БИЭТЭС БИЛЭЭХЭП: ХААЙЫЫ КУРДУК ДОЙДУ ЭБИТ…

02.08.2021
Бөлөххө киир:

Нэдиэлэ саҥатыттан, бэнидиэнньиктэн быһа оҥостон-тэринэн аарыгыран, иккитин ааһан көҥүл хааман тойтоҥолуур “улахан киһибититтэн” саҕалаан, сэттис кылааска тиийэ үөрэнэр сиэннэрбит диэн дьоннорго тыыннаах араас кыыллары-сүөллэри көрдөрө диэн ааттаан, өрөбүл күн Хаҥалас Өктөмүгэр Орто Дойду паарка зоопаарка дэнэр дойдутугар сырыттыбыт.

Хара ааныттан, хайдах эрэ киһи кута-сүрэ тохтообот, имик-самык, курус санаа саба баттыыр курдук. Көҥүллэрэ быстыбыт, буомуран, өҥнөрө-түүлэрэ илбирийэн хаалаахтаабыт айылҕа оҕолоро эрэйдээхтэр, тимир эрэһээҥки нөҥүөттэн “бу буолаахтаабыппытын көрөн абыраныҥ” диэбиттии, киһи аһыныах одуулаан кылахачыһаллар, өһүөннээҕинэн тыбыс-тымныынан да эрилиҥнэтэр харахтар бааллар. Буору-быылы бүрүммүт кырымахтаах дэнэр боруоруспут, саппаҕырбыт саһыллар дьүһүннэриттэн-бодолоруттан кыбыстыбыттыы килиэккэ түгэҕэр саһан, түҥнэри хайыһан олороохтууллар.

Адьырҕаларынан аатырар ардай аһыылаах бөрөлөр, тот ыттар курдук, сытан эрэн сүрэҕэлдьээбиттии толунньаҥ уҥуоҕун эргичитэ сылдьан көмүллүүллэр, кирэн кирдиргэтэллэр. Аарыма хагдаҥ эһэ түүтэ соролоон килэриччи оспут баастаах , адаарыйбыт, такырыйбыт тыҥырахтаах баппаҕайынан модьу-таҕа эрэһээҥки быыһынан харбыалаһар, далбаатанар. Олорон эрэн икки өттүнэн иэҕэҥнээн сүүнэ баһа лэкээриҥниир.

Улуу Кындыл бэйиэт умнуллубаттык хоһуйан-этэн кэбиспитин курдук, “Үрүҥ эһэ арҕаһыныы үллэр бааллаах Хоту Байҕал” оҕото саһарымтыйан көстөр үрүҥ эһэ муҥнаах тимир-бетон эркиннэринэн эргитиллибит тэлгэһэтин ортотугар оҥоһуу чалбахха буккуллуон да баҕарбакка, “хоспоҕун” иһиттэн быган көрө-көрө саһан-сүтэн хаалар. Кыракый сиэммитигэр көрдөрөөрү кэтэһэ сатаан баран, чуурбутун биэрдибит.

Кууруссатыҥылар, эҥин арааһынай көтөрдөр – куҥ мэйиилэр, “биһиэхэ туох буолуой” диэбиттии, туох да кыһалҕата суох, ону-маны барытын тоҥсуйан тобурҕаталлар, куурбут-хаппыт, адаарыйбыт тарбахтардаах атахтарынан сири-буору хаһыйан сардырҕаталлар. Обургу сиэннэрбит кыргыттар утуктуу олорор павлиннар сиэдэрэй кутуруктарын тиирэн көрдөрөллөрүн хаартыскаҕа түһэрээри кураанахха күүтэ-кэтэһэ сатаан хомойоохтоотулар.

Харахтарын симэн, уйаара-кэйээрэ биллибэт истиэптэрин, кумах куйаардарын, туундараларын ахтан иэҕэҥнэһэ-куоҕаҥнаһа турар тэбиэннэри, табалары киһи да аһынар… Арай күөлгэ кустар болуоттуу анньан устаҥнаһаллар, аһаан-сиэн чалбааттаналлар, маатырҕаһаллар. Барахсаттары, бу тутан ылыах чугаһаан сэргэхсийэҕин, зоопааркаҕа сылдьар курдук сананаҕын.

Уопсайынан, көтөр-сүүрэр сүүрбэт-көппөт, оҕо аймах үөрбэт-көппөт, чуҥкук, хаайыы курдук дойду эбит…

Биэтэс Билээхэп

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0