БИЭТЭС БИЛЭЭХЭП: «Бэтэрээннэрбит сэргэх сэбэрэлэрэ үөртэ»

Ааптар:  Биэтэс Билээхэп
Бөлөххө киир:

Аҕа дойду Улуу сэриитигэр Кыайыы күнэ чугаһаан, сонун-нуомас, сэһэн-сэппэн, куолу-хаадьы барыта ол туһунан. Сөп бөҕө буоллаҕа! Оччолорго саба түспүт өстөөҕү хорсун хоодуот уолаттарбыт кыайбатахтара буоллар, хайдах-туох олоххо кэлиэхпит биллибэт этэ…

Мин эмиэ, кырдьаҕас киһи, Кыайыы күнүн аайы долгуйарым, хараастарым, толкуйдуурум, бэл, бөлүһүөктүүрүм элбээн иһэр. Кырдьык, бэҕэһээҥҥи күннээҕэр былыр үйэҕэ ааспыт түгэннэри ахтарым дьэҥкэрэр. Биһиги нэһилиэккэ олорбут, үлэлээбит Аҕа дойду Улуу сэриитин бэтэрээннэрэ олус симик, сэмэй этилэр. Оҕо харахпынан көрдөхпүнэ, сирэйдэрэ-харахтара да сырдыгынан, ырааһынан, уоттаах харахтаахтарынан уратытык көстөр курдуктара.  Эгэ, сэриигэ сылдьыбыппыт диэн түөстэрин охсунуохтара баара дуо? Ол кэрэ сэбэрэлэрин билигин да сүтэрбэттэрин сөҕө көрдүм (кэрэ сэбэрэ диэн кэрэ аҥаардарга эрэ сыһыаннаан этиллибэт). Бэҕэһээ тэлэбиисэргэ көрдөхпүнэ,  бэйэлэрэ да аҕыйах хаалбыт куорат бэтэрээннэрин дьиэлэригэр баран эҕэрдэлээтилэр. Барахсаттар сирэйдэрэ-харахтара сырдыга, харахтарын уота өһөр санаата суоҕа, килбик мичээрдэрэ, өркөн өйдөрө үөртэ эбээт. Олох ыарахаттарын, сэрии алдьархайын бэйэлэринэн билбит дьон олоҕу таптыыллара бэрт буоллаҕа. Дьиҥэр, саастара ырааттаҕа. Биир бэтэрээн быйыл 99-с хаарын уулларар эбит. Барахсан, эһиил Кыайыы 80 сылыгар этэҥҥэ тиийдэр диэн Үрдүк айыылартан көрдөһөбүн. Алҕаһаабат буоллахпына, өрөспүүбүлүкэҕэ Аҕа дойду сэриитин 13 бэтэрээнэ хаалбыт.

Мин бүгүн өссө биир сонунтан үөрэн олоробун. Аҕа дойду Улуу сэриитин бэтэрээннэригэр Кыайыы 79 сылын көрсө
1 мөлүйүөнү биэрэр туһунан Ил Дархан ыйааҕа тахсыбыт. Бу дьолу! Кыайыы сыаната, өлүү-сүтүү хомолтото харчынан толуйуллубатын да иһин, болҕомто аата болҕомто буоллаҕа. Кинилэр бары да оҕолордоох, сиэннэрдээх, хос-хос сиэннэрдээх барахсаттар. Биир мөлүйүөн харчыны тутан, чугас дьоннорун үөрдүөхтэрэ турдахтара!

Онтон сэрии дьылларыгар төннөн, устуоруйаны эргитэ санаан көрдөххө, киһи кыһыйара-абарара эмиэ баар. Холобур, Ильмень күөл хабыр хапсыһыытын санаан ыллахпына, харахпыттан уу халыйан тахсар. Билигин сорохторго итиннэ хамандыырдар сыыһа  дьаһаммыттар диэн буруйдуу санааһын да баар. Аҕа дойду Улуу сэриитин устуоруйатын ханалыппакка, кырдьыктаахтык үөрэттэхтэринэ, син биир төһө эмэ үйэ да кэнниттэн орун оннугар түһүө диэн эрэл кыыма сүппэт. Ол барыта биһиги оҕолорбут кырдьыгы билэллэригэр, дойдуларыгар бэриниилээх буолалларыгар туһалыаҕа.

Сиэннэрим оскуолаҕа байыаннай-патриотическай үөрэх киллэриллибититтэн олус үөрэ сылдьалларын көрөбүн. Тоҕотун токкоолоспоппун, биһиги даҕаны итинник үөрэҕи эйэлээх кэмҥэ ааспыппыт. Уол оҕоҕо туһаттан атыны аҕалыа суоҕа. Сэрии эрэ буолбатын, ол үөрэхтэрэ туһалыахтаах  кытаанах кэм эрэ кэлбэтин!

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0