БИЭТЭС БИЛЭЭХЭП: Бэчээт, интэриниэт ситимэ кэккэлэһэ сайдыахтаахтар
Куорат оҕонньоро буоллаҕым. 75 сааспынан оҕолорум айпуон диэн аатырар аныгы төлөпүөнү «тугу гынарыҥ баара, сэргэхсий, аан дойду сонунун-нуобаһын билэ сырыт, үөлээннээхтэргин, эдэр эрдэҕинээҕи «дьүөгэлэргин» кытта бассааптаһан ыаһахтас» диэн бэлэхтээбиттэрэ. Сиэннэрим барахсаттар, таарыччы бэйэлэрэ талкыйа, оонньуу таарыйа, эһээлэрин үөрэтэн, добуочча бассааптаһар, интэриниэти да хасыһар кырдьаҕас буоллум.
Хор, бэйэбиттэн сөхтүм, кэлэйдим даҕаны. Бу кырдьаҕаһыҥ амтаһыйан, ылларан, аны бассааба суох сатаммат курдук буолан бардым. Харахпын хайа тардаат, дьиэлээхтэр өссө да утуйа сыттахтарына, «бээһээҥҥи кэннэ туох интэриэһинэйи суруйдулар, ханна туох буолла, ханна баһаар, абаарыйа буолла, ким кими үөхтэ-кэриэтээтэ, тугу мөккүстүлэр” диэн сыттыгым анныттан төлөпүөммүн хостообутунан барабын. Бу алдьархайы, иэдээни… «бэл мин, кэнним уһаабыт, инним кылгаабыт түөһээҥки иирэн эрэбин быһыылаах» диэн бэйэбиттэн бэйэм кэлэйэн дьааххана саныыбын.
Онон ааспыт XX үйэҕэ дьон-норуот арыгылааһын ыарыытынан сутуллубут буоллаҕына, сайдыылаах XXI үйэ олохтоохторо сыыппаралаах технология, интэриниэт сиэртибэлэринэн, дууһалара-духуобунастара кураанахсыйбыт дьон иччилэригэр кубулуйар кутталлаахтар. Сиэннэрбин саныы-саныы сүрэҕим ытырбахтыыр… Күннээҕи, сирдээҕи олохтон тэйэн, айах атан кэпсэппэт да буола аҥаарыйан, атын турукка, атын эйгэҕэ киирэн хаалбыт эрэйдээхтэрбит, бэл тыа сиригэр, уһуйаан саастарыттан төрөөбүт төрүт тылларын, сахалыы саҥаларын умнан эрэллэрэ норуот быһыытынан эстэн эрэр суолга киирбиппитин туоһулуур буолбатах дуо?
Күлүү гыммыт курдук, сылга биирдэ, олунньу 13 күнүгэр, Ийэ тыл, сурук-бичик күннээхпитин өйдөөн-санаан “һуу-һаа” бөҕөтүн түһэрэбит, судаарыстыбаннай таһымнаах тылларбытын сайыннарыыга бачча үп-харчы тыырылынна, оччо бырагыраама олохтонно диэн дакылаат, отчуот бөҕө буолабыт уонна… ийэ тылбытын харыстааһын, сайыннарыы булгуруйбат тирэҕинэн буолар сурукпутун-бичикпитин, сахалыы бэчээппитин, хаһыаттарбытын симэлитэр, суох оҥорор бэлиитикэни тутустубут. Ол содулугар төрөөбүт төрүт тылбытын тутахсыттыбыт, сахалыы саҥабытын саппаҕыртыбыт. Үөрэҕэ суох, хараҥа саха хаһыаты, кинигэни, бэчээтинэй бородууксуйаны ууруна сылдьан ааҕан саха буолбута, олоххо, бэлиитикэҕэ, култуураҕа кыттыһан сайдыыга тардыспыта. Сыыппара, интэриниэт, куйаар ситимигэр охтон, дьон-сэргэ оҕотуттан саҕалаан хаһыаты, литэрэтиирэни таптаан, умсугуйан ааҕар үөрүйэҕин симэлиттибит.
“Кэмчилиэххэ наада эрээри, бэчээт эйгэтигэр буолбатах”, – диэн бастакы бэрэсидьиэммит М.Е.Николаев хайдахтаах өтө көрөн эппитэй. Бэчээт суолтатын, кыаҕын, күүһүн ити курдук үрдүктүк сыаналыыра! Нассынаалынай өрөспүүбүлүкэҕэ Нассынаалынай бэчээт күнүн олохтообута Ил Дархаммыт Айсен Николаев хаһыат, бэчээт оруолун үрдүктүк тутарын туоһулуур. Бэчээт эйгэтэ уонна сыыппарабай сибээс ситимэ кэккэлэһэ сайдан, аналитиканан, публицистиканан, дириҥ ырытыылаах суруйууларынан уонна буруолаабытынан сонуннары тутатына, киэҥник тарҕатыынан бэйэ-бэйэлэрин ситэрсэн-толорсон биэрдэхтэринэ, өрөспүүбүлүкэбит, норуоппут инники сайдыыларыгар судаарыстыба, уопсастыбаннас икки ардыларыгар ыкса сибээс олохтонуо, тулхадыйбат далаһа ууруллуо турдаҕа.