БИЭТЭС БИЛЭЭХЭП: Буолунай Бааска кэпсээниттэн

Ааптар:  Биэтэс Билээхэп
03.08.2024
Бөлөххө киир:

Ээ, дьэ киһи да күлэр. Сураҕын иһиттэххэ, Биэтэс Билээхэп диэн туох киһи эбитэ буолла диэн сүрдээҕин интэриэһиргииллэр үһү. Хас саастааҕа буолуой диэччилэр да бааллар эбит. Ордук дьахтар аймах уонна эмээхситтэр ыйыталаһаллар дииллэр. Барахсаттар, кэм да билбэккэ-көрбөккө сылдьыбатахтарына табыллыбат буоллаҕа. Оннук аналлаахтары хайыаҥый. Ол да буоллар, ыйыталаһалларын иһиттэхпинэ киэбирэ түһэбин, астынан ымах гынабын.

Бүгүн куорат устун дьаарбайа, Буолунай Бааскалыын хаама сылдьан, биир сонуну истэн соһуйдум. Буолунай Бааскам аата да этэрин курдук, кэпсээнэ буолунай. Сороҕо омуннаах да соҕус курдугун иһин, оруннаах буолар. Киирбит-тахсыбыт сытыы эмээхсиннээх буолан, ону-маны билбитэ эрэ баар буолааччы. Бааска кэпсээнинэн, Дьокуускайга дьиэни куортамҥа мээнэ биэрбэт буолбуттар. Тоҕо диэххит? Дьиэ барыта “куруугулай сууккаҕа” суукканан куортамҥа бэриллэр үһү. Ол аата тыа сириттэн дуу, хотуттан дуу кэлбит дьон, ордук сулумах дьахтар, эр дьон, оннук усталлар эбит. Онтукаҥ сүрдээх барыстаах биисинэс буолбут. Сууккатын 2-3 тыһыынча солкуобайга биэрэллэрин туһунан кэпсээн соһутта. Сороҕор биир кыбартыыраны суукка устата хаста да уларсар буолбуттар. Онон куортамҥа арыычча уһуннук олороору гынар дьон хас да хонукка тута устар кыахтара суох. “Суукка устата хаста да уларсар дьиэлээх хаһаайыҥҥа барыстааҕа чахчы”, – диир Буолунай.

Бааскаҕа кыыһа кэпсиир эбит. Соҕуруу эҥин бэрт ыксалынан көспүт дьон дьиэлэрэ олорбутунан  хаалбыт. Ону эмиэ ол сууккаҕа куортамнаан харчы оҥостоллор диир. Наһаа мааны, дыбарыас курдук, килэйбит-халайбыт дьиэ биллэриигэ толору буолбут.  Таапачыкатыгар тиийэ баарын кэпсээн үллэҥнэттэ. Дьэ, эҥин араас буолан эрэр эбит дуу диэн салла санаатым.

Аны туран, чугас улуустартан эдэрдэр сайыҥҥы кэмҥэ куоракка киирэн үлэлиир буолбуттар. Олор дьиэ көрдөһөн, сыралара-сылбалара барар эбит. Хата, ол оҕолору хайгыы иһиттим. Куорат бэлэмҥэ үөрэммит оҕолорун курдук, эҥин араас кулууптары, биэчэрдэри, оонньуур сирдэри кэрийбэккэ, үлэлээн, харчы өлөрөллөр диэн. Сорохтор Столичнай ырыынакка “помогайкалыыллар” дииллэр. “Помогайка” да буоллун, бу үлэ суоҕар, ол да баҕалаах буоллаҕа. Кыахтаах, иҥиирдээх уолаттар ыраас уу таһан, төттөрү-таары тииҥ курдук сүүрэкэлэһэллэрин аһына да, хайгыы да көрөөччүбүн. Хамнастара ыйга – аҕыс уонча тыһ. солк.  Бээ, халлаантан түһэр харчы буолбатах!

Ээ, халлаан диэбиккэ дылы, халлааммыт эмискэ тымныйан соһутта. Тымныйдаҕына – айдаан, куйаардаҕына – айдаан. Туохха да ис буолбат дьоммут ээ.

+1
0
+1
0
+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0