БИЭТЭС БИЛЭЭХЭП: Хааппыла уу муостаҕа түспэтэх оптуобустара

Ааптар:  Биэтэс Билээхэп
Бөлөххө киир:

Куорат кырдьаҕас олохтооҕо буоларбынан, Дьокуускайга буолар бары үчүгэйи билэ-көрө сатыыбын. Аппа уҥуор дьиэлэри тэллэй курдук тутар буоллулар. Биирдэ көрбүтүҥ дьиэ дьэндэйэн тахсыбыт. Халлаан хараҥардаҕына тас өттө умайар, күлүмнүү тырымныыр дьиэлэр баар буолбуттар. Бэркэ да оҥорбуттар диэн оптуобуска айаннаан иһээччилэр бары сөҕө-махтайа көрөллөр. Хайа тутааччы дьэндэппитэ буолла?

Чэ, ити хааллын, куораппыт тупсан-киэркэйэн иһэрэ үчүгэй. Арай, биир хомойорум диэн, бу сайыны быһа сууллубатах оптуобустар. Бара сатаан, арааһа, куораппытыгар тиһэх тохтобулларга уу суох быһыылаах дуу диэн эмиэ саныыбын. Көр, кураан сайын курдук, биир да хааппыла уу муостатыгар түспэтэх оптуобустар элбэхтэр. Ким да өҥөйөн, бэрэбиэркэлээбэт муҥа буоллаҕа. Бэйэбит даҕаны үөрэнэн хаалбыппыт быһыылаах, буолуохтааҕын курдук саныы-саныы, быар куустан олорон айанныыбыт.

Дьэ, сэтинньиттэн оптуобустар сырыылара уларыйар диэн түрбүөн-түрүлүөн бөҕөтө. Сорохтор үлэбэр айаннаан тиийэрбэр, оскуолаҕа оҕобун хаалларан ааһарбар олох табыгаһа суох буолбут диэн айдаараллар. Атыттар төттөрүтүн табылынныбыт диэн күлүктэригэр имнэнэллэр. Сүүс киһи санаата араас буоллаҕа, оннооҕор дьиэҥ иһигэр эрдии-ойохтуу дьон санаалара араас буолар эбээт.

Хата, ити Сандаара Кулаковская диэн бэрт үчүгэйдик кэпсиир-ипсиир эдэр кыыс баар эбит. Дьону үбү-харчыны билэргэ үөрэтэ сатыыбын диир. Көр кини эттэ ээ: ”Эр киһи уонна дьахтар тус-туһунан харчылаах, каарталаах буолуохтаахтар. Күн аайы кэргэҥҥиттэн бүгүн аһыырбар харчыта аҕал диир соччото суох. Оҕо эрдэҕинээҕи кэмҥин санатар“, — диир. Бу этиитин олус биһирээтим. Эмээхсиммэр: “Мантан инньэ биэнсийэм харчытын бэйэм бас билэбин”, — диэн бөөҕүнээбиппэр, ырдьыгынаан кэбистэ. Онон бүттэхпит.

Харчы туһунан санаан этиэх буолбуппуттан эмиэ халыйан хааллым. Бу оптуобустар сырыыларын уларытыыны сэргэ ыраас буолууларын боппуруоһун кытаанах хонтуруолга туталлара буоллар, бэрт да буолуо этэ. Бэйэм да кырдьыбыт киһи оптуобус быылын-буорун бүрүнэн тахсарым соччото суох ээ. “Хайа абааһы иһэр”, — диэхтэрэ мааны дьон.

+1
5
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
1
+1
1