Биэтэс Билээхэп: Хаһааҥҥытааҕар да үчүгэй үйэ үүннэ!

10.10.2017
Бөлөххө киир:

Киһи сыта-тура арааһы толкуйдуур, сыымайдыыр ээ. Ордук сааһырдах ахсын, олорбут олоххун эргитэ көрөн, тугу оҥорбуккун-оҥорботоххун, ситиспиккин-ситиспэтэххин санаан тахсар буолар эбиккин. Биллэн турар, хас биирдии сааһырбыт киһи кэмсинэрэ да, аһыйара да элбэх буоллаҕа. Олох аата олох.

Эмээхсиним биһикки эдэр-сэнэх эрдэхпититтэн холкуос-сопхуос үлэтин бастыҥнара, хомсомуол чулуулара этибит буоллаҕа. Һэ-һэ, аны кэлэн “чулуулара этибит” диэн сиэннэргэ кэпсээтэххэ да, туох омнуота кэлиэй… Аны санаатахха, олохпут үтүөтэ үлэни сырсыыга, былааны толорууга, аһы-таҥаһы булуу дьүккүөнүгэр ааспыт эбит. Оҕолору ааһан иһэн, үлэ быыһыгар, киэһээҥи аһылык кэмигэр эҥин “иитиллэр” этэ. Бэйэлэрин бэйэлэрэ көрүнэн, дьаһанан улааттахтара. Биһигини да төрөппүттэрбит да оннук ииттэхтэрэ, кинилэргэ, холкуос хара үлэтигэр умса түспүт дьоҥҥо, олохторо өссө ыарахан буоллаҕа дии.

Ону тэҥэ урукку кэми кытта билиҥҥини тэҥнээн көрөр буоллаҕым үһү. Төһө да араастаан саҥардаллар, эһиннибит-быһынныбыт диэтэллэр, билиҥҥи кэм үүнэргэ, сайдарга улахан кыах бэриллибит кэмэ. Эргитэ санаан көрдөххө, хаһааҥҥытааҕар да үчүгэй кэм үүммүт! Сахаҕа маннык кэм өссө буола илигэ диэн көрөбүн. Ону эдэрдэр мүлчү туппаттара буоллар ханнык. Оо, арыый эдэрим буоллар ньии!.. Бу оҕонньорбут өйүттэн тахсыбыт диэмэҥ, барытын быһааран биэриэм.

Көмпүүтэргин арый – онно туох баар билии барыта баар, тугу да ыйыт – харданы булуоҥ. Бэйэ дьыалатын арыйыаххын баҕардаххына, төбөлөөх, толкуйдаах эрэ буол – сүүһүнэн тыһыынчанан, сороҕор мөлүйүөнүнэн даҕаны, кутан биэриэхтэрэ. Тиритэ-хорута үлэлээтэххинэ, харчы баар, хамнас да баар. “Үлэ суох” диэн ити сүрэҕэ суохтар тыллара. Баҕардаххына – ханнык баҕарар дойдуга тиийэн, дуоһуйа сынньанар, айанныыр кыахтааххын. Харчылаах буоллаххына, оҕоҕун омук дойдуларыгар да үөрэттэриэххин сөп. Суол барыта аһаҕас. Уонна өссө туох наада? Сэрии эрэ буолбатын!

Оҕолорго итини өйдөтүөххэ наада эбит. Сиэммэр быыс булларбын эрэ, ону балкыйа сатыыбын. Үөрэҕин таһынан, икки-үс куруһуокка дьарыктанар, роботтары хаамтарар, көмпүүтэргэ саҥа бырагыраамалары оҥорорго үөрэнэр. Туох эрэ “Кванториум” диэн саҥа кыһа аһыллар, онно кылааһынан суруйтардыбыт диэн эрэрэ. Төһө да “бириэмэм тиийбэт” диэн муҥатыйдар, чэ, үөрэннин, аныгы үйэҕэ саамай наадалаах идэ быһыылаах.

Бэрт сотору саҥа мусуой үлэҕэ киирэн эрэр дииллэр. Тэлэбиисэргэ көрдөххө, килэйэн-халайан сүрдээх, истиэнэтэ, өһүөтэ барыта киинэ көрдөрөр экран, эчи, киэҥэ, улахана да бэрт, миигинньик киһи киирэн баран, мунан хааларым буолуо…

Онон, дьэ, олохпут сайдан иһэр, ону тэҥэ аныгы үйэ үктэтиилэрэ да ханна барыахтарай. Оҕолорбут оонньообот буоллулар, наар көмпүүтэри, төлөпүөнү мыҥыыллар диэн төрөппүттэр муҥнарын ытыыллар. Оттон ону оҕоҕун кыратыттан көмпүүтэргэ сэлээннээбэккэ, оонньото үөрэт ээ. Ити курдук, өйдөөхтүк-төйдөөхтүк кэми кытта тэҥҥэ барсан иһиэххэ наада!.. edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0