БИЭТЭС БИЛЭЭХЭП: «Биир сомоҕо күүс буолуоҕуҥ»

Ааптар: 
15.11.2023
Бөлөххө киир:

Норуот күүһэ — көмүөл күүһэ. Бу күүһү кыайа тутан сомоҕолуур, сыалга-сорукка туһаайар, көҕүлүүр кыахтаах баһылык, салайааччы баар буоллаҕына, улуу дьыалалар оҥоһуллалларын устуоруйа чахчылара көрдөрөллөр. Түҥ былыргыны хасыһа барбакка эттэххэ, 80-с сыллар бүтүүлэригэр былааска ыттыбыт М. С. Горбачев-Мэҥнээх Мэхээлэ дьамакыраатыйа, көҥүл, аһаҕастык этии-тыыны диэн ааттаан биир сомоҕо сэбиэскэй норуоту бастара батарынан үрүө-тараа ыытан, 70-ча сыл салаллан кэлбит олохпут өйдөбүлэ, тутула, сиэрэ-туома көрүөх бэтэрээ эстибитэ. Итинтэн көстөр, норуоту хайдах илии салайара, хайа диэки хайыһыннарара. Итинник күөрэ-лаҥкы барыы, араллаан кэмигэр «Суверенитеты төһө кыайаргытынан ылыҥ!» диэн бэлиитикэни өрө туппут нуучча хоһууна, салайааччы Б. Н. Ельцин Арассыыйа судаарыстыбатын үрэллииттэн быыһаабыта. Бэйэлэрин дьаһанар тэҥ бырааптаах өрөспүүбүлүкэлэр, уобаластар Москуба тула сомоҕолоһон, Бэдэрээссийэ таһымынан дуогабар түһэрсэн Арассыыйа судаарыстыбатын олохтообуттара.

Оччолорго бүттүүн талбыт, суверенитетын биллэрбит өрөспүүбүлүкэбит бастакы бэрэсидьиэнэ Михаил Ефимович Николаев муударай салалтатынан, кини тула ыкса сомоҕолоһоммут ол ыар кэмнэри туруктаахтык, этэҥҥэ туораабыппыт. Атахпытыгар туран, саҥалыы өйүнэн-санаанан салайтаран сайдыы дьуолкалаах суолугар бигэтик үктэммиппит.

2001 сыл ыам ыйыгар улуу мотуок муус халҕаһата Ленскэй куораты имири сотон ааспыта, үрдүнэн охсубута. Бүтүн Арассыыйа атаҕар турбута. Судаарыстыба муҥур баһылыга В. В. Путин бэйэтинэн дьаһайан күүһү-кыаҕы үмүрү түмэн, сомоҕолоон, тимирбит куораты хотугу кылгас сайыҥҥа, 100 хонук иһигэр хаттаан туттарбыта. Норуот сомоҕолоһуутун күүһэ — көмүөл күүһэ дьиҥнээҕэ онно көстүбүтэ.

СОМОҔОЛОҺУУ диэн тыл, өйдөбүл суолтата үрдүүр, ыйааһыннанар кэмэ кэллэ. Хоту сир олохтоохторо, сүүһүнэн ааҕыллар омук-омуктар оннук-маннык туора көрсүбэккэ, маннааҕыбын-оннооҕугун дэспэккэ, санаабыт күүһүн түмэн, биир сомоҕо буоллахпытына эрэ бүгүҥҥү мүһэлгэни мүччү түһүөхпүт, дьоллоох, туруктаах олохпутун салгыахпыт.

1632 сыллаахха сэтинньи 4 күнүгэр земскэй ыстаарыста Кузьма Минин уонна дворянин Дмитрий Пожарскай нуучча норуотун сомоҕолоон, үйэлэргэ киирэр кыайыыны, көҥүлү ситиспиттэрин курдук, аан дойдуну аймаабыт, аан дойду үһүс сэриитин күөдьүтэ, күөртүү сатыыр “АНТАНТА”— НАТО ииримтийбит куомуннаахтарын утары охсуһууга Ийэ дойдубут — Арассыыйабыт бэрэсидьиэнэ Владимир Путин, Ил Дархаммыт Айыы Сиэн тула ыкса сомоҕолоһуоҕуҥ, түмсүөҕүҥ. Биһиги дьыалабыт кырдьыктаах, дойдубутун, бэйэбит көҥүлбүтүн, эйэлээх олохпутун көмүскүүбүт, кыайыы биһиэнэ буолуоҕа. Кылаабынайа, биир ньыгыл сомоҕо, биир ньыгыл Арассыыйа буолуоҕуҥ!

Түҥ былыргы Киевтээҕи Нуучча сириттэн кытыастар кутаа ортотуттан умайа турар атамаан Тарас Бульба: “… Кэм кэлиэ, нуучча православнай итэҕэлэ диэн тугун билиэххит! Билэбин, нуучча сириттэн ыраах, чугас норуоттар туруннулар. Аан дойдуга бу күүскэ бас бэриммэт диэн ханнык да күүс суох буолуоҕа!”— үөгүтэ үйэлэри уҥуордаан иһиллэргэ дылы.

Бэрэсидьиэммит В. В. Путин: “Биһиэхэ нуучча диэн өйдөбүл даҕааһын суолтатыгар: нуучча бүрээт, нуучча татаар, нуучча саха диэн өйдөнүллэр”, — диэн этэн турар. Оннук ээ, нуучча убай, нуучча бүрээт, нуучча татаар, нуучча тувинец, нуучча саха, нуучча калмык, нуучча башкир диэбит курдук, биир ньыгыл Улуу Күүс буоллахпыт!

+1
0
+1
0
+1
2
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0