БИЭТЭС БИЛЭЭХЭП: «Өскүөрүтүн “сахатытар” туохха нааданый?»

Ааптар:  Биэтэс Билээхэп
28.04.2024
Бөлөххө киир:

Аҕа көлүөнэ сахалар уус-уран тылбытын сайыннарар, сүмэһиннээх эгэлгэтин, илбистээх күүһүн иҥэринэ сомсор алыптаах эйгэбитинэн уус-уран литэрэтиирэбит, Эрилик Эристиин, Суорун Омоллоон, Амма Аччыгыйа, Ньукулай Дьокуускай, Соппуруон Даньыылап, Далан курдук сүдү классик суруйааччыларбыт, Арбыыта, Эллэй, Күннүк Уурастыырап, Сэмэн Даньыылап курдук имэҥнээх тыл уустара бэйиэттэрбит тыыннаах айымньылара буолбута.

Быһаарыылаах, тутуһан көрүүлээх кэмнэргэ-түгэннэргэ ытык дьоммут санаалара, этэр тыллара оннубутун-тойбутун булларара, олохпут суолугар бигэ тирэҕинэн буолара. Ийэ тылбыт иитэр-өйдөтөр суолтатын, өрө дабатар, сууһарар да күүһүн долоҕойбутугар хатыыллара, төрөөбүт тылынан мээнэ ыскайдаммат, токуруппат-киртиппэт буоларга, харах харатын курдук харыстыырга, уу сахалыы сыһыаннаһарга үөрэтэллэрэ.

Биир бэйэм, суруксуттуу олорон мунаардахпына, мэлдьи “туох диэй…” диэн Суорун Омоллоону санаан ылабын. Ытык киһи тылга сыһыаммар, тылы туттууга хаһан да умнуллубат уруогу биэрэн турар. Атах тэпсэн сэһэргэһэ олорон, үлэбэр сыһыаннаах ыйытыытыгар алҕас “курируйдуубун” диэн тыл ыһыктан киирэн биэрбитим. “Бээрэ, ити куру-кири, курууруй-кириирий диэн туоххунуй, сатаан өйдөөбөтүм”, – ытыһын уҥа кулгааҕар даҕайан куду аспыта. Өйдөөмүнэ сыыһа айахтатан киирэн биэрбиппиттэн кыбыстыы бөҕөнү кыбыстан: “Ээ, Дмитрий Кононович, алҕас. Үлэ-хамнас, экэниэмикэ боппуруостарын сүрүннүүбүн”, – диэн көннөрүннүм.

– Буот, инньэ диэ! – Суорун Омоллоон бэрт үөннээхтик мүчүҥнээн, илиитин биэрэн, тахсан барбыта.

Биир түгэҥҥэ М.С.Иванов-Багдарыын Сүлбэ бэрт сорунуулаахтык киирэн кэлэн, икки сиринэн кыһыл харандааһынан тардыллыбыт хаһыаппытын остуолга иннибэр тэниппитэ.

– Буолаары буолан бырабыыталыстыба хаһыатыгар төрүт тылбытын талбытынан токурутар-суруйар табыллыбат. Саҕынньахтаах сылдьар дьаамсыктар олорбут сирдэрэ Саньяхтах буолбатах, Саҕынньахтаах диэн суруллуохтаах. Талакан диэн нууччалыы тартаран бэчээттиигит. Олохтоох эбэҥкилэр тылларынан Таалакаан диэн сөпкө суруйар буолуҥ, – диэн Михаил Спиридонович барахсан мэлдьи үөрэтэрэ, сүбэлиирэ, бытыга быдьырыйара, эриллэҕэс баттаҕа кытта өрүкүйэрэ.

Ити курдук, сыыһа-халты туттуллубут тыл тылы киртитэрин таһынан, өлөрөр-өһөрөр. Онон Ийэ тылбытын харыстаан, өйдөөн-төйдөөн саҥарыахха, туттуохха, суруйуохха. Норуот ылынан, сөбүлээн сахатытан үйэни куоһаран туттан кэлбит тылларын өскүөрүтүн “сахатыппыта” буолар туохха нааданый? Бэл, күүһүлээн “халлыастана”, “хааппыдыралана”, “бакылтыаттана”, “үнүстүүттэнэ” сатыы олоробут. Оччотугар аны оскуолабытын, кулууппутун, балыыһабытын, уруучукабытын-харандааспытын туох диэн “сахатытабыт”?

Онто суох аан дойдуну сабардаабыт куйаар ситимэ иирбит аҕабыыт тылынан ыы-быччары, ыччаппытын, аныгы көлүөнэ саханы тэйитэбит, араастаан токурутан Ийэ тылын абааһы көрөргө күһэйэбит…

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0