БИЭТЭС БИЛЭЭХЭП: «Бааттаах балыксыттан дьоллоох, ама, ким баар буолуой!»

Ааптар:  Биэтэс Билээхэп
09.11.2024
Бөлөххө киир:

Буотама үрэх… «Өлүөнэ аар-саарга аатырбыт остуолбалара бу мин кытылбыттан саҕаланаллар» диэбиттии, туруук таас хайа очуостарын халлааҥҥа харбаһыннара өрө анньан, кыһыннары тоҥмокко сиикэйдээн сүүрдэн кылыгырата, халыҥ хаарынан үллүнэн иһийэн сытар. Ол гынан, Ийэ айылҕабыт дьиктилээхэй түбэтигэр, түҥ тайҕа быыһыгар тыынар тыыннаах уһуктаҕаһын ып-ыраас муус-хаар «кинигэтэ» кэпсиир, ырылыччы көрдөрөр.

Ырбыы сиикэйигэр, алларбыт ойбоҥҥор умса түһэн өҥөйдөххүнэ, маанылаах быйыттар, дьарҕаалар субу устаҥнаһаллар. Эн чиэрбэлээх, опарыш дэнэр, сахсырҕа буолан көтөр үөннээх күрүчүөккэр кыһанан да көрбөккө кыһыталлар. Үрэҕи кыйа талах быыһыгар кулааһайдар мэччийэн хаары оймообуттара куобах мэнээгин саҕанааҕыны санатар. Саһыл, саарба, сиэгэн, бэл бөрө үрэҕи туора-быһа охсон ааспыттара да көстөр. Сүүрээҥҥэ уонча сылтан биллэр буолбут нуорка кыыл чөм-чөм тэһитэ үктээн киирэн уулаан тахсыбыт суола бу сытар. Ити барыта биһиги, балыксыттар – муус аннынан күөгүһүттэр – тэспит ойбоммутуттан ырааппатах ыырбыт иһинэн «ааҕыллар» суол-иис.

Буотама – түҥ былыргыттан эбэҥки биис уустара олорбут, бултаабыт сирдэрэ. Күн бүгүн манна сэттэ община бэйэтэ сыһыарыллыбыт сирдээх-уоттаах, баазалаах. Эһээлэрэ, аҕалара – бэдэри атынан эккирэтиннэрэн ситэн, үрдүгэр түһэн тыыннаахтыы тутар кыахтаах чулуу булчут, сылгыһыт дьон – бултаабыт, балыктаабыт сирдэригэр билигин кинилэр ыччаттара, күөгэйэр күннэригэр сылдьар уолаттара хаһаайыннарынан буолаллар.

Кыһынын Буотамаҕа мэнээк киһи санаммат дойдута эбит. Сырыыны-айаны, эриири-мускууру тулуйар кыахтаах, кыанар, булт-балык диэн баран муннукка ытаабыт эрэ дьон тиийэр сирдэрэ. Айаас ат барахсан диэн баар дуо, аныгы «Буран» диэн тимир көлө тэйиэккэс, түөрэҥнэс сыарҕатыгар хас биир боллоору, быллаары аахтара ыстаҥалатан, бу сууллаары, ити эһиллээри ол куттала. Били, ииригирбит атыыр оҕуһу мииммит хайа эрэ Мальборо, Манчестер дуу матадора өрө сахсылларын курдук. Аны ити лабаа, бу талах сирэйгин-хараххын быһа кымньыылыырыттан саптан, аһара сатаан муҥ бөҕө. Түөрт чаас айан уһунуон, тиийиэхтээх сириҥ эчи кэлэн биэрбэтиэн… Ол оннугар балык хабан тардыалыырын илиигэр биллэххинэ, өрө тэйиэккэлэппитинэн ойбонтон ороон таһаардаххына, сылаа-сылба, тоҥуу-хатыы, көһүйүү-ыарыы барыта умнуллар. Бааттаах балыксыттан ордук дьоллоох, ама, ким баар буолуой!

+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0