
Бас быстар сыаналаммыт омуктар араас табылыаккаларын, эмтэрин атыылаһар, арааһа, соччото суох буолла быһыылаах. Ол тугу-тугу оҥорон ыыталлара биллибэт.
Онон өбүгэлэрбит былыргы үөрүйэхтэрин баһылыырбыт дьэ кэллэ быһыылаах. Үөрэхтээхтэр, идэлээхтэр этэллэринэн буоллаҕына, тэпсэ сылдьар отторбут, үүнээйилэрбит барылара эмтээхтэр эбиттэр, ээ. Онон мантан инньэ сэбирдэҕинэн-лабаанан, лабыктанан-мутукчанан, отонунан-туорааҕынан эмп оҥостор, иһэр, тыынар, угуттанар, бэрэбээскилэнэр ордук буолла быһыылаах. Ол ырысыабын ырааппакка, социальнай ситимнэртэн хайа баҕарар ылыахха сөп. Ол курдук, тустаах исписэлиистэр сүбэлэрэ-амалара хара баһаам. Барахсаттар, дьоммут-норуоппут туһа диэн, кыһаллан эрдэхтэрэ…
Ааспыкка таах олоруохтааҕар үөлээннээхпэр дэриэбинэҕэ тахса сырыттым. Доҕорум Оппуонньа барахсан: «Пандыамыйаны «па!» диибин. Хамсык дьаҥын хам тутар бороссодуураны булан турабын, мин ньымабын батыһыҥ!» — диир эр бэрдэ, арай. Саллар сааһын тухары тарбыйахсыт, сүөсүһүт, 70‑чатын чугаһатан эрэр Бостуук Оппуонньа эмээхсининээн, Балбааралыын, ат эккирэтэр дьиэлэригэр иккиэйэҕин толугураһан хаалбыттара балайда буолла. Оҕолор араас идэлэнэн, араас сирдэринэн тэлэһийэн, ыал-күүс буолан, оҕо-уруу тэнитэн олохсуйан үлэлии-хамсыы сылдьаллар.
— Өбүгэлэрбит үгэстэринэн хотону төттөрү дьиэҕэ холбуур кэм кэллэ. Сэссийэлиисимнээн, хомуньууһумнаан бүппүппүт ыраатта. Хотонум — эмтээх, үптээх ампаарым! Олох олорор, тыыннаах буолар хорук тымырым! — Оппуонньа диир.
— Доор, «таҥара маһа күрдьэх» диэн, дьэ бу баар. Ынах сааҕа аныгы үйэҕэ валюта буоллаҕа, көмүс манньыаты күрдьэн күлүмнэтии! Оттон ынах иигин, сааҕын ыыра-дьаара туохха да тэҥнэммэт, күүстээх дьайыылаах баксыына! Ханнык да пандыамыйа бахтыарыйата тулуйбат, өлөн тойтос гынан хаалар. Ону-маны оргута-оргута, үллүнэ-үллүнэ тыынан-эҕирийэн эрэйдэнимэҥ. Сахам дьоно, куккут-сүргүт төрдүгэр — тыа сиригэр куотуҥ, хотоҥҥо төннүҥ, дьаҥтан-ыарыыттан быыһаныҥ! — диэн 70‑чалаах Бостуук Оппуонньа 50‑чалаах эр бэрдинии уолугун нэлэтэн, түөһүн муҥунан эҕирийэ тыынар.