Кыырай халлаан оройуттан
Кыыдамнаһан түһэннэр,
Кылбаа маҥан туллукчааннар
Кыһын бүттээ, диэтилэр…
Барахсаттар, сандал саас илдьиттэрэ, кылыгыраан, кылбаҥнаһан кэллэхтэрэ. Хойдон, сэллээн ыла-ыла хомураҕы тумнаннар, алаас ото соһуллубут айан суолун тутустахтара. Сыһыы, толоон сырдык ньуурун сылайбакка сыыйдахтара. Харалдьыкка сапта түһэн, хаардыын, сирдиин силбэстэхтэрэ. Билигин кинилэргэ ким да кыһаллыбат. Урукку биһиги курдук, доҕуурдаһар, бултаһар диэн өйдөбүл аны суох. Үөр туллук көтөн иһэригэр түбэстэхтэринэ, өскүөрүтүн: «Оо, туллуктар кэлбиттэр!» – диэн үөрэ, сэргэхсийэ түһүөхтэрэ.
Хаһан ас буһарын кэтэһэн хантаарыйа сытаммын төлөпүөммүн талкыйабын. Интэриниэти хасыһабын, араас «этэрбэс араадьыйата» ситимнэргэ кииртэлээн ону-маны ааҕабын. Хайыы, туллуктар хаартыскалара! Харалдьыкка олороллор, сорохтор хара бэлиэлээх кынаттарын саратан түһэн эрэллэр. Сандал саас оҕолоро, эчи ыраастарын, чэмэлкэйдэрин. “Саас кэллэ, саас кэллэ, санаа сайҕарар, эт-сиин эрчимирэр эриэккэс кэмнэрэ кэллилэр, үөйбэтэх үөрүүгүн үөтүтэр үтүөкэн күннэр үүннүлэр. Кырдьаҕас бөрө, тугу ордууланан, бүгэн сытаҕын, таһырдьа салгыҥҥа таҕыс!” – диир курдуктар. Хата, оҕо сааспын санаттылар…
Биэспэр сылдьар бэдик быһыылааҕым. Аҕам сылгы далыттан туллук бөҕөнү оҕуурдаан, кэтээн сытан халҕанынан баттатан аҕалбытын ийэм бэрт наҕыллык сыа-сым курдук тутан үргээн-астаан, хобордооххо арыыга ыһаарылаан сырдьыгынатан хортуоппуйдаах соккуой оҥорбутун күнүскү аһылыкка сиэри уоспун-тииспин оҥосто сылдьабын. Булт “буруолаабытынан” иһиттэн-үөһүттэн куоскабыт Баасык да маппата. Кэтэһэ таарыйа, таһырдьа ыстанан тахсан, саһааҥҥа сыстан күн сылааһыгар сыламныыбын. Ол турдахпына, өлүү-болдьох, эдэрчи Өлөксүөйэбэ биэлсэр сэгэлдьийэн ааһан истэҕинэ: «Биһиги туллук сиэхпиит, ийэм элбэх баҕайы туллугу ыһаарылаабытаа. Минньигэс да минньигэс туллук сиэхпиит», – диэн баар-суох сонуммун кэпсээччи буоллум.
– Тыый, тоойуом, Биэтээс, оттон ол минньигэс туллукуттан бэрсиий. Мин эмиэ туллук сиэхпин баҕарабыын, – дии-дии, күлэ-күлэ элэстэнэ турда. Мин иһиттим-истибэтиэм, аҕылаан-мэҥилээн, өрүтэ сыҥсыйа-сыҥсыйа дьиэбэр сүүрэн киирэн: «Ийээ, ити буоллаҕына, биэлсэр Өлөксүөйэбэ туллук сиэн баҕарар үһү. Туллукта бэрсиҥ диир», – диэн сыыҥпын тэлэгириэйкэм килэрийэн хаалбыт сиэҕин кырыытынан туора соттон, соруктаах баҕайытык өрө көрөн турдум.
Ийэм эрэйдээх даҕаны, өс киирбэҕэ уонна былыр дэриэбинэҕэ биэлсэр диэн, учуутал курдук эмиэ ытыктанар, саллыылаах киһи буоллаҕа, хап-сабар миискэҕэ саһарчы ыһаарыламмыт үс туллугу хортуоппуйдаан уган, саба хаппахтаан: «Илдьэн биэр», – диэн «оҕом сыыһа» дии-дии туттаран кэбистэ.
Сүүсчэ миэтэрэ тэйиччи көстөн турар салҕааһыннаах балыыһаҕа ойон-тэбэн тиийэн, биэлсэр олорор салҕааһынын аанын арыйа баттаан иһирдьэ тэлэкэчис гына түһээт, таҥна турар дьахтары көрөн, алаарыйан аппаллан турдум. Дьахтар часкыырыттан бууса соһуйан, куттанан, кэһиилэнэн кэлбит туллуктаах миискэбин түөспэр ыга туппутунан таһырдьаны былдьастым.
Туллукчааннар барахсаттар, ону-маны үөтүттэхтэрэ…