Биэтэс Билээхэп: Бэстээҕим барахсан…

14.05.2022
Бөлөххө киир:

Алын Бэстээх мыраанын дабайаат, ханна-ханна кэллим диэн соһуйан өлө сыстым. Оо, кырдьаҕас, ийэ буорбар үктэммэтэҕим, дойдубар сылдьыбатаҕым ырааппыт да эбит. Эдэр-сэнэх эрдэҕинээҕи үрүҥ буорунан өрүкүйэ олорор Бэстээхпин билбэтим. Алтан сэргэлээх, ураһалыы моһуоннаах саха итэҕэлин – Олоҥхо дьиэтэ, аттыгар көмүс куупалларынан күлүмүрдүү умайар нуучча Таҥаратын дьиэтэ, хоту, Чурапчылыыр суолунан арыый тэйиччи мусульманнар өрө хоройбут, кэлтэгэй ыйдаах үҥэр-сүктэр мечеттэрэ кылбаһан тураллара сөхтөрдө. Таас тутуу, Тимир суол техникума, Успуорт баараҕай дыбарыаһа, дьиэ-уот аспаалламмыт хорук суолу икки өттүнэн сэлэлии сандаарыспыттара – куорат куоратынан. Араас ааттаах-суоллаах маҕаһыыннар, атыы-тутуу кииннэрэ, ол аайы массыына тоҕуоруйуута, киһи бөҕө аалыҥнаһыыта сүрдэммит.

Буолумуна, илин эҥээрдэр, Амма, Таатта ааттаахтара, Чурапчы, Мэҥэ хоһууттара туттар тэриллэрин, наадалаах тиэхиньикэлэрин, ыал ийэлэрэ, хаһаайкалар астарын-үөллэрин уоптам атыылаһан, наадаларын ситиһэн эрдэхтэрэ. Мин даҕаны, таарычча өйүө-эҥин атыылаһаары хас да маҕаһыыҥҥа киирэ сылдьан баран, саҥабыттан матан таҕыстым. Ханна эрэ Орто Азия дойдутугар тиийэн хаалбыт курдук сананным. Били аҕа көлүөнэ дьон өйдүүр “Кумах куйаар үрүҥ күнэ” диэн киинэҕэ нуучча саллаата Сухов басмачтар тойоннорун ойохторун (гаремын) сирэйдэрин-харахтарын бүрүнэ сылдьар дьахталлары: “Фатима, Зульфия, Зухра, Гюли, Гюлчетай…” – дии-дии батыһыннара сылдьара бу баар курдук. Атыыны-эргиэни туркменнар дуу, таджиктар дуу баһылаан-көһүлээн илиилэригэр ылбыттар! Ол быыһыгар бүтүннүү хап-харанан бүрүммүт, харахтара эрэ эрилиҥниир “шахидкалары” “истэригэр туохтаах сылдьаллара буолла” диэн ытырыктата көрдүм.
Бу да буоллар, тугум эрэ тиийбэт курдук санаммытым. Онтум баара, саҥа Бэстээхпэр бэйэм дьоммун – биир да нуучча сирэйдээҕи көрбөтүм. Ханна баран хаалбыттарай… Ааспыт үйэҕэ, эдэр сааһым Бэстээҕэр, кинилэртэн ордук хаһаайыттар манна суох буолаллара. “Мы, Бестяхские робята, по-Бестяхски мы поем!” – диэн холуочуйан баран күөмэйдэрэ хайдарынан ыллыыллара, уоттаах соҕотох уулуссаларынан киэптээн хаамсаллара. Киэһэ аҕыс чаастаах бүтэһик оптуобуһу куоттардаххына, кырбаныы куттала буолара. Инньэ гынан, күһүҥҥү, кыһыҥҥы хараҥаҕа түүннэри Невер суолунан сатыы тэбинэргэ күһэллэрбит.
Бэстээҕим барахсан, уларыйбыккын, сайдыбыккын, тупсубуккун. Тимир суол ыстаал ыллыктарын сыттыктанан, “Лена”, “Бүлүү”, “Амма”, “Халыма” федеральнай суоллар харалҕан аартыктарынан Сахабыт сирин дойдубут киинин кытары ситимниир айан-сырыы, үөрэх-сайдыы, култуура эргийэр киинэ, Дьокуускай куораппыт илиҥҥи салгыыта буолаҥҥын үүнэ, омук-омугу түмэ, эйэлээх олоххо араҥаччылыы тур! Дойдулаах тураах, Биэтэс кырдьаҕас алҕаатаҕым буоллун.

Биэтэс Билээхэп

+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0