Биэтэс Билээхэп: Байконур кыраһаабыссата – саха кыысчаана
Отут сыл анараа өртүгэр этэ, Байконур космодромҥа 8-с кылаас үөрэнээччитэ уу саха кыысчааны анаан-минээн көрдөрбүттэрин, билиһиннэрбиттэрин, онно соһуйбуппун, бэккиһээбиппин билиҥҥээҥҥэ диэри умнубаппын. Саха хаана хайдахтаах баһыйарын, күүстээҕин илэ көрөн итэҕэйбитим.
ССРС ракетнай-космическай сэриилэрин командующайа генерал-полковник Иванов: “Саха сирин дэлэгээссийэтигэр барытын көрдөрүҥ, кэпсээҥ. “Ракетнай уматыгынан” күндүлээҥ!” — диэн хара ааныттан бэйэлэрин “тылларынан ”күлэ-үөрэ бирикээстээн, ытыс үрдүгэр сылдьыбыппыт.
Космодром байыаннай гарнизонун хамандыыра, транспортнай хараабыллар көтүтүллэр хаҥас кынат начаалынньыга полковник Леонид Павлович Горюшкин үс күн устата тыҥ хатыаҕыттан им сүтүөр диэри бэйэтинэн арыаллаан, сир аннынан-үрдүнэн араас сыахтарынан, лабораторияларынан, космонавтар дьарыктанар, эрчиллэр, сынньанар сирдэринэн сырытыннаран, бэл, өйүүн халлаан куйаарыгар көтүөхтээх, тимир суол платформатын үрдүгэр таҥыллан бэлэм, ытыллан тахсар былаһааккатыгар бараары сытар аракыатаны туттаран-хаптаран, имэрийтэрэн-томоруйтаран көрдөрбүтэ.
Иккис күммүт киэһээтигэр, эмис хой этинэн сырдьыгынатыллыбыт, киһи айаҕар ууллар шашлыгы уобалыы олорон, хой баһын туойан: “Леонид Павлович, гарнизон начаалынньыга бэйэҕинэн биһигиттэн арахсыбаккын. Аймахтаргын, биир дойдулаахтаргын көрсүбүт курдуккун”, — диэччи буоллум. Полковнигым өрө көтө түстэ: “Биэтэс, уот харахха ыйыттыҥ! Бэйэм да этээри гына-гына, кыайан тылым тахсыбакка эрэйдэнним. Мин эһиги, сахалар, күтүөккүт буолабын ээ. Кэргэним, Людмила Николаевна, саха хааннаах казачка. Онон аймахтыыбыт”, — диэн, һуу-һаа буолан үрүүмпэ охсуһуннарбыппыт.
Сэрииттэн эргиллэн иһэр эр бэрдэ, саха саллаата оҕо оҥорон кэбиспит. Кыыстаах уол холбоһоору гыммыттарын, кыыс дьоно буолумматахтар. Биһиги киһибит “оннук буоллаҕына” диэн баран, дойдутугар суолун көннөрбүт. Полковник Горюшкин анаан-минээн дьиэтигэр ыалдьыттата илдьэн: “Вот наша Катериночка, якуточка красавица”, — диэн кыысчааннарын кытта билиһиннэрбитэ. Самыытынан сааллар уп-уһун хап-хара баттаҕын саха дьахтарыныы икки аҥыы хайа тарааммыт, тэстиэх айыылаах уутуйбут моонньоҕон курдуктарынан тэрбэччи көрбүт мылаллыбыт саха кыыһа чаҕылыйан-сандаарыйан, мичээрдээн мичилийэн: «Здравствуйте!», — диэбитинэн утары туран кэлбитэ.
Ыраах Байконурга, аракыаталар халлааны хайа суруйан тахсар сирдэригэр, уу саха нуучча кыысчаанын киэн тутта: “Наша, якутская кровь!” — диэн сүүһүттэн сыллаан ылбытым.
Биэтэс Билээхэп