Биэтэс Билээхэп: Чээрэм баар эбит…

03.06.2021
Бөлөххө киир:

Олорбуппут сыччах, тоҥору, умайары билбэт абааһы ыарыы өрө туран, аан дойдуну барытын сутуйан, бэл, биһиги курдук дөйө тоҥон турар муус-хаар дойдуну буулаан, хотугу дьону, көҥүл-босхо олохтоох айылҕа оҕолорун таһырдьа быгыалыырбытын да бобон, дьиэ иһигэр хаайталаата.

Били түҥ өбүгэлэрбитин имири сотон ааспыт сотуун, хара уоспа курдук ыарыылар тустарынан кырдьаҕастарбыт сибигинэйэ былаастаан кэпсиир кэмнэрэ кэлэн эрдэҕэ дуу? Кэбиис, арах-арах…

Ити эрээри «куһаҕан үчүгэйэ суох буолбат» диэн мээнэҕэ эппэттэр эбит. Биир бэйэм харантыыҥҥа дьиэбэр хаайтаран олорон «иккис тыыным» аһылынна диэххэ наада. Көҥүл-босхо таһырдьа сылдьар эрдэххэ, субуота күн аҥаара ырыынактарынан, маҕаһыыннарынан бородуукталаһыыга баранара. Өрөбүл аҥаара баанньыкка ааһара. Уоннааҕы күннэргэ син ол-бу наада, кыһалҕа, түбүк-садьык быһаарыллыыта, быыһыгар дьыбааҥҥа сытан ылыы, соло суох курдуга.

Устар күнү быһа түөрт эркиҥҥэ кэтиллэ сылдьартан, эмээхсиниҥ сыппах эрбиитинэн ааларыттан, дьиэ иһинээҕилэргиниин, сиэннэргиниин аалыҥнаһаргыттан ордук сылаалаах суох эбит. Ыксаан, тулуйумуна аралдьыйа, дьарыктана таарыйа эмээхсиним чарааһаабыт уллуҥахтаах унтууларын таба көрөн, хор, атылыйыа маастарыттан итэҕэһэ суох гына икки күн эллэһэн улларан кэбистим ээ. Хайҕабыл бөҕөнү ыллым, эмээхсиним эрэйдээх, бэл, киэһээ аһылыкка 50 гыраам буоккачаан кутан биэрдэ! Сэнэх эрдэхпинэ кэргэним, оҕолорум унтууларын уллара үөрүйэх этим. Онтум, чээрэм баар эбит. Болкуонум ыскаабыгар сытыы бүргэһим, хаһан эрэ массыына быраҕыллыбыт холуоһатыттан сыыйан ылбыт сабым саппааһа быраҕыллыбатах. Эдэр эрдэхпинэ кыһын балыктыырбар кэппит сиэрэй хаатыҥкаларым икки хос бэртээхэй уллуҥ буоллулар. Бэл күтүөттэрим, кийиитим хайҕааннар, «бэйэбит маастардаах аатабыт, тоҕо да аны харчыга уллаттардахпытый» диэн күө-дьаа буоллулар.

Бээ, тохтооҥ, өссө биир сатабылым, үөрүйэҕим арыллан, дьиэтээҕилэрбин тылларыттан матаран аут ыыталаан кэбистэҕим үһү. Эмээхсиним хас сарсыарда аайы холбоон күн-дьыл туругун истэр баар-суох тэрилэ – сүүрбэччэ сыллааҕыта үөлээннээҕим Тускул бэйэтинэн талан атыылаһан биэрбит дьоҕус салгын араадьыйата саҥатыттан мэлийэн түннүк модьоҕотугар быраҕыллан кэриэтэ сыппыта быданнаата. Оҥортор, өрөмүөннэт диэн син өр этэ-аала сатаан баран, сапсыйан кэбиһээхтээбитэ. Мин диэтэх киһи, аны араадьыйа өрөмүөннээччи буоллум. Үнүстүрүмүөн арааһа, бэл, электропайаалынньык, наадалаах хорҕолдьун, уонах да баар. Эдэр сылдьан дьарыктанар, сатыыр этим. Араадьыйам кэннин арыйан, иһин хостоон, сап курдук боробуот хантааҕа хоҥнон хаалбытын булан, хам иһэрдэн кэбистим. Тарбах курдук саҥа батарыайалары уларытан холбообутум, Тускулум кэм да бэрт наҕыллык халлаан туругун ырытан, кэпсээн-лиэксийэлээн, таһырдьа, иһирдьэ ичигэс килиимэти олохтоото.

Чээрэм баар эбит. Иккис тыыным аһыллыбыт оҕонньор, утуйаары сытан эмээхсиним синньигэс биилин көрдөөн кута-мата курдугу имэрийэбин диэн, сытыы тоҥолоҕунан ойоҕоско кибилиннэриллэн, уоскуйдаҕым, оннубун буллаҕым үһү…

Биэтэс Билээхэп

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
1