Санньыйбыт сарыннарбар 80-c хаардарбын уулларан кэлбит ыстаас, уопут бөҕөлөөх бэтэрээн быыбардааччы буоллаҕым. Эдэр эрдэххэ, сэбиэскэй саҕана, быыбардааһын үөрүү-көтүү, оонньуу-көр аргыстаах бырааһынньык буолара. Кэлин, сэбиэскэйбитин эһэн, олохпут отуора уларыйан, дэмэкирээтийэлээн уон аҥыы туойан, араас баартыйаларга, түмсүүлэргэ хайдан былаас былдьаһыктаах үтүрүһүүлээх-анньыһыылаах, мөккүөрдээх-бурайсыылаах, бэлитиичэскэй киирсиилээх, кэтэбиллээх-манабыллаах быыбардар олохпут көстүүтүнэн буоллулар.
Биир бэйэм, онуоха улаханнык кыһаллыбакка, Арассыыйа судаарыстыбатын гыразданьыынын быһыытынан, бэйэм быһаарыныыбын бырааптаан Көнүстүтүүссүйэнэн бэриллибит бырааппын араас быһыыга-майгыга, сыһыаҥҥа астына да, хом санаалаах да толорон тэйэбин. Бу санаатахпына, өлүүлээх-сүтүүлээх пандыамыйа хара дьайа бүрүүкээбит кэмигэр дойдубут Төрүт Сокуонугар көннөрүүлэри киллэрии быыбарыгар кэмиэдьийэ аҥаардаах куоластаан муҥнаммытым өйбөр умнуллубаттык хатаммыт.
Куорат килбэйэр киинигэр – аныгылыы Аржаанканан аатырар болуоссакка Өлүөнэ ууһуттарын күлүмүрдээбит хонтуораларын үрдүк кирилиэһигэр быыбардыыр учаастак үлэһитэ быһыылаах, элэккэй эдэр киһи эҕэрдэлии көрүстэ: «Кырдьаҕас саллаат, буораҕыҥ кураанах, билигин да инники сылдьаҕын. Ким хайа иннинэ кэллиҥ, баһаалыста, аас», – дии-дии окумалбыттан ылан ааҥҥа дэллэритэн илдьэн, иһирдьэ, сөп-сөрүүн, уу-чуумпу уораҕай иһигэр анньан кэбистэ.
Сирэйэ-хараҕа көстүбэт мааска, аччыкы хаххалаах, «сахалыы үчүгэйдик билбэппин» диэн нууччалыы куллугуруур эмчит дьахтар уун-утары кэлэн үөс-батааска биэрбэккэ сүүспэр бэстилиэтинэн тирээтэ. Соһуйан, саллан бэринэрдии илиилэрбин өрө ууннум.
– Хайдах буоллуҥ, кыраадыскын, температураҕын кээмэйдиибин. Нуорма, 36,7 кыраадыс. Илиилэргин түһэр, утары уун, тарбахтаргын сарат, – диэн буолла. Торуоскабын таас муостаҕа «талыр» гына түһэрэн, «хаан анаалыһын ылаары гыннаҕа дуу» дии санаан эрдэхпинэ, чараас эрэһиинэ бэрчээккэлэри кэтэрдэ сатаата. Кыра эрэсимиэрдээх буоланнар, такырыспыт тарбахтарым баппаккалар эрэйдээтилэр. Ситэ тиирэ кэтэрдибэккэ, бэрчээккилэри тырыта тардан кэбистэ.
– Арыый улахан эрэсимиэрдээҕинэн уларыппаккын дуо? – туоһуласпыппар:
– Киһи аайы бииртэн ордук көрүллүбэт. Уруучуканы тутар инигин. Бар, иккис этээскэ аас, – диэн буолла.
Соннук тарбахтарбын сараппытынан, салыбыраппытынан ууруналаах саалаҕа киирэн, үгэспинэн остуол нөҥүө олоппоско олороору гыммыппын:
– Чугаһаама, тэйиччи туран пааспаргын көрдөр. Утары тыыныма, илиигин уунан манна баттаа,– диэн быыбар хамыыһыйатын киһитэ сүүнэ сурунаалы үҥүлүттэ, мааскатын өрө тардынна. Эмиэ уунан биэрбит бүлүтүөн лииһигэр «да», «нет» диэн суруллубуту көрөн, салыбырас эрбэхтэрдээх эрэһиинэ бэрчээккэбинэн уруучуканы нэһиилэ тутан «дабл ю» бэлиэни туруоран, «бүк тутума!» саҥа доҕуһуоллаах уурунаҕа түһэрдим. Астыга суох баҕайытык куоластаан, санаам алдьанан, «туох буолуой, гыраздааныскай иэспин толордоҕум дии…» диэн бэйэбин уоскутуммутум.
Дьэ, доҕоттоор, бэрт соторунан, кулун тутарга, дойдубут саамай кылаабынай быыбарыгар кыттыахпыт турдаҕа. Дьалхааннаах олохпутун оннун булларыа, инники хаамтарыа диэн итэҕэйэр бэрэсидьиэним, Владимир Путин туһугар “сэрии буолбатын, хаан тохтубатын. Туругур эйэ, эйэ!” диэн туран куоласпыт биэрэргэ быһаарынан сылдьабын.