Биэтэс Билээхэп: Эдэрси тобук

01.10.2021
Бөлөххө киир:

Кыһын этэҥҥэ сылдьаары уонна кыстыкка бэлэмнэнэн, эмээхсиним балыыһаҕа көрдөрүнэ, ырыынакка ас-үөл атыылаһа сыбыытыыра элбээтэ.

Дьэ онтон араас сонуну-нуобаһы соһон аҕалар. Эмиэ да киһи күлүөх, эмиэ да бэркиһиэх. Итэҕэйиэхпин да, итэҕэйимиэхпин да сороҕор билбэт курдук буолан ылааччыбын.

Бэҕэһээ кыыһыран аҕай кэллэ, ааранан миэхэ силбиэтэннэ. Бырааска киирэн уҥа атаҕын тобуга ыалдьарын үҥсэргээбитин анарааҥыта: “Сааһырбыт киһи тобугуҥ ыалдьыбакка ханна барыай”, — диэбит. Онуоха мин киһим: “Оччоҕо хаҥас атаҕым тобуга тоҕо ыалдьыбатый? Ол аата хаҥаһым эдэрси дуо?” – диэн саайбыт уонна ситэри да көрдөрбөккө тахсан барбыт.

Ол быыһыгар, туттарбыт анаалыстара барыта ааттаах аатырбыттарын төрүт итэҕэйэр диэн ыраас. Быыһыгар “кырдьаҕас киһини көрү­мээрилэр. Ол араахыма буолбуппун кэннэ тугум тупсан кэлбит үһүө” диэмэхтиир.

Аны ол балыыһаҕа быраастан кыыһыран тахсан өссө да уҕараабакка олордоҕуна, аттыгар олорор дьахтара “уокка арыыны кутан биэрбит”. “Сиэним кыыс быраас буолуохтаах да, ким билэр… Дьүөгэлэрин кытары чэйдии олорон кэпсэтэллэрин истэн адьас наһаа саарбаҕалыыр буоллум. Көр эрэ, үөрэнэбит да, тугу да өйдөөбөппүт дииллэр ээ. Үлэһит буоллахха, дьэ араас оҕонньоттор, эмээхситтэр кэлиэхтэрэ, олору хайдах эмтиибит» дэһэллэр үһү.

Биһиэнэ буолан баран, кэм буолуо, хайаан да доҕуһуолланнаҕына табыллар. Аара эдэрси дьахтары кытары аргыстаспыта кэпсээннээх буолан биэрбит. Бырааска көрдөрбүтэ айаҕын да атыппатах, иһин да көрбөтөх үһү уонна ыспыраапкатыгар “язык чистый, живот мягкий” диэн суруйбут. Аргыһа бара сатаан: “Айахпын атытан көрбүтүн өйдөөбөккө хаалбыт буоллаҕым дуу”, — диэн күлбүт.

Ол буолан, эмээхсиним аҕылаан-мэҥилээн оптуобуска киирбитэ олорор миэстэ суох үһү. Эдэр оҕолор кулгаахтарын истэр тэриллэринэн хам бүөлэнэн, суотабайдарын тобулу одуулаан баран бокуойдара суох олороллор диир. Эмээхсиним ас-үөл атыыласпыт балачча ыйааһыннаах бакыатын сиргэ уурарыгар эрэ тиийбит. “Урукку эбитэ буоллар, эдэр оҕолор саастаах киһи киирдэ диэн миэстэлэрин туран биэриэхтэрэ этэ”, — диэт өрө тыынар.

Мин тугу булан этиэхпиний. Саҥата-иҥэтэ суох истэн эрэ кэбиһэрбэр тиийдим. Олохпут сайдан истэҕин аайы, майгы-сигили, киһи киһиэхэ сыһыана эмиэ уларыйан иһэр буоллаҕа дуу…

Биэтэс Билээхэп

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0