буолаары гыннамый, абааһы дьаҥ-дьаһах, пандыамыйа… Мэлдьи тииммэт-түгэммэт, хантан эрэ, тугунан эрэ үссэнэн-бөрөнөн, сап саҕаттан салҕанан тиийбэт тирии, таппыт тараһа олохтоох оҕо сааспар тиийэн хааллым…
Оҕо оҕо курдук, иһим көппөйдө да, кыһалҕа кыра курдук буолара. Күп-күөх, көбүс-көнө кырдалбар күн кыһалҕата суох күөлэһийэ оонньуурум. Саһара кыыһар алтан от сирэмин быыһыгар күлэ-күлэ күөлэһийэрим. “Ньээм-ньээм, кыптыый буута, ньээм-ньээм, кыталык түөһэ. Ньээм-ньээм, куобах буута, ньээм-ньээм туллук түөһэ”,— ыллыы-ыллыы, ахтылҕаннаах уос тэнитэри астына амтаһыйар курдук, сибэкки умнаһын тылбынан төгүрүтэ ньалбыырым.
Сып-сылаас, сып-сымнаҕас тэлгэһэм абылаҥнаах тыыныгар куустаран, ип-ичигэс илгиэригэр уйдаран тиэрэ түһэн таалалаан сытарым. Сиртэн, олохтон тэйэммин, киҥкиниир киэҥ халлаан устун үрүҥ тураҕас сылгы былыты миинэммин, баһым байҕалга, кутуругум куйаарга буоларым…
“Тоойуом, Биэтээс, кэл, бардыбыт”,—ханна барарбытын интэриэһиргээбэккэ да, сиэттиспитинэн барса турабын. Убаарыскайдарга, Кэккэлэтэр Кэтириистээххэ кэллибит. Элбэх оҕолоох-ыччаттаах, ыстахаанабыс, холкуостаах хоодуот уолаттардаах, биэстии-алталыы ат сыарҕатынан дохуот аахсар кыахтаах ыал. Бурдук, чэй, арыы сыыһа умналаһарыгар миигин доҕор оҥостон илдьэ кэлээхтээбит эбит. Кэлин санаатахпына, ийэм эрэйдээх улахан иистэнньэҥ буолан, эбии тугу булбутунан салҕанан, уоспутун тэнитэн олороохтообуппут. Ону-маны сэһэргэһэ түһэн баран, Кэтириис уолаттарыгар үлэҕэ кэтэр истээх үтүлүк сакаастаан, ботуччу бурдук, киппииччэ чэй, баайыы табах суулаан биэрэн ыытта. Ийэм барахсан, санаата
чэпчээн, эгди буолан, сымнаҕас, сылаас муннунан сүүспүттэн сыллаан ылла.
Аҕабынаан ыарыһах буоланнар, кыра дохуоттаах сыр-мыр үлэҕэ сылдьаахтыыллара. Үксүн иэстэн иэскэ киирээхтииллэрэ. Сыарҕалаах ат тардарынан дохуот аахсар дьону көрө-көрө ийэм эрэйдээх кыракый биим биһигини кууһан олорон: “Оҕолорум, көмүстэрим сыыстараа, хаһан улаатаҥҥыт дохуот аахсар дьон буолаҕыт. Онуоха тиийбит киһи ньии…”— диэн ытамньыйбытын, хараҕын уутун таммаҕа чуохайбыт сүнньүбүнэн, көхсүм устун сүүрбүтүн, иэним кэдэҥнээбитин санаатахпына, сүрэҕим ытырбахтыыр…
Түүлбүн көрө сытабын. Бурдуктаммычча, күөстэнэр дьиэҕэ ийэм алаадьы буһарар, сүүһүгэр бычыгыраабыт көлөһүнүн былаатынан соттор. Арыылаах хобордоох сырдьыгыныыр, минньигиис-минньигэс сыт дыргыйар. Түүлэй түүнүм уһаарыый, түлүк түүлүм быстымаарыый. Ийээ, ийэкэм барахсан, иҥэн-сүтэн хаалымаарыый. Аҕамсыйбыт атаах уолгун аара хаалларан кээһимээриий…
Биэтэс Билээхэп