Гражданскай сэрии аатырбыт дьоруойа, номоххо киирбит комдив Василий Иванович Чапаев, кини ординареһа Петька, бүлүмүөччүк Анка тустарынан төһөлөөх анекдот бөҕө кэпсэммитэ, норуот уус-уран болкулуоругар кубулуйбута буолуой? Үгүс көлүөнэ дьон истэрин тарбана-тарбана, иэрийэ күллэхтэрэ-саллахтара, адреналин бөҕөнү ыллахтара…
Аҕа дойду Улуу сэриитин кэмигэр саха саллааттарын мүччүргэннээх сырыыларын, өлөр-тиллэр түгэннэртэн мүччү туттарыыларын туһунан уҥуоҕа суох тыллаахтар бэтиэхэлээх кэпсээннэрэ эмиэ биир оннук, эдэри-эмэни “быара суох” ыытан, уостан-уоска бэриллэн билиҥҥээҥҥэ диэри кэпсэнэллэр.
Мин даҕаны, Улуу Кыайыы өрөгөйдөөх бырааһынньыга бу тиийэн кэлэн, сэргэхсийбиччэ, хорсун саллаат Бүөтүр туһунан көрдөөх кэпсээни өйдөөн-санаан кэллим. Былыр, сэбиэскэй саҕана, сэрииһит кырдьаҕастар өссө тыыннаах эрдэхтэринэ, оҕолоро, сиэннэрэ Кыайыы күнүнэн сибээстээн, оскуолаҕа көрсүһүүгэ ыҥыран гуорун, барабаан ньиргиэринэн доҕуһуоллатан кыһыл хаалтыһы моонньуларыгар баайан, бочуоттаах пиэнньэргэ ылаллара. Төгүрүктээн олорон хайдах сэриилэспиттэрин туһунан кэпсэтэллэрэ.
Биһиги дэриэбинэҕэ сэрии кэнниттэн сынньалаҥҥа тахсыар диэри тырахтарыыстаабыт, сүрдээх дьээбэлээх, кэпсээннээх-ипсээннээх Бөлөрүүс Бүөтүрү ыҥыран, кэпсээ диэн көрдөспүттэр. Кырдьаҕастара үөннээҕинэн мүчүҥнүү-мүчүҥнүү кэпсээччи буолбут:
– Дьэ туран, биир уоттаах кыргыһыыга биһиги сабырыйтаран, ньиэмэстэртэн куот да куот. Олох тилэх батаһа иһэллэр. Ээ, мин, маҕыйа-маҕыйа инним диэки түс да түс! Биримээнэ тобуктарым түөспэр охсуллаллар, тиҥилэхтэрим кэтэхпэр саайыллаллар. Ньиэмэстэрим да, абытай сүүрүүктэр эбит, туох иһин хаалсыбаттар. Өссө хаһыытыыллар: “Бүөтүүр, тохтоо, илиигин өрө уун, бэрин!” – дииллэр.
– Эс, наһаа дии. Ол ньиэмэстэр ала-чуо эн ааккын хантан билэллэр? – оҕолор бэккиһээн саҥа аллайсаллар.
– Тыый, түөрт сылы быһа эллэһэн, сэриилэһэн баран хайдах билиэхтэрэ суоҕай,..– Бөлөрүүс Бүөтүр ымыт да гыммат, эппиэтэ бэлэм.