Биэтэс Билээхэп: «Эбэбит уһуктан эрэр…»

Ааптар:  Биэтэс Билээхэп
05.05.2024
Бөлөххө киир:

Эбэбит  уһуктан эрэр. Үс үллэр үөстээх, эҥсиллэр сүүрүктээх  Элиэнэ эбэбит барахсан. Тыһыынчанан сыллар ыпсыһыыларыттан, түҥ үйэлэр түгэхтэриттэн тардыыланан, сир-халлаан, аан дойду араастаан уларыйыыларыгар бэриммэккэ, үс саханы үөдүтэн мөлбөһүйэ устаҥҥын, дөйө тоҥмут муус-хаар дойдуга илгэлээх олох хорук тымыра буолан,  айгыр-силик айылҕаҕын, тыыннаах дууһаларгын иитиэхтээҥҥин   баччаҕа тиийэн кэллэҕиҥ.

Аргыардаах чысхааннаах, тоһуттар тымныылаах ус кыһын сынньана,  уоххун намырата, уоскуйа түһээри силимнии бүрүммүт муус болгуо суорҕаҥҥын өрө түллэн, тоҕу сүргэйэн кимиритэ-хамырыта уһуннаран ньирилии  ньиргийэр  кэмиҥ  кэллэ.

Бу кэмҥэ мэлдьи буоларыныы, эргэ Ытык Хайатын ньургуһуннаах эниэтиттэн Эбэбин астына, дуоһуйа одуулуубун. Сайа охсон  саппаҕырбыт санаабын сайгыыр, күүс-сэниэ эбэр, сэргэхситэр ыраас  салгынын түөһүм муҥунан эҕирийэбин. Ип-ичигэһинэн илгийэн, сып-сылааһынан имэрийэн ылар тыыныгар иэдэстэрбин, сүүспүн тоһуйабын.  Оҕо эрдэхпинэ ийэкэм эрэйдээх хапсыгыр түөһүгэр хам тутан, сып-сылаас, сымнаҕас муннунан сыллаан ыларын курдук. Оо, суохтаабыт, ахтыбыт да эбиппин эйигин, Эбэкэм барахсан…

Сир-халлаан, үйэ-олох уларыйыыта эйигин даҕаны хаарыйар, таарыйар буоллаҕа. 60-70-ча сыллар анараа өттүлэригэр атах сыгынньах сүүрэкэлиир эрдэххэ, бытырыыстаспыт оҕолоруҥ устаҥныыр балыктары көрө-көрө күөгүлээн айманан, ыаҕайанан ыы-быччары  күстэҕи, алыһары хаптарарбыт. Оччолорго, сайыҥҥы быстарыкка ас, хара мааныта буолара. Билигин, бэл кыһыннары, киһи барыта, оҕолуун-дьахтардыын балыксыт буолбут кэмигэр, будулуйбут уулаах ойбонтон нэһиилэ уонча хаахынайы хаптардахтарына астыныы бөҕөтө.

80-с сыллардаахха диэри сынньалаҥ-күүлэй дьонун уһуннарар өрүс-муора кылаастаах «Дьадаҥы Дэмийээн» сүүнэ аал  кытылгар бил балык курдук аа-дьуо анньыллар-сыстар,  тохтуур буолара. Күн бүгүн, аны сайын ууҥ түстэҕинэ, куйааһырҕаабыт сөтүөлээччилэр сүрүн үөскүн  ортотугар диэри кэһэ сылдьыахтара. Ол курдук сүнньүҥ уларыйан, кумаҕынан тибиллэн чычааран хаалаахтыыгын. Олох уларыйан, алларыйан, икки атахтаахтар сыһыаммыт «тымныйда». Сэбиэскэй кэмнэргэ курдук, сыллата үөскүн көннөрбөт, дириҥэппэт, көрбөт-истибэт, харыстаабат буоллубут. Сыттана сытан сырыы-айан саҥа суолларын арыйабыт.

Илиҥҥи көҕөрөр мырааныҥ үрдүнэн саҥа Бэстээх сандаарар. Остуол ньуурунуу көнө аспаал суол тыргыллар. Ыстаал ыллыктарынан тимир суол састааба чуһуура субуллар. 70-с сылларга туоратыллыбыт үрдүк күүрүүлээх ЛЭП лиинньэтин сэргэстэһэ, Эбэбит, эйигин уҥуордуур, кытылларгын ситимниир баараҕай күргэ тутаары чинчийэн, түгэххин дьөлүтэ, тэһитэ үүттээн, кытылларгар хайыр тааһы, буору дьаптайан   эрэбит.

Онон, Элиэнэ эбэбит барахсан, Ленскэйи тимирдибит саҕанааҕыҥ курдук кыыһырбакка-кыынньыбакка, онто суох эрэйи-кыһалҕаны  бүрүнэн олорор олохпутун уустугурдубакка,  эйэ дэмнээхтик уһуктаҥҥын, сиргин-дойдугун угуттааҥҥын, самаан сайыны бэлэхтээҥҥин модун көмүөлгүн сүкпүтүнэн Муус Кудулу байҕал диэки мөлбөһүйэ уһун дуу…

+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0