Биэтэс Билээхэп: Дьэс алтан күһүнү кыйдыыбын…

Ааптар:  Биэтэс Билээхэп
Бөлөххө киир:

Суйдаммыт, иһийбит чараҥмар
Санааргыы, чуҥкуйа хаамабын,
Суһаллык күрэммит сайыммын
Сайыһа, аймана хаалабын…

Тыбыс-тымныы, алтан дуйдаах күһүнү оҕо эрдэхпиттэн ылыммаппын, сөбүлээбэппин. Күһүҥҥү хараҥа халлааҥҥа субу аҕай сууллан түһүөхчэ айыылаах ыанньыйан, килбэйэ кытаран ыйанан ыадастан турар туолбут ыйтан хайдах эрэ салларым, дьулайарым. “Нохоо, бөрө курдук тугу ыйга олоотоотуҥ. Онно ыаҕайалардаах аргыһыахтаах кыыс сиргэ кыайан түспэккэ, сирдээҕи олоҕун суохтаан ытыы турар, оол”, – сорох холкуостаах убайдарым дьээбэлээн, өттүктэригэр сууралыы сылдьар үтүлүктээх илиилэринэн ыйан көрдөрөллөрө. Харахтарым ууланыахтарыгар диэри оччойо-оччойо кыҥастаһарым да, аргыһыахтаах кыыһы булан көрбөт этим. “Эрэйдээх, тоҕо ыйга тахсыбытай?” диэн аһынар курус санаа оҕочоос уйулҕам тырыҥкайын хам тутара, тымныынан хаарыйара.

Күлүмүрдүүр бары-барыта
Көмүс буолбат, өлбөөдүйэр.
Саһара хаппыт сэбирдэх
Сыа маҥан хаарынан бүрүллэр.

Оҕо сылдьан сүрэхпэр астарбыт дьарыктаах этим. Бэйэм баҕабынан буолуо дуо, ийэм булгуччулаах сорудаҕын сүрэҕэлдьии-сүрэҕэлдьии толорорбор тиийэрим. Ардыгар оонньоон аралдьыйан хаалан, имигэс чыпчаххай ытатан-соҥотон иэммин хастаан да ылара. Ийэм сарсыарда аһылык кэнниттэн бүтүн дьиэ кэргэнинэн чээй иһэр күлтэрийбит дьэс алтан сылабаарбытын тэлгэһэҕэ иннибэр туруоран кэбиһэрэ. Мин олорон эрэ, сылабаар туран эрэ тэбис-тэҥ этибит. Сылабаарбын эргитэ сылдьан сиэркилэҕэ курдук көрүнүөхпэр диэри күллээх күлбүһэҕи илитэ-илитэ аалан кикирийэрим. Дьэс алтан сылабаарым көмүс курдук күлүмүрдүүр, сандаарыйар буолара. Мин сирэйим, муннум анна күлгэ-буорга умньанан, истэри-түөстэри биһиллэн бадарааҥҥа буккуллубут чооску курдук буоларым. Килэбэчиппит, күлүмүрдэппит сылабаарым, аҕыйах хонугунан дьэс алтан буола өлбөөдүйэн хаалара…
Тымныы, алтан дуйдаах күһүҥҥэ санаам кураанахсыйар, уйулҕам мунчаарар. “Күһүҥҥү киһи күлбүтүнэн” дииллэр да, биир бэйэм күлүө суохпун. Ус сайыны быһа оҕус курдук кэппит бурҕалдьыгын булгуруйбакка, умса-төннө түстэххинэ, кыайан күлбэт да буола кулуттаатаххына эрэ кыһын сииргин хаһааммыта буолаҕын.

Сэбирдэх көппөх көбүөрүн
Силэйэ, чөмөхтүү харбыыбын,
Дьэп-дэҥкир буруону унаардан
Дьэс алтан күһүнү кыйдыыбын…

+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0