Биэтэс Билээхэп: Чөл мөссүөннээх Саҥа дьылынан!

31.12.2020
Бөлөххө киир:

Дьэ, доҕоттоор, «күннээх сампаан», «сухуой кыһыл» утахтаах Саҥа дьыллаан бүттэхпит. Биир бэйэм итинник кытаанахтык быһаарынным.

Эһиги эмиэ аккаастаныҥ диэн сүбэлиибин. Бай, бу Биэтэс кырдьаҕас хайдах буолтуй, тугу-тугу туойан барда, бэлиэргиттэн «саҥа дьыллаан» кыһыллаан-сампааннаан ырааппыт дуу диэмэҥ. Олох илэҥсэ өйбүнэн олоробун. Кэнним уһаан, баччаҕа кэлиэхпэр диэри төһөлөөх иһэн-аһаан Саҥа дьыллаабыппын, баҕа өттүбүнэн атарабыыс буола сатаабыппын дьэ чуолкайдык оройдотоммун, өлөн хаалбакка өлүөр сылдьарбыттан бэйэм да бэккиһээтим.

Тугу гыныам баарай, эмээхсиним сорудаҕынан үүт, килиэп, таарычча Саҥа дьыл остуолугар диэн доруобуйабыт кыайар утахтарын Сэбиэскэй сампаан, сухуой сыыһын атыылаһан аҕылаан-мэҥилээн кэлэн, күннээҕи үлэбин толорбучча, аһылыкка ыҥырыллыахпар диэри турбаттык төлөпүөнүм үрдүгэр түстүм. Бассаапка бэйэм курдук оҕонньор-эмээхсин күнү-күннүктээн ыаһахтаһар бөлөхпүтүгэр саҥа биидьийэ бырахпыттарын интэриэһиргээн арыйбытым, Сибиирдээҕи ханнык эрэ хаппыт үнүстүтүүт бэрэпиэссэрэбин, туохтар эрэ норуоттар икки ардыларынааҕы ассассыйаассыйаларын бэрэсидьиэнэбин диир учуонай быһыылаах, этэ, кэпсии, туох эрэ хомурдуостар курдуктары ойуулаан көрдөрө аҕай турар эбит.

Өйдөөн-дьүүллээн истибитим, субу атыылаһан аҕалбыт сампааным, сухуойум, пахыый, атарааба, дьаат астара эбит буолбаат! Краснодар кыраайыгар оҥороллор үһү. Бинэгирээт отон хас да суордун утаҕар ити хомурдуос курдук ас көөнньөрөр доруоһа тыыннаах бахтыарыйаларын ыыталыыллар эбит. Онтулара минньигэһимсэхтэрэ, саахарымсахтара сүрдээх, истэрэ үллүөр диэри сиэн-сиэн баран, ииктээн кэбиспиттэрин — С2Н5ОН диэн этиилэбэй испиири сухуой, кыһыл арыгы дии-дии амтаһыйа иһэр эбиппит.

Итинник утахтарын бытыылкаларга кутан, ыга бүөлээн баран хараҥа, чуумпу бадыбаалга икки сыл туруораллар. Онтон эмискэ сырдык уотунан тыктардахтарына, били бахтыарыйалар соһуйан, куттанан убаҕаһынан сыптарыйан, эбиитин гаастарын таһааран утуруктаан кэбиспиттэрэ кырылыы-кыынньа оонньуур «уоттаах сампааныскай» буолан тахсар! Ол ыырынан-дьаарынан муннуга бэрдэрэ-бэрдэрэ Саҥа дьыл түүн 12 чааска дьахтардыын баҕастыын астына сыпсырыйар эбиппит.

Өөх-түү, аҕынньым түлүннэ, хотуолаары гынным. Аат аһынан аны Саҥа дьыллаан бэрт… Нууччалыы «здоровый образ жизни – ЗОЖ», сахалыы чөл мөссүөннээх олоҕу – ЧМО-ну тутуһуом. Чөл мөссүөннээх Саҥа дьылынан!

Биэтэс Билээхэп

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0