Биэтэс Билээхэп: БЛОКАДАЛАММЫТ ЛЕНИНГРАДТАН СУРУК КУРДУК…

16.10.2021
Бөлөххө киир:

Кэм да батсаабынан Тус Хоту Эбээн-Бытантайга Ан-2 сөмөлүөтүнэн – “Күөх рейсинэн” туоннаттан ордук хортуоппуй, дуона суох оҕуруот аһа, фрукта кэлбитин, маладьыастарыҥ, биир да киһилэрин умнубакка, кыра да буоллар, күндүнү күндү курдук уостарынан үллэстээхтээбиттэрин ааҕан баран, ааспыт үйэ 60-с сылларын саҥаларыгар бэһис кылаас үөрэнээччитэ оскуолаҕа Саҥа Дьыллааҕы мөһөөччүктээх
бадааракпытыгар, били уруһуйга эрэ көрөр дьаабылыкабыт хайа быһыллыбыт аҥаара угуллубутун сытырҕалааһын, амтаһыйыы бөҕө буолбуппутун, дьоллоох оҕо сааспыт умнуллубат түгэнин өйдөөн-санаан кэллим…

Эбээн-Бытантай Дьарҕаалааҕар кырачааннарга, оҕолор барахсаттарга, биһиэхэ, 60-тан тахса сыллар анараа өртүлэригэр курдук, дьаабылыканы, грушаны өлүүлээн амсатан эрдэхтэрэ. Сатаан өйбөр киирбэт, оннук үлүгэр тииммэт, хаалыылаах олохтоохтор дуо, хоту
дьон. Билиҥҥи эргиччи үрдүк, сыыппара технологиялара, көмпүүтэр, интэриниэт ситимнэрэ, кибер сайдыы сабардаабыт 21-с үйэбитигэр? Туох барыта, сонун-нуобас,
сибээс чыпчылыйыах түгэнигэр тиийэр буолуоҕа дии-дии тойоттор түөстэрин тоҥсуналлар. Оттон хоту сир курдук
тыйыс айылҕаҕа олорор дьон доруобуйаларын туругар наадалаах, битэмииннээх оҕуруот аһа, фрукта, сымыыт
курдук өлбөт мэҥэ тэҥэ сибиэһэй ас-үөл, бородуукта дэлэччи кыайан тиэллибэт.
Кэлиҥҥи сылларга эбии хотугу улуустар киирэннэр, Саха сирин Арктика эрэгийиэнэ сиринэн-уотунан өрөспүүбүлүкэ сирин-уотун улахан аҥаарын ылар буолла. Онно 68 тыһыынча кэриҥэ киһи, төрүт олохтоох
норуоттар олороллор. Арктиканы сайыннарыы судаарыстыбаннай бырагырааматынан 20-чэ тус сыаллаах бырагыраамаларынан хоту сир олохтоохторун олохторун таһымын үрдэтии, хаачыстыбатын тупсарыы
тыын суолталаах сыаллаах-соруктаах, онуоха 30-40 миллиард солкуобайдаах үп-харчы көрүллэр үлэ барар диэн хаһыакка, бэчээккэ суруллар.
Тиэйии-таһыы, тырааныспар инфраструктурата сайдыбатах, тыһыынчанан, сүүһүнэн биэрэстэлэринэн
бытанан сытар нэһилиэнньэлээх пууннардаах хоту сиргэ олох бары таһымын биирдэ өрө тутар, триллионунан да үбү куппут иһин, биһиги үйэбитигэр кыаллыбат суол.
Арктикаҕа Дьокуускайга, киин улуустарга курдук толору хааччыллыылаах олоҕу тэрийии XXII үйэ соругунан буолар. Билиҥҥи курдук мас-чох, ньиэп-гаас, убаҕас
уматык буолбакка, эниэргийэ атын көрүҥэ айыллан туттуллар буоллаҕына биирдэ.
Кырдьаҕас киһи саныахпар, Арктика улуустарыгар аһы-үөлү тириэрдиини соҕотох “Якутоптторг” тэрилтэҕэ
соҥнообокко, 10 устуука сымыыты 1200 солкуобайга атыылыыр кэмэрсээннэргэ сэлээннээбэккэ, хоту сир баайын хостуур “Янолово”, “АЛРОСА”, “Анаабыр
алмаастара”, о.д.а. хампаанньалары эбээһинэстээн, судаарыстыбаттан көрүллэр үп суотугар дотациялааһыны олохтоон, хоту сир олохтоохторун аһынан-үөлүнэн толору
хааччыйыы бигэ ситимин олохтуур уолдьаста. Быйылгы дьылга онуоха сөп буолар оҕуруот аһын: 58 030 т хортуоппуйу, 8800 т хаппыыстаны, 3273 т моркуобу, 2330
т сүбүөкүлэни бас билиититтэн тутулуга суох бэйэбит хаһаайыстыбаларбыт оҥорон таһаардылар. Па дуо?
“Биһиги нэһилиэкпит дьонугар кэлбит аһы-үөлү барытын тэҥинэн, кими да матарбакка үллэрэбит. Ыал ахсын 12-лии киилэ хортуоппуй, аҕыйахтыы устуука
фрукта тигистэ. Сыл бүтүөр диэри өссө да икки “Күөх рейс” кэлиэхтээҕин күүтэбит” диэн дьарҕаалаахтар муҥнаахтар суруктарын ааҕан сүрэҕим ыарыйда…
Ньиэмэс сөмөлүөттэрэ буомбалааһыннарын,
артыллыарыйанан ытыалааһыннарын аннынан “Олох суола” диэн ааттаммыт Ладога хомонон өлө-өлө, тимирэ-тимирэ аһы-үөлү тириэрдиини кэтэһэр блокадаламмыт Ленинградтан сурук курдук…

Биэтэс Билээхэп

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0